Чэй оргутуу — эппиэттээх түһүмэх

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Аҕа күрэҕэр улахан тыҥааһыны үөскэтэр түгэнинэн чэй оргутуута эбит.
Бу түһүмэххэ кытаанах киирсии буолла. Мин болҕомтобун хаарынан сирэйдэрин сотто-сотто уоттарын үрэр уоллаах аҕа тартылар. Кинилэр аттыларыгар тохтоон, чуо бу дьону сырдатарга сананным. Үөрүөм иннигэр, Чурапчы Болтоҥотуттан сылдьар Кривошапкиннар чэйи оргутууга бастаан таҕыстылар! Онон бэркэ табылынным — кыайыылаахтары кытта кэпсэтээри халтараан муус устун сүүрүөхтээҕэр, аттыбар турар дьоммун кытта сэһэргэһэр дьолго түбэстим.

Яков Кривошапкин уолунаан кытаанах киирсии кэнниттэн тута интервью биэрдилэр.
Сибилигин кулуһун анныгар уоту үрэ сыппыт дьон, кыайыылаахтар быһыытынан ыксаллаах түгэҥҥэ хайдах турукка киирбиттэрин кэпсээтилэр. Маладьыас дьон дьэ!

Елена ПОТОЦКАЯ, Чурапчы, Сылаҥ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0