Чэгиэн: сөпкө тыына үөрэниэҕиҥ

18.11.2020
Бөлөххө киир:

Тыыныы организмҥа бэссэстибэлэр атастаһыыларын, эниэргийэни хааччыйар дьайыылаах. Тас эйгэттэн кислороду ылан баран, углекислай гааһы оҥорон таһаарар. Сыыһа тыынар киһи бэйэтин үйэтин кылгатар.

Киһи тыҥата 1 чааска ортотунан 5-17 лиитирэ углекислай гааһы, 50 грамм ууну таһаарар. Мүнүүтэҕэ ортотунан 14-15 тыыныыны оҥорор (саҥа төрөөбүт оҕолор – 40-60, кыра оҕолор – 30-40). Биир эҕирийиигэ 400-500 мл салгын киирэр. Салгыны таһаарбыт да кэннэ, тыҥаҕа 2000-3000 мл салгын тобоҕо хаалар эбит. Ол иһин тыҥа чуолаҕастарыгар (альвеолаларга) кислород уонна углекислай гаас куруук баар. Киһи холкутук сылдьар кэмигэр мүнүүтэҕэ ортотунан 7 лиитирэ салгынынан тыынар. Сүүрдэххэ, аҕылаатахха, бу кээмэй өссө улаатар.

Муннунан салгыны эҕирийдэххэ, сылыйар, сиигирэр, ыраастанар уонна салгыы куолайынан, трахеянан тыҥа чуолаҕастарыгар киирэр. Онно салгын уонна хаан булкуһан, салгыы кислородунан байытыллыбыт хаан сүрэххэ барар уонна тымырдарынан тарҕанар. Айаҕынан тыыннахха, кирдээх, тымныы, бактыарыйалаах салгын быһа тыҥаҕа киирэр.

Тыыныы 2 көрүҥнээх: ойоҕос уҥуохтара үөһэ тахсан, түөс кэҥээһиниттэн, иккиһинэн, өрөһө (диафрагма) хамсыырыттан.

Сыыһа тыыныы содула

Үгүс дьон сыыһа тыына сылдьаллара доруобуйаларыгар туох содуллаах буоларын билбэт эбиттэр. Оҕолору кэтээн көрдөххө, кинилэр истэринэн тыыналлар. Улаатан баран, ол үөрүйэхпитин сүтэрэн, түөспүтүнэн тыынар буолан хаалар эбиппит. Киһи түөһүнэн тыыннаҕына, 400-500 мл салгыны киллэрэр, оттон иһинэн тыыннаҕына – 2-3 лиитирэни.

Түөһүнэн тыыныы аҕыйах салгыны киллэрэр, тыҥа ситэри үлэлээбэккэ, сыыйа кумуйан, кыччаан хаалар, өрөһө былчыҥа мөлтүүр. Онтон өрөһөнү хамсатан тыыннахха, элбэх салгын киирэр уонна кислород килиэккэлэргэ тиийиитэ түргэтиир. Организм үлэтэ эмиэ тупсан барар: хаан баттааһына нуормаҕа түһэр, сүрэх-тымыр, ньиэрбинэй систиэмэ үлэтэ кэһиллибэт.

Сыыһа тыынар киһи бэйэтин олоҕун кылгатар. Организм бары суолталаах дьайыылара тыыныыны кытары сибээстээхтэр. Тыҥатынан толору тыыммат, табахтыыр, сибиэһэй салгыҥҥа аҕыйахтык сылдьар, хоһун салгылаппат, хамсаммат, күнү быһа лаҕыйан олорон үлэлиир буоллаҕына, этэ-сиинэ ыраастаммакка, хаан, лимфа үчүгэйдик сүүрүгүрбэккэ, ыарыы үөскүүрүгэр усулуобуйа оҥоһуллар.

Сибиэһэй салгын тыҥаҕа ситэ киирбэт буоллаҕына, туох буоларый? Кислород тиийбэтэҕинэ, килиэккэлэргэ бэссэстибэлэр арахсыбыт тобохторо ситэри тахсыбакка хаалаллар. Онон хаан ситэ ыраастаммат уонна иҥэмтиэлээх эттиктэри ылбакка хаалар, токсиннар мунньуллаллар. Онон сыыйа организмы сүһүрдэн бараллар.

Өрөһөнөн тыыныы

Оннукка тиийбэт туһуттан судургу быраабылалары тутуһуҥ:

— хоһу элбэхтик салгылатыҥ (утуйуох иннинэ хайаан да), таһырдьа сылдьа сатааҥ;

— табахтан аккаастаныҥ;

— сөпкө тыынарга үөрэниҥ;

— тыҥаҕытын “уһугуннаран”, толору туһаныҥ.

