Тыыныы – олох төрдө. Тыыммакка эрэ мүнүүтэттэн ордук олорбоккун. Ыраас салгын, чэгиэн тыҥа – этэргэ дылы, Таҥара бэлэҕэ буоллаҕа. Ол бэлэҕи төһө сыаналыыбыт? Буоларын курдук, туох эрэ хааччахтааһын, ыарыы буулаатаҕына эрэ, сыаналыыр курдукпут. Билиҥҥи кэмҥэ тыыныы суолтата ордук улааппыкка дылы.
Дьиэҕэ хаайтаран олоруу кэмигэр эти-сиини чэбдигирдэргэ тыыныы гимнастиката туһалыаҕа. Ыарыыны кэтэспэккэ, эрдэттэн эрчиллэ, дьарыктана сылдьыбыт ордук буоллаҕа.
Айылҕатын ыйыытынан, оҕо күн сири көрөөт да, салгыны толору эҕирийэн, тыынан киирэн барар. Ол да буоллар, үйэбит тухары сыыһа тыынан сылдьыахпытын сөп эбит. Айахтарынан тыынар дьон, ол доруобуйаҕа туох охсуулаах буолуоҕун билбэттэр.
Кылгастык, чаастайдык, айахтарынан тыынар, табахтыыр, таһырдьа күүлэйдээбэт, хамсаммат дьон хааннарыгар кислород тиийбэт буолан, киртийэн, токсин мунньуллан, ыарыы үөскүүрүгэр төрүөт буолар эбит. Тыҥалара кыччыыр, кумуллар, сүрэх-тымыр ыарыылара үөскүүллэр, хаан баттааһына кэһиллэр. Бу туһунан сиһилии кэлэр суруйууларга кэпсиэхпит.
Аан дойдуга доруобуйаны чэбдигирдэр уонна чөлгө түһэрэр олус элбэх тыыныы ньымалара бааллар. Ол эрээри үгүстэр бастаан сөпкө тыынарга үөрэнэргэ Стрельникова систиэмэтин туһаналлар. Эрчиллиилэри оҥорон баран, элбэх ыарыыттан босхолонуохха, доруобуйаны чэбдигирдиэххэ сөп. Тымныйан, сэбиргэхтэтэн ыалдьыбыт дьон чөлгө түһэригэр сөпкө тыыныы олус көмөлөөх.
Стрельникова тыыныыга гимнастиката тыҥа чуолаҕастарыгар (альвеолаҕа) салгын киириитин, эргийиитин күүһүрдэргэ туһуламмыт. Ону муннунан кылгас-кылгастык, түргэн-түргэнник салгыны эҕирийэн ситиһиэххэ сөп эбит. Онуоха илии-атах, төбө, сарын, тараһа, сис тоноҕоһо бары кыттыһаллар. Тыыныыны түөһү ыга тутар хамсаныылары кытары дьүөрэлиир буолан, ураты дьайыылаах. Биир сүрүн соруга – айылҕа анаабытын курдук, муннунан тыыныыны сөргүтүү.
Бу гимнастика бэссэстибэлэр атастаһыыларын, хаан уонна лимфа эргиирин тупсарар, ньиэрбэ систиэмэтин чөлүгэр түһэрэр, бронханы салгылатар, иһиини-ириҥэриини кыччатар, сүрэх-тымыр систиэмэтин бөҕөргөтөр, организм тыынар уорганнар ыарыыларыгар бэриммэт буолуутун күүһүрдэр, бэл диэтэр, уҥуоҕу-иҥиэҕи, быһыыны-таһааны көннөрөр.
Хамсаныы элбэх кислороду эрэйэр буолан, тыынар кэмҥэ мэйии кислородунан байытыллар, онон туох баар салайар кииннэрин үлэлэрэ түргэтиир, тупсар. Өрөһө (диафрагма) былчыҥа күүскэ үлэлээн, ис уорганнары массаастыыр. Киһи сылайбыта ааһар, күүс-сэниэ эбиллэр, доруобай буолар. Хаан баттааһына нуормаҕа түһэр, сүрэх үлэтэ тупсар, бопторон ыалдьыы (аастыма) ааһар, харах мөлтөөһүнүн тохтотор.
Стрельникова гимнастиката күнү быһа көмпүүтэр иннигэр олорор дьоҥҥо олус туһалаах. Сэбиргэхтэтии кэнниттэн дьарыктанар эмиэ көдьүүстээх. Коронавируһунан ыалдьыбыт дьоҥҥо түргэнник, чэпчэкитик үтүөрэллэригэр көмөлөөх. Гимнастика бронхаттан салыҥ, салахай тахсарыгар, испит сирдэрэ оһоллоругар, тыҥа тэнийэригэр, хаанынан, лимфанан хааччылларыгар көмөлөһөр.
Быраабылалара
Дьарык көдьүүстээх буоларын туһугар быраабылалары тутуһуохха наада. Бастатан туран, төбө эчэйиилээх, хаан баттааһына олус үрдүк, бүөргэ уонна үөскэ таас баар буоллаҕына, эрчиллиилэри оҥорортон туттунар ордук. Биир эрчиллии чаас аҥаарыттан ордук уһуо суохтаах.
