Коронавируһу тарҕаппат туһуттан, харантыын биллэриллэн, дьон-сэргэ дьиэтигэр олорор.
Бу күннэргэ киһи үксэ суотабайыгар, компьютерга күнүн барыыр буолбута саарбахтаммат. Оттон маннык олордоххо сүнньүҥ көһүйэр, көхсүҥ ыалдьар, сылбаахы буолаҕын. Онуоха, кырдьыга, үксүбүтүгэр хамсанарбыт куруук кэмчи.
Оттон Дьокуускай куорат 4 №-дээх оҕо спортивнай оскуолатын (ДЮСШ) чэпчэки атлетикаҕа ыстаарсай тириэньэр-преподавателэ Вера Контоева барыгытын сэрээккэлииргэ ыҥырар:
—Хамсанар буоллахха сүһүөх, уҥуох бөҕөргүүр, эт-хаан үлэтэ, хаан эргиирэ, хаан баттааһына тупсар, имигэс буолаҕын. Истириэскин устар. Көхсүҥ кэҥиир, холкутуйаҕын. Оттон хамсаммат киһи, доруобуйата мөлтүүр.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1