Тохсунньу 21-22 күннэригэр “Триумф” Спорка бэлэмнэнии киинигэр уонна Н.Н.Тарскай аатынан “Туймаада” стадион манеһыгар Саха сирин чэпчэки атлетикаҕа дьиэ иһинээҕи кыһыҥҥы чөмпүйэнээтэ ыытыллар. Сүүрүүлэр — “Триуфмка”, ыстаныылар — “Туймаадаҕа” буолаллар. Чөмпүйэнээккэ ситиһиилээхтик кыттыбыт спортсменнар өрөспүүбүлүкэ хамаандатын састаабыгар киирэн Россия күрэхтэһиитигэр кыттыахтара.
Петр ПАВЛОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Спортсменнар үрдүгү уонна ырааҕы ыстаныыга, дьаадараны анньыыга, 60, 200, 400, 800, 1500, 3000 м дистанцияларга, 4×100 м эстафетаҕа күрэхтэһиэхтэрэ.
Чөмпүйэнээти үөрүүлээхтик аһыы – субуотаҕа күнүс 15:00 чаастан саҕаланар.
Манна даҕатан эттэххэ, былырыыҥҥы маннык күрэхтэһиигэ 170 спортсмен илин-кэлин түһүспүтэ. Күрэхтэһии бастакы күнүгэр Михаил Жарин (Амма) 60 миэтэрэ дистанцияны 6,5 сөк. кэлэн, өрөспүүбүлүкэ саҥа рекордун олохтообута. Бу иннинэ рекорд 6,6 сөкүүндэҕэ тэҥнэһэрэ. Уһуну ойууга Дыгын оонньуутун кыайыылааҕа, 2016 сыл түмүгүнэн Саха сирин уон бастыҥ спортсменнарын кэккэтигэр киирбит Егор Филиппов тэҥнээҕин булбатаҕа. Онон быйылгы да күрэхтэһии үрдүк көрдөрүүлээх буоларыгар эрэниэҕиҥ.
PS: Чөмпүйэнээт хайдах түмүктэммитин, кимнээх кыайбыттарын, исписэлиистэр санааларын биһиги сайтпытыттан ааҕан билиэххит.
Петр ПАВЛОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа: 1500 миэтэрэҕэ бастаабыт, 3000 м дистанцияҕа иккистээбит Дьулус Елисеев (инники).