Саха өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин “СМИротворец – 2017” IX Бүтүн Россиятааҕы омуктар икки ардыларынааҕы уонна этноконфессиональнай сыһыаннаһыыны сырдатыы куонкуруһун зонатааҕы түһүмэҕин кыайыылаахтарын кытары көрүстэ. edersaas.ru
Санатан эттэххэ, омуктар дьыалаларыгар федеральнай агентство уонна этностар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыга идэтийэр суруналыыстар гильдиялара бу улахан куонкуруһу тохсус төгүлүн федеральнай уокуруктарынан ыыталлар. Уһук Илин федеральнай уокурук регионнарын маассабай-иһитиннэрэр сириэстибэлэрин куонкуруһун кыайыылаахтара, барыта сүүрбэттэн тахса киһи, бу күннэргэ Дьокуускайга ыалдьыттыыллар. Хаһаайыстыбаларынан сылдьан үлэни-хамнаһы билсэллэр, үлэ кэлэктииптэрин кытары көрсөн ирэ-хоро кэпсэтэллэр.
Бүгүн күнүстэн киэһэ кинилэри Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин приемнаата. Суруналыыстар өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар үлэ-хамнас туһунан бэркэ сэҥээрэн иһиттилэр, элбэх араас ыйытыылары биэрдилэр. Ордук омуктар икки ардыларыгар сыһыан хайдаҕын, миграннар төһө элбэхтэрин, тугу үлэлииллэрин, олохтоох нэһилиэнньэҕэ уонна бэйэлэрин икки ардыларыгар сыһыаннара хайдаҕын, Уһун Илин гектарын туһунан сокуон чэрчитинэн төһө сири-уоту ылан эрэллэрин уо.д.а. тустарынан токоолостулар. Саха сиригэр омуктарынан атааннаһыы суоҕун, миграция сулууспалара тустаах эбээһинэстэрин үтүө суобастаахтык толороллорун, хас кэлбит мигрант барыта учуокка ылылларын үөрэ иһиттилэр. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын этии киллэриитинэн Уһун Илин гектарын туһунан сокуон түһүмэҕинэн киллэриллибитин, онуоха үлэни-хамнаһы тэрийэр олохтоох дьоҥҥо ураты болҕомто ууруллубутун истэр-билэр эбиттэр. Иркутскай уонна Амур уобаластарыттан, Камчаткаттан, Хабаровскай кыраайтан олохтоох нэһилиэнньэ көһөн барыыта улаханын холобурдаан тураннар, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр бу көстүү быдан намыһаҕа олох-дьаһах таһыма бигэ туруктааҕын көрдөрөрүн бэлиэтээтилэр.
Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru