Дьаҥ-дьаһах элбээн турар кэмигэр, хайдах гынан өрүһүнэбит, уодаһыннаах ыарыыттан хайдах бэйэбитин көмүскэнэбит диэн үгүс киһи саныыра буолуо. Маныаха көстүбэти көрөр, көрүүлэнэр, чараас эйгэни кытары ситимнээх дьоммут тугу сүбэлииллэр?
“Ыарыыттан куттаныа суохтаахпыт”
Иван Васильев-Алгыс Уйбаан, алгысчыт:
— Ыарыы диэн — саҥа таһымҥа тахсыы. Ыарыы диэн, дьиҥэр, куһаҕан буолбатах. Киһи өйө-санаата улугуран, иэйиитэ, дьүөрэлэһиитэ кэһиллэн хааллаҕына, үөскүүр. Киһи иһигэр Менделеев табылыыссатын элэмиэннэрэ бары кэриэтэ бааллар, ону киһи айманнаҕына, олор ыһыллан киирэн бараллар.
Ыарыы диэн эн билигин туох туруктаах сылдьаргын көрдөрөр. Айылҕа “шпаргалката” буолар. Ханнык баҕарар тастан киирбит ыарыы, оннооҕор, “ковид”, киһини өлөрүөн баҕарбат. Киһини өлөрдөҕүнэ, бэйэтэ өлөр буоллаҕа дии. Ол иһин кини киһини кытары эн-мин дэһэн. дьайсыан баҕарар. Киһи инникигэ сыаллаах-соруктаах, айылҕатыгар арыллан, кинини кытта биир ситимнээх буоллаҕына, маннык киһиэхэ бу ыарыы киирдэҕинэ, иммунитета күүһүрэр.
Ити иммунитеты күүһүрдэбит дии-дии быһыыны ылабыт дии, дьиҥэр, тастан киирэр буоллаҕа. Ити киирэн киһиэхэ уох буолан хаалар. Сир-дойду үөскүөҕүттэн баар, дьон бөҕөтүн өлөрбүт ыарыылар, бактыарыйалар билигин да киһи этигэр-сиинигэр олохсуйан сылдьаллар. Бактыарыйа сүтэн хаалбат, киһиэхэ иммунитет буолан хаалар. Ол иһин биһиги, бастатан туран, ыарыыттан куттаныа суохтаахпыт. Куттанныҥ да, ыгыллыы буолар, тууйулуннуҥ да, эниэргийэҥ тастан кэлбэт буолан хаалар. Бэйэҥ уот умайарын курдук, ыарыыгын өрө күүдэпчилэтэн баран, наһаа түргэнник күн сириттэн суох буолан хаалыаххын сөп.
Дьэ, онон арыллыахха наада. Өссө олох олоруохтаахпын, өссө ону-маны гыныахтаахпын, сирдээҕи аналбын толоруохтаахпын, өссө да көй салгыммын дуоһуйа тыына иликпин, чыычаах ырыатын истибэккэ, айылҕа кэрэтин көрбөккө сылдьар эбиппин диэхтээххин. Сыал-сорук туруорунуохтааххын. Итиннэ мин үөрэммин, олохпунан ырыа ыллааммын, айылҕаҕа эргиири оҥорорго наһаа наадалаах эбиппин диэн бэйэтигэр ыра санаа оҥостуохтааххын. Оччоҕо ыарыы олохсуйбат, киһиэхэ күүс буолан хаалар.
Онтон эмтэнэбин эрэ диир киһи эмтэнэр эрэ. Өйө-санаата уларыйбатах буоллаҕына, биирэ үтүөрбүтүн кэннэ, атына ыалдьан барар. Инники сыала-соруга суох киһи үтүөрэн быстыбат. Быраастар итини наһаа үчүгэйдик билэллэр. Тэбис-тэҥҥэ эмтииллэр, ким эрэ үтүөрэр, ким эрэ үтүөрбэт. Ол аата барытын олоххо сыал-сорук быһаарар. Киһи олоххо аналын, ис дьиҥин бэйэтэ сөпкө билиниитин кытары ситимнээх.
Киһи үтүөрэн баран, “Бу орто дойдуга өссө тугу үчүгэйи оҥоруохтаахпыный?” диэн этэр, ол оҕобор бэлэх ылыам, өссө үчүгэйдик үлэлиэм диэн эрэ буолбатах. Мин олохтон дуоһуйуом диэн. Киһи бу олохтон дуоһуйа кэлэр. Үчүгэйи оҥороруҥ диэн – эн үчүгэй, үөрүү-көтүү эниэргийэтин бэйэҕиттэн оҥорон, Куйаарга ыытыахтааххын. Салгын атомнартан турар, ол иһин араадьыйа саҥарар, төлөпүөн үлэлиир. Ити барыта “проводник”. Киһи эмиэ “үрдүк частота проводнига” буолар. Үөрбүт эрэ дууһа үөһэ тахсар. Олохтон астына, дуоһуйа сылдьар эрэ киһи бу дойдуга аналын толоро сылдьар.
