Чэпчэки кирэдьииттэн хаһыытаппытынан мэлийэн эрэбит…

Бөлөххө киир:

Бэркиһиэх иһин, аны бэйэбит олус бытаардыбыт. Россия киин уобаластарыгар боломуочуйалаах бааннар тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларга 5 бырыһыаннаах кирэдьиити биэртэлээн эрэллэрин туһунан сир-буор аннынан иһиллибитэ быданнаатта.

Василий Никифоров, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бу боппуруоска анаммыт видеоселекторынан сүбэ мунньаҕы бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы-тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Петр Алексеев аан маҥнай олунньу 15 күнүгэр салайан ыыппыта. Ол кэнниттэн үс мунньах буолла. Ол тухары хамнааһын суох, сыарҕабыт сыҥааҕа баччаҕа диэри хоҥно илик. Баатыгарын, мууска букатын хам сыстыбыт быһыылаах…

Мунньах аайы биир ырыа: «Оччо-бачча киһи кирэдьиит ылыан баҕарар, хас эрэ хаһаайыстыба сайаапкатын туттараары, докумуонун хомуйса сылдьар», — иһиллэр. Күн бүгүнүгэр диэри биир даҕаны хаһаайыстыба соххор солкуобайы баантан иэс ыла илик. Россельхозбаан Саха сиринээҕи салаатын отделын начаалынньыга Николай Петров сабаҕалыырынан, бастакылар кулун тутар 20 күнүттэн саҕаланар нэдиэлэҕэ ылыахтарын сөп.

Кэлиҥҥи икки мунньаҕы миниистири бастакы солбуйааччы Наталья Дягилева салайан ыытта. Кулун тутар 3 күнүнээҕи видеоселекторга өлүөхүмэлэр, таатталар Сбербаан, сунтаардар Россельхозбаан өттүлэригэр клиеннэри (физическэй сирэйдэри) кытта эрэ үлэлэһэр соҕотохтуу менеджердээх буоланнар, докумуоннарын офистаах ыаллыы Ленскэйгэ, Чурапчыга уонна Сунтаартан Бүлүүгэ тиксэрэргэ күһэллэллэрин этиммиттэрэ.

Элбэх улуус маннык кыһалҕалааҕын иһин, Наталья Ивановна Россельхозбаан, Сбербаан бэрэстэбиитэллэрин кытта сүбэлэһэн баран: «Кирэдьиит ылыан баҕалаахтары пааспардарын, ИНН-нарын дааннайдарын, аадырыстарын ыйан туран, биһиэхэ испииһэктээн ыыттаххытына тустаах бааннарга тиксэриэхпит. Оччоҕуна, дьону хос-хос сүүрдэн эрэйдээбэт гына, бааннар көрөн-үөрэтэн баран, ким ылыан сөптөөҕүн чуолкай быһаарыахтара», – диэн ыйыы биэрбитин кулун тутар 10 күнүгэр ыыппыт мунньаҕар санаппытыгар ким даҕаны муннунан-айаҕынан салгын таһаарбата. Улахан хаһаайыстыбалар бары сыллааҕы отчуоттарын туттарар түбүккэ сылдьар аатырдылар.

Наталья Дягилева быһаарарынан, биһиги өрөспүүбүлүкэбит тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарарыгар 125 мөл. солкуобай кылгас болдьохтоох кирэдьиити ылыахтааҕа 197 мөл. солкуобайга диэри эбиллибит. Ол аата чэпчэтиилээх кирэдьиити биэрэр бааннар бырыһыаннарын сапталларыгар 9,5 мөл. солк. кээмэйдээх толуйуу оннугар 14,8 мөл. солкуобайы ылыахтара. Оттон инвестиция хайысхатыгар 2 сылтан 15 сылга диэри болдьоххо бэриллэр чэпчэтиилээх кирэдьиит уопсай хочуолга угуллубут. Ол эбэтэр «урут турбут чыычаах тумсун соттор, хойутаабыт хараҕын хастар» балаһыанньата үөскээбит. Биһиги хаһаайыстыбаларбыт хаһан уһуктан, өйдөнөн биирдии, уоннуу мөлүйүөннэрин ылыахтарыгар диэри миллиардынан үбү эргитэр кыахтаах агрохолдиннардаах киин уобаластар аҕыйах миллиарды ыйысталлара илэ-чахчы.

Манна даҕатан эттэххэ, кэтэх хаһаайыстыбалаахтарга чэпчэтиилээх кирэдьиити биэрии механизма бүгүҥҥэ диэри оҥоһулла илик. Дойду киин өттө кэтэххэ улаханнык долгуйбат. Кыһалҕалаахтар – Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук уонна Забайкалье олохтоохторо. Бытархайдарга, кыамматтарга олус үчүгэй тосхоллоох дьаһал ылылынна гынан баран, Виктор Черномырдин эппитин курдук, Россия «үйэлээх үгэһиттэн» туораабат дьылҕаланна быһыылаах…

Василий Никифоров, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0