Чэпчэтиилээх билиэт сыаната төһөнүй?

Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускай —  Москва – Санкт-Петербург хайысхаларга көтүүгэ  (төттөрү эмиэ) алтынньы 21 күнүттэн сэтинньи 21 күнүгэр диэри  чэпчэтиилээх билиэт атыыланыа. Итини тэҥэ, Нерюнгри – Москва хайысханан чэпчэтиилээх билиэт эмиэ баар.

Дьокуускай – Москва  уонна  Дьокуускай – Санкт-Петербург хайысхаларга биир өттүгэр көтүү сыаната 9 200 солк. буолар (агентскай төлөбүрү киллэрбэккэ туран). Оттон «Нерюнгри – Москва»  хайысха —  9 700 солк. тэҥнэһэр (агентскай төлөбүрү киллэрбэккэ туран).  Чэпчэтиилээх билиэтинэн Уһук Илиҥҥи уокурукка олороллорун туоһулуур бырапыыскалаах дьон туһаналлар.

Анал чэпчэтиилэр

2-тэн 12-гэр диэри саастаах оҕолорго 25 %-наах чэпчэтии көрүллэр.  Босхо багаж 20 киилэҕэ, илиигэ тутуур 10 киилэҕэ диэри.  Тустаах авиабилиэттэри  Уһук Илин уокурукка  баар бары авиакассалартан ылыахха сөп.  «Итии» төлөпүөн нүөмэрэ: 8-800-700-21-90

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0