“Сотору бүтүө диэн сылыктыыбын”
Зоя Дуранова, норуот эмчитэ, көрбүөччү:
— Икки сыллааҕыта “ковид” кэлэ илигинэ, көрүүлэнэн турабын. Кимиэхэ да кэпсээбэккэ сылдьыбытым. Бу билигин пандемия үгэннээн турар, икки сыллааҕыта саҕалана илик этэ. Бар дьонум бары истиэххитин баҕарабын.
Онно көрдөхпүнэ, ып-ыраас халлаан, чээлэй күөх от-мас баар эбит. Үөһээ алдьархайдаах улахан былыт саҕа туох эрэ биэтэҥнии аҕай турар эбит. Өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм, уп-улахан, төп-төгүрүк, иэдээннээх улахан былыт курдук. Тоҕо эрэ киниттэн чугас соҕус турабын, тугу эрэ гына сылдьабын. Арай ол турдахпына, “пас” гына улахан тыас ыаһаата. Көрбүтүм, былыт кыл быстарын курдук быстан баран, быа курдуктар субуруйан, сиргэ түстүлэр эбээт. Муодарҕаан көрөн турдум. Онтум сиргэ тиийбэккэ, сүтэн хаалар. Өйдөөн көрбүтүм, харчы бөҕө түһэ турар эбит. 500, 1000, 5000 солкуобайдаах киипэлээх харчы. Сиргэ түһэ-түһэ, сүтэн иһэр. Дьэ, олус элбэх харчы түспүтэ.
Ону ылбатым ээ. Бүтүө буоллар, бүппэт, эргичий да эргичий, кулахачый да кулахачый буолар, онтон син чарааһаата. Тохтоон хаалла. Дьэ, онтон иккистээн эргийдэ. Ити иккистээн кэлбит “долгун” быһыылаах. Салгыы көрүүлэнним. Субуллар да субуллар, эргийэр да эргийэр, харчы бөҕө түһэр да, сиргэ тиийбэт.
Дьэ, онтон, балаҕан ыйыгар, от-мас саһаран эрэр быһыылааҕа, ол былыт быыкаайык хаалбыт, харчылар биирдиилээн таммалаан түһэллэр. Кыра уһаат хаппаҕын саҕа, быыкаайык хаалла. Онон бу ыарыы сотору бүтүө диэн сылыктыыбын.
Киһи бэйэтиттэн аһара тутулуктаах эбит. Сыстыбыппыт буолуо диэн олох куттанымаҥ. Харса суох иннигит диэки баран иһиҥ, үлэлээбиккит курдук, үлэлээҥ. Тугу баҕарбыккытын оҥорон, бэйэбит натуральнай аспытын аһаан иһиҥ. Отон уутун, бэйэбит эппитин мииннээн, дэлби сиэн биэриҥ. Ону тэҥэ, саамай үчүгэй луук эбит ээ, ону биһирээтим. Луук уонна лавровай лиис, чеснок.
Кыра лууктары хаҕыттан ыраастаан баран, муннуктарга ыйаан кэбиһиэххэ наада. Оһохтоох ыаллар чесногу кырбаан баран, кыра ылтаһын хобордоох оҕотугар туруора түһэн, сыт таһаарыаххытын сөп. Луугум, чесногум хаҕын билиитэҕэ кутан иһэбин. Оһох иһигэр эмиэ угабын, ыраастанар.
Дьиэҕитин кытыанынан, үөрэ отунан буруолатан, сыт таһааран ыраастаныҥ. Туох барыта буруоттан куттанар. Оннооҕор бокуонньук тахсарыгар буруолатан ыраастыыллар. Нэдиэлэҕэ иккитэ дьиэҕитин буруолатан ыраастааҥ. Хайаан да эмэҕирбит хатыҥтан туоһу ылан, уматыҥ, үүнэн турар маһы алдьатары аньыыргыыбын.
Арыгы аска чугаһаамаҥ, бэйэ-бэйэҕитин убаастааҥ, куһаҕан санааҕа ылларымаҥ. Биир сомоҕонон үлэлээн, элбэхтик хамсанан иһиэххэ.
