Чэпчэтиилээх ипотекаҕа эбии 5,5 млрд солкуобай көрүлүннэ

Бөлөххө киир:

РФ бырабыыталыстыбата чэпчэтиилээх ипотеканы субсидиялааһыҥҥа эбии 5,5 млрд солкуобайы көрдө. Санатан суруйдахха, бу ипотека дьоҥҥо-сэргэҕэ көмө быһыытынан былырыын РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин этиитинэн киирбитэ.

РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин мунньахха бэлиэтээбитинэн, федерация хаһаас пуондатыттан 5,5 млрд солкуобайы көрүү, бастатан туран, Арассыыйа баана ипотекаҕа бэриллэр ставкатын улаатыннарбытын кытары сибээстээх. Былырыын бу бырагыраама оҥоһулларыгар, кирэдьиит бырыһыана 6,5% тэҥнэһэр этэ. Бу көмөнөн 622 тыһыынчаттан тахса киһи туһаныан сөп.

Билигин чэпчэтиилээх 7% ипотеканан ким баҕарар туһаныан сөп. Кирэдьиити дьиэ, кыбартыыра атыылаһыытыгар эбэтэр дьиэ туттуутугар туһаныахха сөп. Кирэдьиит 3 мөлүйүөн солкуобайга диэри бэриллэр, ипотекаҕа бастакы усунуоһа 15% тэҥнэһэр. Чэпчэтиилээх ипотека бырыһыанын уонна билигин бааннар тутан олорор бырыһыаннарын араастаһыытын судаарыстыба толунар. Бу бырагыраама быйыл сэтинньигэ диэри былааннаммытын, 2022 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри уһатан биэрбиттэрэ.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0