Чэгиэн: Үрүҥ килиэп буортута

25.11.2020
Бөлөххө киир:

Ханнык да атын дойдуга Арассыыйаҕа курдук элбэхтик доруоһалаах үрүҥ килиэби күн аайы сиэбэттэр. Омук дойдуларыгар барбыт туристар килиэби булбакка, эрэйи көрбүттэрин кэпсээччилэр. Илиҥҥи дойдуларга килиэп оуннугар риһи, куруппалары, атын дойдуларга лэппиэскэни, лаваһы хото сииллэр.

edersaas.ru

Нуучча норуотугар «Хлеб – всему голова” диэн этии баарын бары билэбит. Дэлэҕэ, күндү ыалдьыттарын туустаах килиэбинэн маанылыы көрсүөхтэрэ дуо? Кырдьык, аччык сылларга килиэп үгүс дьону өлөртөн быыһаатаҕа. Ол эрээри, урукку килиэп билиҥҥи килиэптээҕэр таһыччы атын састааптааҕын билэбит дуо?.

Онон, доруоһалаах үрүҥ килиэби сиир буолуохтан ыла, саха норуотун доруобуйата биллэ айгыраата диэн этии оруннаах дуо? Сахалар сүрүннээн этинэн-үүтүнэн аһаан олорбут буоллахпытына, билигин күннээҕи аспыт тугуй? Хас аһылык аайы иккилии-үстүү быһыы үрүҥ килиэп, күн аайы мокоруон, рис, хортуоска, бурдук ас, бэчиэнньэ, кэмпиэт. Ол эбэтэр ыбылы ыраастаммыт, рафинированнай, углеводтаах аска көстүбүт. Оҕолорбутун чипсынан, халбаһыынан, гаастаах утаҕынан, минньигэһинэн күндүлүүбүт. Бу түмүгэр уойуу, ис-үөс, сүрэх-тымыр ыарыылара, диабет ыарыылара элбээтилэр.

Туох буортулааҕый?

ХХ үйэҕэ киһи-аймах ахсаана эмискэ элбээн, нэһилиэнньэни хайдах гынан аһатабыт-сиэтэбит диэн толкуйга түспүттэрэ. Учуонайдар научнай-тэхиньиичэскэй сайдыы, селекция, геннэй инженерия көмөтүнэн, сэлиэһинэй саҥа суортарын таһаарбыттара, химическэй эбиликтэри айаннар, ас-үөл өр кэмҥэ буортуйбатын ситиспиттэрэ.

60-с сылларга таһаарыллыбыт сэлиэһинэй суорта түргэнник ситэр, өлгөм үүнүүлээх буолан баран, киһини уотар, сүрэх-тымыр ыарыыларын төрүөтэ буолара биллибитэ. Оннук оҥоһуллубут бурдук элбэх глютеннаах (клейковина). Ол тиэстэ түргэнник үллэригэр, сымнаҕас, уунаҥнас буоларыгар көмөлөөх. Ол эрээри оһоҕоско куһаҕаннык дьайар, ас буһарарыгар мэһэйдиир. Холобур, араакыбынаҕа тиэстэлээх иһити сууйбут ууну кута сырыттахха, сотору кэминэн турба бүөлэнэн хаалыаҕа. Ол турба иһин арыйан көрдөххө, тиэстэ сыстан, хатан, таас курдук буолбут буолар. Онон клейковина оһоҕоско эмиэ сыстан, организм аһы, туһалаах битэмииннэри иҥэринэригэр мэһэйдиир, ол эбэтэр, иммунитеппытын мөлтөтөр. Gluten – латинскай тылга “килиэй” диэн суолталаах.

Үрүҥ килиэп гликемическэй индексэ үрдүк. Ол эбэтэр килиэп углеводтара хааҥҥа киирэн олус түргэнник глюкозаҕа кубулуйаллар. Түргэнник тотоҕун, соннук түргэнник аччыктыыгын. Үрдүк гликемическэй индекстээх бородуукталарынан (үрүҥ килиэп, ыраастаммыт рис, мокоруон, о.д.а.) күннэтэ аһыыр киһи сүрэҕэ мөлтүүр, уойар, эндокриннай систиэмэтин үлэтэ кэһиллэр. Сүрүннээн саахарынан уонна крахмалынан аһыыр буоллахха, углевод уонна сыа атастаһыылара кэһиллэр, онтон саахар диабета үөскүөн сөп.

Дэвид Перлмуттер диэн невролог быраас, Эмиэрикэҕэ Ас-үөл кэлиэгийэтин чилиэнэ “Еда и мозг” диэн кинигэтигэр глютен мэйиигэ куһаҕаннык дьайарын, ол түмүгэр ньиэрбэ ыарыылара, түөһэйии үөскүүллэрин суруйар.

Килиэп оҥоһуллар ньымата

Урут биһиги өбүгэлэрбит сэлиэһинэй бурдугу бэйэлэрэ үүннэрэн баран, хатаран, суорунаҕа, миэлиҥсэҕэ мэлийтэрэн, лэппиэскэлээн сииллэрэ. Ол бүтүннүү мэлиллибит бурдук (мука грубого помола) буолара. Онно доруоһа, суода диэн кэлиэ дуо, бурдугу ууга, үүккэ булкуйан оҥоруу буоллаҕа. Оннук оҥоһуллубут килиэп, лэппиэскэ доруобуйаҕа туһалаах.