“Ковид” диэн тылы туттумаҥ! Бэйэҕитигэр “ковид суох, сыстыбатын” диэхтээххит. Куруук ыллыы-туойа, хоһоон ааҕан, доргуччу саҥара сырыттаххытына, тыҥаҕыт куруук ыраас буолар. Күндү дьонум, бары чэгиэн, доруобай, дьоллоох буолуҥ. Бу тылы туттубаккытыгар баҕарабын. “Пандемия” диигит дии, ыарыыны ыҥыран ылымаҥ. Куттанымаҥ, биһиэхэ ыарыы ыалласпатын диэхтээххит, санааҕыт бөҕөх буолуохтаах. Дьиэҕитин ыраастана сылдьыҥ, үөрүҥ-көтүҥ, бэйэ-бэйэҕитин харыстаһыҥ!
“Сыыһа суолунан баран иһэри өйдөтөр”
Семен Григорьев-Отоһут Сэмэн:
— Аан дойдуну аймаабыт пандемия элбэх дьону толкуйга түһэрдэҕэ. Кини дьиҥ суолтата ол эбит: киһи бу орто дойдуга кэлбит аналын, бэйэтин суолун булунарыгар, олоҕун уларытарыгар көмөлөһөр. 21-с үйэ – Киһитийии, Айылҕаҕа төннүү, олоххо бэйэ суолун булунуу кэмэ.
Ыарыы мээнэҕэ кэлбэт, киһиэхэ туох эрэ суолталааҕы өйдөтөөрү бэриллэр. Холобур, сыыһа суолунан баран иһэри өйдөтөр. Төрүөтэ араас буолар – төрүттэртэн, эбэтэр урукку олохтон кэлбит буолуон сөп, эбэтэр, айылҕаҕа сылдьан сыыһа туттан, үөрдэргэ дьайдаран эмиэ ыалдьаллар. Үксүгэр сыыһа дьаһанан, толкуйдаан олорортон, сүрэҕэ суох буолууттан ыарыы үөскүүр.
Ыарыы бэйэтэ иччилээх. Ону абааһы көрөн, охсуһан бардахха, бэргэтиэн сөп. “Бу ыарыы миэхэ тугу өйдөтөрүй, туох уларыйыыга сирдиирий?” диэн ытыктабыллаах соҕустук сыһыаннаһыллыахтаах.
“Хара хамсык” дуо?
Сахаларга XVIII-XIX үйэлэргэ нууччалары кытары уоспа, ХХ үйэ саҥатыгар “испанка” диэн кириип кэлэн, элбэх киһи олоҕун илдьэ барбыттара. 1662 сыллаахха хара уоспа туран, Өлөөн тоҥустарыгар уонна сахаларыгар нэһилиэнньэ биэс төгүл аҕыйаабыта биллэр. 1833 сыллаахха Зашиверскай куорат эстибитэ. Этнограф Владимир Иохельсон суруйарынан, 1885 сыллаахха дьүгээгирдэр аҥаардара уоспаттан суох буолбута. Онон өлүү-сүтүү улахан этэ. Урутаан эттэххэ, уоспаны 1980 сыллаахха эрэ кыайдыбыт диэн Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) биллэрбитэ.
Дьон былыр сыстыганнаах ыарыыттан куттанан, түҥ тыаҕа куотан, быыһаммыттара. Итинник улахан ыарыыны иччилээх дии саныыллара. Нуучча дьахтарын, эбэтэр, аарыма оҕус курдук көрөн, ойууттар харсар, охсуһар түгэннэрэ баарын үһүйээннэр кэпсииллэр. Ыарыы аатын да ааттаабат, ханарытан этэр этилэрэ.
Билигин күнү быһа тэлэбиисэртэн, интэриниэттэн хас киһи ыалдьыбытын, хас киһи өлбүтүн салгыбакка ааҕан тахсаллар. Онтон атын сонун суоҕун курдук. Дьону соруйан куттуур, ыгылытар курдуктар.
Аны, эбэн эттэххэ, “хамсык” диэн тыл тылдьыкка өлүү-сүтүү, эстии (мор) диэн суолталаах. Дэлэҕэ, уоспаны “хара хамсык” диэхтэрэ дуо? Бу сайын учуонайдартан ыйыта сылдьыбыппар, “эпидемия” диэн суолтатыгар туттуллуон сөп диэбиттэрэ. Ол эрээри, билигин “хоруона хамсыга”, “хамсык ыарыыта” диэн, бэл, хаһыаттарга суруйаллар, “Ковид-19” ыарыыны “хамсык” диэҥҥэ уларытан кэбистилэр. Ол эбэтэр, “өлүү-сүтүү ыарыыта” диэн бэйэбитинэн ыҥыра сылдьар курдук буолбатахпыт дуо? Төһөнөн элбэхтик ааттыыгын, куттанаҕын-ыгылыйаҕын да, соччонон улаатан, күүһүрэн иһэр кэриҥнээх. Баҕар, ол да иһин өлүү ахсаана эбиллэ турара буолаарай?
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: ria.ru