Чэгиэн: тумууттан харыстаныы

Ааптар: 
16.02.2022
Бөлөххө киир:

Коронавирус бэһис долгуна кэлэн, “омикрон” диэн дьүһүн кубулуйан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күүскэ тарҕанна. Дьолго, тумуу, кириип курдук киирэн ааһар, үксүгэр ыарахан содула суох эбит. Оттон коронавирус да, кириип да син биир вирус буоллахтара. Онон, дьаҥ элбээбит кэмигэр хайдах харыстаныахха сөбүй?

Тумуу, кириип күһүн-саас аайы эргийэн кэлэ тураллар. Онон киһи организма хаста да вирустары, күннэтэ араас бактыарыйалары көрсөр, утарылаһар, көмүскэнэр. Манна, бастатан туран, киһи иммунитетыттан тутулуктаах. Күүстээх иммунитеттаах киһи, этэргэ дылы, туох баар вирустары тыбыыран кэбиһэр, ыалдьыбат.

Иккиһинэн, киһи мөлтөөн биэрбит кэмигэр, сыыһа туттан кэбиһэн, вирустарга хотторор. Тоҥон-хатан, тыалга үрдэрэн, этин сааһа аһыллан хаалар. Кытайдар былыргы үөрэхтэрэ этэринэн, бу киһи этин сааһа аһыллыбытынан тымныы уонна тыал киирэн, ыарыталлар эбит. Манна дьиэ иһигэр үрэр салгын (сквозняк) эмиэ кутталлаах, холобур, сайын кондиционерга элбэх киһи курдары үрдэрэр. Ол иһин, таһырдьаттан тоҥон-хатан кэлэн баран, көлөһүн тахсыар диэри итии чэйи, муоруһу иһиллиэхтээх, атаҕы итии уунан сылытыллыахтаах, суорҕаҥҥа сууланан сытыллыахтаах.

Үсүһүнэн, киһи вируһу муннунан, айаҕынан хабан ылар. Онон маасканы кэтэ сылдьыы, дьиэҕэ кэлэн баран, хайаан да илиини, сирэйи кичэйэн суунуу, айаҕы, мурун иһин сайҕаныы көмөлөөх. Судургутук эттэххэ, вирус киирбит да буоллаҕына, хатана, олохсуйа илигинэ, сууйан-сайҕаан, таһааран кэбиһэҕин. Манна туустаах, суодалаах уунан сайҕаныы олус туһалаах. “Омикрон” хараҕынан кытары киирэр, коньюктивит курдук бааһырдар дииллэр. Онуоха кирдээх илиинэн хараҕы тутуллуо суохтаах, ону тэҥэ, дьиэҕэ кэлэн баран, суунан кэбиһэр ордук.

Төрдүһүнэн, тумуу саҥа киирэн эрдэҕинэ, норуот былыр-былыргыттан эмтэнэр ньымаларынан иммунитеты бөҕөргөтүөххэ, охсуһар кыаҕын улаатыннарыахха сөп.

Онон, харыстана уонна доруобуйаны, иммунитеты бөҕөргөтө сырыттахха, тумууга хаптарбакка, аһардыахха сөп эбит.

Дьиэҕэ хайдах эмтэниэххэ сөбүй?

Норуот мэдиссиинэтигэр тумууну хайдах эмтииллэрий? Эмтээх отторунан (ромашка, шалфей, эвкалипт), туустаах-суодалаах уунан күөмэйи сайҕаныы, буспут хортуоска паарыгар, эфирнэй арыы сытынан тыыныы, элбэх ууну, муоруһу иһии, чесногунан, луугунан эмтэнии, о.д.а. көмөлөөх буолар. Чеснок фитонцидтара кириип, араас вирустарга көьүүстээхтэрин научнай чинчийиилэринэн дакаастаабыттара.

Тоҥуу кэннэ, эбэтэр, тумуу киирэн эрэрин биллэххитинэ, тааска биир ытыс муора тууһун суурайан, төһө тулуйаргытынан итии ууга атаххытын уган, уонча мүнүүтэ олоро түһэҕит. Онтон сайҕаан баран, халыҥ наскы кэтэн, суорҕан анныгар сытаҕыт. Бу атахха хаан эргиирин тупсарар уонна эт-сиин сааһынан киирбит тымныыны таһаарар.

Кыраадыс үрдүүр буоллаҕына, ол аата организм ыарыыны утары охсуһар. 38,5 диэри үрдүүрүн тулуйуохтаахпыт, бу кээмэйтэн үрдээтэҕинэ эрэ, кыраадыһы түһэрэр эмтэри иһиэххэ сөп.

Ыалдьыбыт кэмҥэ элбэх ууну, от чэйдэри иһэри быраастар эмиэ сүбэлииллэр. Күҥҥэ 2-3 лиитирэ ууну иһиэхтээххин. Инфекция киирбитин түмүгэр, организм сүһүрэр (интоксикация): төбө, былчыҥнар, сүһүөхтэр ыалдьаллар, сэниэ суох буолар, киһи сытыан эрэ баҕарар.