Оттон билигин бурдугу үүннэрэргэ ыраас буор, сир да хаалбатах буолуохтаах. Соҕуруу дойдуларга бурдук үүнэр бааһыналарга өлгөм үүнүүнү ылаары уоҕурдуу, пестицид бөҕөтүн куталлар. Бурдук туораахтара хараллар сирдэрин сытыйбатын, түүнүгүрбэтин диэн, фунгицидтарынан, үөн, кутуйах сиэбэтин диэн инсектицидтарынан ыстараллар.

Биирдэ командировкаҕа сылдьан, бааһынаҕа сэлиэһинэй үүнэн турарын үргээн ылан, туорааҕын сиэн көрбүтүм. Сэлиэһинэй туорааҕа минньигэс амтаннааҕын билэн, наһаа сөхпүтүм. Киһи бурдук туорааҕын бүтүннүү, сылгы курдук сии туруох курдук минньигэс, үрүҥ бурдук амтаныттан таһыччы этэ. Маннык сэлиэһинэйтэн бүтүннүү мэлиллибит бурдук эмиэ минньигэс амтаннаах буоллаҕа?.

Бурдук туорааҕын саамай иҥэмтиэлээх, туһалаах чааһа В, Е битэмииннээх, элбэх клетчаткалаах. Үрүҥ бурдугу оҥороору илдьи мэлийтэрэн, ол туһалаах чааһа хаҕын кытары быраҕыллар. Онон кураанах углеводтара эрэ хаалаллар. Ол үрдүнэн, үп-үрүҥ курупчаакы бурдугу ылаарылар, хлорунан, калий броматынан маҥхаталлар. Дьэ, бу маннык рафинированнай бурдук төһө туһалаах буолуой?

Аны туран, килиэби буһарар технология эмиэ уларыйан турар. Урут хмельтэн, солодтан, аһыйбыт үүттэн, о.д.а. аһытыы (закваска) оҥорор буоллахтарына, билигин 50 химическэй бэссэстибэттэн, ыарахан металлартан турар термофильнай доруоһаны туһаналлар. Доруоһа грибоктартан турар, биир ытырыы килиэпкэ мөлүйүөнүнэн “грибок” баара биллэр. Олор оһоҕоско киирэн “атаакалаан”, сытытан-ымытан, микробтар, бактыарыйалар холуонньалара үөскүүр, туһалаах микрофлораны аҕыйатан, иммунитеты мөлтөтөллөр. “Дорообо, дисбактериоз” диэн буоллаҕа ол. Быар, сүрэх, тыҥа эмсэҕэлиир, тымырдарга бүө (тромб) үөскүүр.

Ону тэҥэ, улахан куораттары аһатар кэмбинээттэр оҥорор килиэптэрин тупсараары, өр хараллар оҥороору араас Е эбиликтэри (дигидрофосфат натрия, дигидропирофосфат натрия (Е 450), гидрокарбонат натрия, монофосфат кальция, тартрат аммония, сульфат кальция) эбэллэр.

Дьэ, маннык килиэп туһалаах дуо?

Түмүккэ

Оччотугар, килиэптэн букатын аккаастанабыт дуо? Үрүҥ килиэп туһата кыра, киһини түргэнник тоторор эрэ, ол оннугар “сыыла сылдьан сыарҕа быатын быһар” диэбиттии, доруобуйаҕа охсуута улахан.

Онон бүтүннүү мэлиллибит (цельнозерновой) бурдугу булан, лэппиэскэлээн, эбэтэр “хлебопечка” атыылаһан, онно натуральнай аһытыынан доруоһата суох килиэби оҥостон сиэххитин сөп. Килиэби дьиэҕэ кыайан оҥостубат буоллаххытына, билигин маҕаһыыннарга килиэп арааһа элбээтэ. Олортон бүтүннүү мэлиллибит бурдуктан оҥоһуллубут, араас туһалаах эбиликтэрдээх, хара килиэби ылан сиэххитин сөп.

Уопсайынан, килиэби сиири аҕыйатар ордук. Онуоха килиэпкэ киһи үөрэнэн хаалар эбит, онто суох аһаатаххына, туох эрэ тиийбэт курдук буолар. Ол эбэтэр, килиэптэн тутулук үөскээбит (арыгыттан, табахтан, кофеттан курдук). Ол төһө туһалаах тутулугуй?

Биир бэйэм, үрүҥ килиэптэн аккаастанан, килиэби сиирбин лаппа аҕыйатан турабын. Сиэхпин баҕардахпына, “Зерновой”, “Славянский”, “Ягелевый”, “Дарницкий”, “Немюгюнский ржаной” килиэптэри атыылаһабын. Күҥҥэ 1-2 быһыы сөп буолар. Букатын да аккаастаммыт киһи, куһаҕана суох буолуо этэ…

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0