Чөмпүйүөн Лев Павловка истиҥ эҕэрдэлэр, бэртээхэй уруһуйдар ананнылар
Саха дьоно-сэргэтэ успуорду сэҥээрэр, ол тула түмсэр. Ордук тустуу ураты суолталааҕын ким да мэлдьэспэтэ буолуо. Икки бөҕөс күөн көрсөн киирсэрин ыал ыалынан тыыммакка да олорон, кыайыыны-хотууну баҕаран көрөллөр.
Тустууга, хапсаҕайга саха дьонун олоҕо-дьаһаҕа, өйө-санаата, мындыра баар диэтэхпитинэ арбатыыта суох буолуо. Олохпут бэйэтинэн даҕаны хапсыһыы буоллаҕа. Уол оҕо барахсан уһун сайыны быһа окко үлэлээн, ыраас чэбдик салгынынан тыынан, өҥүрүк куйааска уһаарыллан, ардаҕы аннынан үлэлээн кииллийэр, буһар-хатар. Көҥүл тустууга ССРС чөмпүйүөнэ Петр Попов кыра эрдэхтэн эт-хаан өттүнэн оҕону сайыннарыы эрэ кэлин улахан успуорка тириэрдэр диэн бэлиэтээн турар.
Ол курдук, муус устар 15 күнүгэр Лев Павлов 21 саастарыгар диэри уолаттарга көҥүл тустууга Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһиигэ кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ! Дойдубут 43 эрэгийиэниттэн 300-тэн тахса тустуук кииристэ. Туймаада хочото, Дьоллоох Дьокуускай куорат күрэхтэһиини иккиһин ыытар, бастакытын 2006 ыытыллыбыт эбит.
Биһиги сүрэххэ төлөнү уматар муус устар ый дьоруойун кытта кэпсэттибит:
— Кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын?
— Мин олунньу 6 күнүгэр 2004 сыллаахха Усуйаана улууһун Депутатскай бөһүөлэгэр төрөөбүтүм. Алта сааспар диэри Хаһааччыйаҕа олорбутум. Бииргэ төрөөбүт бэһиэбит — түөрт уолу кытта биир балтылаахпыт.
— Тустуу аартыгар, көбүөргэ хаһан үктэммиккиний? Бастакы тириэньэриҥ кимий?
— Тустуунан 2011 сылтан, ол аата сэттэ сааспыттан дьарыктанабын. Бастакы тириэньэрбинэн аҕам Семен Андреевич Павлов буолар.
— Тумус туттар, холобур оҥостор спортсменыҥ кимий?
— Мин Виктор Николаевич Лебедевы аныгы тустуу устуоруйатыгар бэлиэ суолу хаалларбыт, сүҥкэн кылааты түстээбит чаҕылхай спортсменынан ааҕабын.
— Успуорду таһынан тугунан сөбүлээн дьарыктанаҕын?
— Бэйэм бэйэбэр олорон, эбэтэр доҕотторбун кытта гитарабын доҕуһуоллатан ыллыырбын астынабын.
— Олоххор бэлиэ түгэн тосхойдоҕо дии. Ону кытта эйиэхэ туох санаалар кэллилэр?
— Сахам дьоно ыалдьарын көрөн долгуйбутум, киэн туттубутум. Бэл, араас улуустартан кэлэннэр, «Өрөгөй» успуорт уораҕайын толорон кэбиспиттэрэ. Түгэнинэн туһанан, дьоммор-сэргэбэр улахан махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын!
Хоту Абый улууһуттан төрүттээх, талба талааннаах Ольга Слепцова эдэр тустуугу уруһуйдаабытын сэргии көрдүбүт. «Мин спортсменнар, артыыстар уонна чугас дьонум мэтириэттэрин араастаан уобарастаан графиканан, харандааһынан уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Лев Павлов аата даҕаны дорҕоонноохтук, суолталаахтык иһиллэр. Ол иһин, аатыттан сиэттэрэн хахайы кытта холоотум. Саха боотура өрөгөйдөөх кыайыыта миэхэ иэйиини түстээтэ, сүргэбин көтөхтө», — диэн эдэр худуоһунньук санаатын үллэстэр .
«Салгыы да күүспүн, тэтиммин ыһыктыбакка, күрэхтэһиилэргэ үс иһигэр киирэр гына кыһаллан дьарыктанар сыаллаахпын», — диэн чөмпүйүөн Лев Павлов сэмэйдик эрэннэрдэ.