Тыҥаҕа токсиннар “умайар” дьайыыларыттан сылаас оҥоһуллан тахсар, оһох курдук сылытан, киһи ыарыыга, тумууга мээнэ бэриммэт буолар. Өрөһө хамсаатаҕына, ис уорганнары, оһоҕоһу массаастыыр, оччоҕо хаан бу уорганнары “сууйара” күүһүрэн, ыраастаналлар, чөлгө түһэллэр.

Өрөһөнү хамсатан тыынарга сытан, эбэтэр олорон эрэ хаҥас илиигитин түөскүтүгэр, уҥа илиигитин искитигэр ууруҥ. Тыынаргытыгар искитин өрө үлүннэрэн, хамсатаҕыт, түөскүт хамсаабат. Болҕомтоҕутун тыынарга эрэ уураҕыт. Искэ сытар илиигит үөһэ көтөҕүллэн тахсар буолуохтаах. Муннугутунан эрэ тыына сатыыгыт.

Сарсыарда уһуктаат, киэһэ утуйаары сытан, оптуобуска айаннаан иһэн, иллэҥ буоллугут эрэ, бу курдук тыыннаххытына, туһата улахан.

Ырыаһыттар, спортсменнар тыыналларын хонтуруоллуур эрэ буоллахтарына, ситиһиилэнэллэр. Онон баҕа эрэ баар буоллар, сөпкө тыынарга үөрэниэххэ сөп.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

Эрчиллиилэр

4-7-8

Тыыныыны хонтуруоллуохха сөп. 4 ахсааҥҥа өрө тыынабыт, 7 ахсааҥҥа тыыммытын тутабыт, 7 ахсааҥҥа салгыны таһаарабыт. Эт-хаан холкутуйар, сымныыр, утуйарыҥ, ас буһара тупсар, иммунитет бөҕөргүүр.

Түөрт муннук

4 ахсааҥҥа өрө тыынаҕыт, 4 ахсааҥҥа тыыҥҥытын тутаҕыт, 4 ахсааҥҥа салгыны таһаараҕыт, 4 ахсааҥҥа тыыҥҥытын тутаҕыт. Бу кэмҥэ хараххытыгар тэҥ өрүттээх түөрт муннугу ойуулаан көрүөххүтүн сөп. Бу эрчиллии ыгыллыы кэмигэр ньиэрбэни уоскутар, эти-сиини холкутатар.

Бутейко ньымата

Өрө тыыныы – 2 сөкүүндэ, тыыны тутуу – 4 сөкүүндэ, салгыны таһаарыы – 4 сөкүүндэ. Күүрбэккэ, чэпчэкитик тыынаҕыт. Маннык тыыныы истириэһи намтатар, болҕомтону күүһүрдэр, иммунитеты тупсарар. Киэһэ 10 төгүл хатылаатахха, киһи үчүгэйдик утуйар буолар.

Судургу ньымалар

Улаханнык, дорҕоонноохтук ааҕыы тыынарга эмиэ туһалаах дииллэр. Таарыйа оҕолоргутугар, эбэтэр кырдьаҕас эбэҕитигэр-эһэҕитигэр кинигэни ааҕан биэриэххитин сөп. Маны тэҥэ, дуоратан ыллааһын, хаһыытааһын, саарыгы үрүү, туруупканан ууну үрэн буллугуратыы тыҥаҕа эмиэ туһалаахтар.

Оо-оо-оо” диэн саҥара-саҥара түөһү, көхсүнү, санныны, илиилэри ыарыыта суохтук охсуолаан, былчыҥ күүрүүтүн сымнатыахха сөп. Бу “вибрациялаах массаас” диэн ааттанар.

Эспиэр санаата

Стрельникова гимнастиката туһалаах”

Ольга Богуш, Пироговскай киин пульмонолог бырааһа:

— Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ коронавирус кэнниттэн чөлгө түһэргэ сүбэлэри биэрбитэ. Онно тыыныы гимнастиката булгуччу баар. Тыҥаҕа “фиброз” (чэр курдук кытаанах эт) үөскээтэҕинэ, тыынарга ыарахан буолан иһэр. Ол иһин тыыныы гимнастиката былчыҥнары хамсатар, тыҥа алларааҥы өттүн үлэлэтэр.

Миэхэ кэлэр дьон үксүгэр Бутейко ньыматынан тыыналлар, көмөлөһөр дииллэр. Ол эрээри коронавирустаабыт дьоҥҥо мин Стрельникова тыыныыга гимнастикатын (“Саха сирэ” хаһыат сэтинньи 5 күнүнээҕи нүөмэригэр тахсыбыта – аапт.) сүбэлиэм этэ. Ол эрчиллиилэр бопторон ыалдьыыга (аастымаҕа), тыҥа олоҕурбут ыарыыларыгар үчүгэйдик көмөлөһөллөр. Министиэристибэ сүбэтигэр өрөһөнөн уонна толору тыыныы баар. Толору тыыныы диэн – түөһү уонна иһи салгынынан тэҥинэн толорон тыыныы буолар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0