Эрчиллиилэри үс чааска араарыллар: 32 хамсаныылаах өрө тыыныы (вдох), онтон 3-6 сөкүүндэ сынньаныы, ол кэннэ барыта үстэ хатыланар. Саҥа саҕалааччылар аҕыста, эбэтэр уон алтата өрө тыынан хамсаныахтарын сөп. Болҕомто өрө тыыныыга ууруллар, салгын бэйэтэ хайдах баҕарар (айаххынан, эбэтэр муннугунан) тахсан барар.
Дьарыктары сарсыарда туран баран, аһыы иликкинэ, эбэтэр, аһаан баран, 1,5 чаас ааспытын кэннэ оҥорор ордук. Дьарык иннинэ хоһу салгылатыахха наада. Биир ый буолан баран, эмтиир дьайыыта биллэн барар.
Интэриниэтинэн видеону көрөн, эрчиллиилэри сөпкө оҥорорго үөрэниэххэ сөп.
Сүрүн эрчиллиилэр
“Ытыстар”
Көнөтүк туран, тоҥолохтору токурутан, ытыстары иннигит диэки нэлэтэн, санныгытыгар диэри көтөҕөҕүт. Муннугутунан тыастаахтык тыынаргытыгар сутуруккутун бобо тутаҕыт. Салгыны айаххытынан тыаһа суох таһаараргытыгар, тарбахтары саратаҕыт.
“Погончики”
Сутуруккутун биилгит диэки тутан, көнөтүк тураҕыт. Күүскэ өрө тыынаргытыгар илиигитин аллараа түһэрэҕит, салгыны таһаарарга төттөрү өттүк баттанаҕыт.
Носуос
Төбөҕүтүн төҥкөтөн, көнөтүк тураҕыт. Илиигитин босхо ыытан, төҥкөйөргүтүгэр муннугутунан тыастаахтык өрө тыынаҕыт. Көнөр кэмҥэ салгыны таһаараҕыт.
Төбөнү эргитии
Илиигитин босхо ыытан, көнөтүк тураҕыт. Төбөҕүтүн эрэ эргитэн, уҥа диэки хайыһаргытыгар муннугутунан өрө тыынаҕыт, хаҥас диэки хайыһаҕыт – өрө тыынаҕыт. Ол быыһыгар салгыны холкутук айаххытынан таһаараҕыт.
Куоска
Тобугу бокутан, чохчос гынар кэмҥэ бүтүн күөҥҥүтүн эргитэн, уҥа диэки хайыһаҕыт, өрө тыынаҕыт. Көнөн баран, хаҥас диэки хайыһаҕыт.
Кулгаах
Илиигитин босхо ыытан, көнөтүк тураҕыт. Уҥа кулгааххытын санныга сыһыараргытыгар өрө тыынаҕыт, хаҥас диэки сыһыараҕыт – өрө тыынаҕыт. Ол быыһыгар салгыны холкутук айаххытынан таһаараҕыт.
Маятник
Төбөҕүтүн төҥкөтөргүтүгэр өрө тыынаҕыт, көнөҕүт. Хантайаҕыт, эмиэ өрө тыынаҕыт. Ол быыһыгар айаххытынан салгыны таһаараҕыт.
“Перекат”
Уҥа атаххытын кэнники, хаҥас атаххытын инники уураҕыт, ыйааһыҥҥытын инники атахха ууран, чохчойон ыларгытыгар, өрө тыынаҕыт. Онтон ыйааһыҥҥытын кэнники атаххытыгар түһэрэн, чохчойон ыларгытыгар күүскэ өрө тыынаҕыт.
“Санныгын куус”
Көнөтүк туттан, илиигитин түөскүтүгэр диэри өрө көтөҕөн, тураҕыт. Өрө тыынаргытыгар, эмискэ санныгытын кууһан ылыҥ. Сүрэхтэрэ ыалдьар, инфарктаабыт дьон оҥорботтор.
Хардыы
Хаҥас атаххытын токурутан, үөһэ көтөҕүҥ, илиигитин көмөлөһүннэриэххитин сөп. Уҥа атаххытын бокутан, чохчос гынаргытыгар өрө тыынаҕыт. Көнөн баран, аны уҥа атаххытын өрө көтөҕөҕүт.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн
Александра Стрельникова (1912-1989) – опера ырыаһыта, педагог. 1934-1940 сылларга кини тыйаатыр солистката этэ. Куолаһын сүтэрэн баран, ийэтин (эмиэ опера ырыаһыта) кытта хайдах гынан чөлгө түһэрэр ньыманы көрдөөбүттэрэ.
Үчүгэй ырыаһыттар тыыналлара да биллибэккэ, ыллыыллар. Стрельниковтар бу маннык тыыныыны, ньыманы 12 сыл көрдөөбүттэрэ. Бастакы эрчиллиилэрин Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии иннинэ таһаарбыта. Александра Николаевна сааһыран, сценаҕа төннүбэтэҕэ, ол эрээри эдэр ырыаһыттары үөрэтэн барбыта, быраастары кытары элбэхтик алтыспыта. Кини айбыт гимнастиката ырыаһыттарга эрэ буолбакка, дьоҥҥо барыларыгар көмөлөөҕө көстүбүтэ. Онон элбэх киһиэхэ куоластарын төннөрөргө, тыҥа, мурун, сүрэх ыарыыларыттан босхолонорго көмөлөспүтэ. Көдьүүстээҕин билэннэр, батыһааччылар баар буолбуттара.
Кини 77 сааһыгар, муус доруобай киһи, суол саахалыгар түбэһэн өлбүтэ.