Бүгүҥҥүттэн Уһук Илин эрэгийиэннэрин олохтоохторугар, ол иһигэр Саха сиригэр, салгын тырааныспарынан көтүүгэ чэпчэтиилээх билиэттэр атыыга таҕыстылар. Дьокуускай-Москва хайысханан 6780-10000 солкуобайга көтүөххэ сөп.
Дьокуускай-Москва хайысханан “Якутия” авиахампаанньа билиэти 10000 солкуобайга атыылыыр. Чэпчэтиилээх билиэттэринэн бу сыл алтынньы 31 күнүгэр диэри туһаныахха сөп. Маны таһынан атын авиахампаанньалар эмиэ бэйэлэрин сайтарыгар чэпчэтиилээх билиэттэри атыыга таһаардылар. Холобур, “С7” авиахампаанньа саамай чэпчэки билиэти бу хайысханан 6780 солкуобайга атыылыыр.
Санатан эттэххэ, бу чэпчэтиинэн сааһыттан тутулуга суох Уһук Илин эрэгийиэннэрин бары олохтоохторо туһаныахтарын сөп. Саҥа нуорма “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа киллэриитинэн, РФ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан былырыын киирбитэ, бу иннинэ биэнсийэлээхтэргэ уонна 23 саастарыгар диэри саастаах дьоҥҥо чэпчэтиилээх билиэт көрүллэр этэ.
Аграфена КУЗЬМИНА