“Москваҕа, Санкт Петербурга, Сочига диэри чэпчэтиилээх билиэттэр номнуо атыыланан бүппүттэр үһү”, — диэн дьон кэпсэтэрин үгүстүк истэр буоллум. Сыл бастакы ыйа да бүтэ илигинэ атыылана охсубут буоллаҕына, сайын уоппускаҕа барааччылар удамыр сыаналаах билиэккэ тииһиниэ суохтар эбит.
edersaas.ru
Арааһа, туруорсааччы дьон элбэҕинэн сибээстээн эбитэ дуу, бу күннэргэ РФ тырааныспарын министиэристибэтэ бырабыыталыстыбаҕа Уһук Илин эрэгийиэннэригэр көтүүгэ чэпчэтиилээх билиэттэр ахсааннарын элбэтиигэ эбии 5,2 миллиард солкуобайы көрөр туһунан этии киллэрдэ. Билигин Дьокуускайтан Москваҕа диэри билиэт сыаната 21-25 тыһыынча солкуобай. Сайыҥҥы өттүгэр икки бүк улаатар. Оттон чэпчэтиилээх көтүү – 8000 солкуобайга тэҥнэһэр.
Уһук Илиҥҥэ көтүүгэ эбии үбүлээһин көрүлүннэҕинэ, 785 тыһыынча киһи чэпчэтиинэн туһанар кыахтаныаҕа. 2019 сылга бу сыалга анаан федеральнай бүддьүөттэн 3,8, ол иһигэр Уһук Илиҥҥэ 2,8 миллиард солкуобай көрүллүбүтэ. Росавиация чахчыларынан, ааспыт сылга 444 тыһыынча билиэт атыыламмыт. Бу сылга көрдөрүү төһө эмит улаатар чинчилээх. Чэпчэтиилээх рейстэри «Аэрофлот», «Уральские авиалинии», «АЛРОСА», «Сибирь», «АЗИМУТ», «Якутия», «НордСтар», «Нордавиа», «ЮТэйр», «ИрАэро» авиа-хампаанньалар оҥоруохтара.
Саха сирин сүрүн авиахампаанньата – “Якутия” АХ 19 хайысханан чэпчэтиилээх көтүүлэри оҥорор. Ол курдук Дьокуускайтан Владивостокка, Москваҕа, Санкт-Петербурга, Сочига, Красноярскайга, Новосибирскайга, Екатеринбурга, Благовещенскайга, Иркутскайга, Магадаҥҥа, Хабаровскайга, Южно-Сахалинскайга, Нерюнгриттан Новосибирскайга, Москваҕа, Анадырьтан Хабаровскайга, Певектэн Москваҕа, Хабаровскайтан Южно-Сахалинскайга, Магадантан Владивостокка, Өлүөхүмэттэн Иркутскайга көтөр.
Быйылгыттан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр чэпчэтиилээх билиэттэринэн туһанан көтөр бырааптаннылар. РФ бырабыыталыстыбатын 2018 сыл сэтинньи 14 күнүнээҕи 1372 №-дээх уурааҕынан, Уһук Илин эрэгийиэнигэр федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр субсидиялаах билиэттэринэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр эмиэ туһанар буоллулар.
Анивера АКИМОВА, edersaas.ru