Уулаах отону, клюкваны, лимону эбэн, чэй, муорус оҥостон, итиилии иһии көлөһүн нөҥүө микробтары таһаарар. Чэйгэ антиоксиданнаах, С битэмииннээх малинаны, дөлүһүөнү, хаптаҕаһы, иһиини тохтотор ромашканы, кыраадыһы түһэрэр липаны, имбиири эптэххэ, кыра кыраадыһы түһэрэр, көлөһүн нөҥүө токсиннары таһаарар дьайыылаах буолар.

Моонньоҕон сэбирдэҕин уонна дөлүһүөн отонун кыратык оргута түһээт, истэххэ, ыалдьыбыт кэмҥэ күүс биэрэр, атахха түргэнник туруорар.

Сөтөлгө солодка, ньээм-ньээм, мать-и-мачеха сэбирдэхтэрин ностуойкаларын иһии көмөлөһөр. Ааһан-араҕан биэрбэт сөтөлгө хартыыһа пластырын тилэххэ, түөскэ сыһыаран, эбэтэр, хартыыһа бороһуогун наскыга кутан, кэтэн утуйаллар.

Аһылык – эмп курдук буолуохтаах

Ыалдьыах иннинэ уонна ыалдьар кэмҥэ аһылык “эмп” курдук буолуохтаах. Ол иһин иммунитеты аралдьытар, иһиини үөскэтэр бородуукталары тохтотуохтааххыт. Холобур, саахар (ол иһигэр фрукта) организмҥа иһиини үөскэтэр. Ыалдьар кэмҥэ организм иһиини тохтоторго аралдьыйбакка, вирустары утары охсуһара быдан көдьүүстээх. Фрукта оннугар отоннор олус туһалаахтар. Глютеннаах (бурдукка, сорох куруппаларга баар) уонна үүт бородуукталара иһиини элбэтэллэр. Оҕуруот аһын, бульону, кууруссаны, балыгы сөбүгэр сиэххэ сөп. Аһыах баҕа суох буоллаҕына, күүһүнэн аһаныллыбат.

Сиэрэлээх бородуукталар (кыһыл луук, чеснок, хаппыыста, муора бородуукталара, эриэхэлэр, сымыыт, кытаанах сыыр, быар) ыарыыны утары охсуһарга көмөлөөхтөр.

Исписэлиис сүбэтэ

Иммунитекка көмөлөһүҥ”

Екатерина Формазонова, нутрициолог, натуропат:

— Ыарыы кэмигэр магний, Д, А, Е, С битэмииннэр, цинк, дигидрокверцетин, “маточное молочко” олус көмөлөөхтөр. “Зостерин-Ультра”, “Хитозан” диэн эмтэри иһии ыарыыны чэпчэкитик аһардарга туһалаах. Кокос арыытынан айаҕы сайҕаныы күөмэй кытарбытын, испитин тохтотор. “Шлемник байкальский” вируһу утары дьайыылаах, иһиини тохтотор, тымырга бүө үөскүүрүн сэрэтэр. Лопух силиһэ ыарыы тобоҕун — токсиннары таһаарар, инулиннаах буолан, битэмииннэри, минераллары иҥэринэргэ көмөлөһөр.

Сыты билбэт буоллахха, ол аата организмҥа цинк аҕыйаабытын биллэриэн сөп. Ол эрээри цинк табылыаккатын үрдүк дуозатын өр кэмҥэ иһиллибэт, 40 мг элбэх буолуо суохтаах.

Хатыҥ чээрэтэ (чага) вируһу, бактыарыйаны утары (ол иһигэр коронавируһу) бэркэ охсуһар. “Тубелон” диэн бетулиннаах (хатыҥ туоһуттан оҥоһуллар) эмп тыынар уорганнары, бронхиты, сэллиги эмтиир, иһиини тохтотор, иммунитеты көтөҕөр, быар туругун тупсарар, токсиннары таһаарар.

Хара тмин арыыта вируһу, микробу утары дьайыылаах, иһиини тохтотор. Элбэх антиоксиданнаах, мэйиигэ үчүгэй. “Ковидка” эмиэ туһалаах. “Володушка” тымыры бөҕөргөтөр, хаан эргиирин тупсарар. Быар, ис-үөс үлэтигэр көмөлөөх.

Тимус (вилочковая железа) – иммуннай систиэмэ биир суолталаах уоргана. Түөс иһигэр, хомурҕан аннынан, тыҥа аттыгар баар. Манна иммуннай килиэккэлэр үөскүүллэр. Сааһырыы, истириэс, сорох эмтэр тимуһу кэбирэтэллэр. Сөпкө утуйуу, ууну ханыы, хомурҕан аннынан тоҥсуйуу, сылытыы, кэмипириэс, сарсыардааҥҥы күн уота, тыыныы эрчиллиилэрэ тимус үлэтигэр тупсараллар. Ыараханнык ыалдьа сылдьар, үрдүк кыраадыстаах кэмҥэ тимуһу көҕүлээбэттэр.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0