Чэпчэтиилээх билиэтинэн көтүү быраабылата (элбэх оҕолоохторго)
Бу кыһынтан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр чэпчэтиилээх билиэттэринэн туһанан көтөр бырааптаннылар. РФ бырабыыталыстыбатын 2018 сыл сэтинньи 14 күнүнээҕи 1372 №-дээх уурааҕынан, Уһук Илин регионугар федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр субсидиялаах билиэттэринэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр эмиэ туһанар буоллулар.
Манна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн буолалларын туоуһулуур дастабырыанньа ирдэнэр. Санатар буоллахха, хас оҕоттон саҕалаан “элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн” буолар статуһу эрэгийиэннэр бэйэлэрэ быһаараллар. СӨ «Об охране семьи, материнства, отцовства и детства в Республике Саха (Якутия)» сокуонун чэрчитинэн, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аатын 18 сааһын туола илик үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыал ылар.
2013 сыллаахха СӨ бэрэсидьиэнэ таһаарбыт ыйааҕын чэрчитинэн, элбэх оҕолоох ийэлэргэ уонна аҕаларга (соҕотоҕун иитэр буоллаҕына) түөскэ кэтиллэр анал бэлиэ уонна дастабырыанньа туттарыллар. Бу бэлиэни уонна дастабырыанньаны социальнай көмүскэл управлениетыгар тиийэн сайабылыанньа суруйдахха, биир төрөппүт аатыгар биэрэллэр.
Онтон СӨ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтин 2018 сыл ахсынньы 5 күнүнээҕи 1372-ОД №-дээх бирикээһинэн, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн иккис төрөппүтүгэр эмиэ чэпчэтиилээх билиэтинэн туһанар кыах бэриллэр. Ону бигэргэтэр ыспыраапканы социальнай көмүскэл управлениета биэрэр.
Ыспыраапканы ылар туһуттан, управлениеҕа тиийэн, маннык докумуоннары туттараҕыт:
а) Ыспыраапканы ылар туһунан сайабылыанньа;
б) Төрөппүттэр пааспардарын куоппуйата;
в) Оҕолор “Төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэлэрин”, пааспардарын куоппуйата;
г) “Кэргэннии буолуу туһунан сибидиэтэлистибэ” куоппуйата.
Чэпчэтиилээх билиэттэри ыларга, авиаагентстволарга тиийэн, маннык докумуоннар ирдэнэллэр:
— Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн дастабырыанньатын ийэ көрдөрөр. Аҕа оҕолорун соҕотоҕун иитэр буоллаҕына, эмиэ маннык дастабырыанньаны илдьэр, киниэхэ ыспыраапка наадата суох.
— Аҕа «элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн» буолалларын туоһулуур ыспыраапканы көрдөрөр. Онон кини эмиэ чэпчэтиилээх билиэтинэн туһанар.
Оттон маннык дастабырыанньаны урут, 2016 сыл иннинэ улуус, нэһилиэк дьаһалталарыттан ылбыт буоллахтарына, ол эмиэ суолтатын сүтэрбэт, туһаныллар. Арай, улахан оҕолоро 18 сааһын туолбут уонна иитиллэр оҕо ахсаана үстэн аҕыйах буоллаҕына, дастабырыанньа туһаныллар болдьоҕуттан тахсар, дьиҥэ суоҕунан ааҕыллар.
Субсидиялаах билиэттэринэн Уһук Илинтэн Арассыыйа куораттарыгар сылы эргиччи көтүөххэ сөп. Холобур, Москваҕа, Санкт-Петербурга диэри билиэт сыаната — 7 тыһ. солк., Хабаровскайга, Иркутскайга – 2,5 тыһ. солк., Новосибирскайга – 5,5 тыһ. солк., Сочига – 7,8 тыһ. солк.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru