Чэгиэн: Аһыйыы — ыарыы төрдө

06.05.2021
Бөлөххө киир:

Организм 80% ууттан уонна убаҕастан турар. Ханнык баҕарар убаҕас аһыыба-солох (кислотно-щелочный баланс) эйгэлээх. Сорохторго ордук аһыы, сорохторго солоҕо баһыйар буолар. Ону 1-тэн 14-кэ диэри pH кээмэйинэн кээмэйдииллэр. Ортотугар – 7 сыыппараҕа нейтральнай көрдөрүүлээх буолар. 7-тэн кыра буоллаҕына, аһыы дэнэр.

Хаан pH көрдөрүүтэ куруук биир – 7,43 (+/- 0,02). Бу дьоҥҥо барыларыгар биир көрдөрүүлээх, уларыйыа суохтаах. Хаан аһыйаары гыннаҕына, организм солоҕу көрдүүр, тоҕо диэтэр, күүстээх аһыйыы өлүүгэ тиэрдэр. Онон аспытыгар солохтоох (щелочный) ас баар буолуохтаах эбит. Оттон аһы буһарарга, белоктары араарарга аһыы убаҕас наада, ол иһин куртах убаҕаһын pH көрдөрүүтэ саамай намыһах — 1.

Киһи организма мөлтөх солохтоох эйгэҕэ эрэ доруобай буолар. Бу мантан бары биохимическэй дьайыылар тутулуктаахтар. Эт-сиин аһыйан, pH-көрдөрүү 7-тэн аллара түһэн бардаҕына, араас ыарыы үөскээн барар. Холобур, искэн ыарыыларын биир төрүөтүнэн аһыыба-солох тэҥнэһиитин кэһиллиитин ааттыыллар.

Биири бигэтик өйдүөххэ наада: организм төһөнөн аһыйар да, ыарытыйан барар, ону ацидоз диэн ааттыыллар, солох элбээһинин алкалоз дииллэр. Ол иһин тэҥнэһии (баланс) баар буолуохтаах. Этэргэ дылы, “ортотунан сылдьыбыт ордук”.

Этиллибитин курдук, pH-көрдөрүү намтаан бардаҕына, организм бүөр уонна тыҥа көмөтүнэн саппаас солоҕу көрдөөн барар. Уҥуохтан кальцийы ылар, оччоҕо уҥуох чарааһаан, остеопороз диэн ыарыы үөскүүр. Биллэрин курдук, сааһырбыт дьон уҥуохтара чараас буолар. Кинилэр өр сылларга эттэрэ-сииннэрэ аһыйбытын түмүгэр, кальцийдарын былдьатан, бу ыарыыны өссө дириҥэтэллэр.

Ону тэҥэ, истириэс, санаа түһүүтэ, ыгылыйыы, күүрүү эмиэ аһыйыыны күүһүрдэллэр. Былчыҥ күүрэр, тыын кылгыыр, оччоҕо тыынарга гаас атастаһыыта мөлтүүр, тыҥа кислороду ситэ иҥэриммэт. Онон килиэккэлэргэ кыра эниэргийэ тиксэр. Хаан хойдор, ол сүрэх-тымыр ыарыыларыгар тиэрдэр.

Астан улахан тутулуктаах

Аныгы киһи аһа уларыйан, маҕаһыынтан атыылаһан аһыыр буолбута ыраатта. Ас белогун, углеводун, сыатын, калорийын ааҕыахпытын сөп, ол эрээри, аһыыба-солох тэҥнэһиитин өттүттэн көрбөт, билбэт эбиппит. Сүрүннээн, атыылаһан аһыыр аспыт (килиэп, эт, бурдук ас, саахар, куруппалар, сыыр, гаастаах утах, кофе, чэй, арыгы, пиибэ, кетчуп, рис, о.д.а.) – аһыы көрдөрүүлээх. Онон эппитин-сииммитин бэйэбит аһытан кэбиһэн, ыарыыны булан ылабыт эбит.

Амтаннара аһыы эрээри, солохтоох аска киирэллэр – лимон, дьаабылыка уксууһа, о.д.а. Оттон элбэх хлорофиллаах бородуукталар: салаат, сельдерей, петрушка, брокколи, оҕурсу, кабачок уонна отоннор, фрукталар – эмиэ солохтоох астар.

Аһыыбалаах уонна солохтоох астар ахсааннара тэҥ буоллаҕына, бэйэ-бэйэлэрин дьайыыларын сотон, “нейтральнай” көрдөрүүлээх буолаллар эбит. Ол иһин хайа да өттүгэр халбаҥнаабакка, тэҥнэһии буолуохтаах. Холобур, былыр сахалар аһыыр ньымаларын ылан көрүөххэ: эт ас аһыыбалаах эрээри, тоҥоруллубут тары, суораты, үрүҥ аһы сиир буолан, тэҥнээн биэрэллэр эбит. Оттон аныгы киһи аһа-үөлэ үксэ аһыыбалаах, ону көннөрүнүөхпүтүн наада.

Салгыы ханнык бородуукта хайдах көрдөрүүлээҕин табылыыссаҕа көрүҥ:

Солох (щелочь), рН

10

Шпинат, сельдерей, моркуоп, оҕурсуу, хаппыыста, луук, лимон, лайм

Солох, рН

9

Оливка арыыта, от уонна күөх чэй, сиикэй боб, инжир, финик, күөх фасоль, сүбүөкүлэ, черника, груша, мандарин, дыня, киви, виноград, укроп, петрушка, о.д.а.

Солох, рН

8

Дьаабылыка, помидор, сибиэһэй кукуруза, тэллэй, оливка, редиска, вишня, пшено, клубника, абрикос, персик, апельсин, грейпфрут

Нейтральнай

7

Уу, минеральнай уу, арыы, сүөгэй, чөчөгөй, сибиэһэй үүт

Аһыыба, рН

6

Сымыыт, балык, чэй, фрукта сога, йогурт, бүтүн бурдук, фасоль, изюм, хара килиэп, эбиэс, ньэчимиэн, быар

Аһыыба (кислота), рН

5

Буспут фасоль, куурусса этэ, пиибэ, саахар, фрукта кэнсиэрбэтэ, чечевица, кыһыл фасоль, буспут кукуруза

Аһыыба, рН

4

Ыраастаммыт, фильтрдаммыт уу, үрүҥ килиэп, ынах этэ, кофе, чернослив, сэлиэһинэй, эриэхэ, попкорн, фрукта суога

Аһыыба, рН

3

Бараан, сибиинньэ этэ, арыгы, бурдук ас, сыыр, мокоруон, маринад, уксуус, гаастаах утахтар, хара чэй, саахары солбуйар бороһуоктар

Аһыыба, рН

2

Кока-кола

Аһыыба, рН

1

Аһыыба, рН

0

Аккумулятор электролита

Уорганнарга дьайыыта

Кытай норуодунай мэдиссиинэтигэр янь (аһыыба) уонна инь (солох) тэҥнэһиитэ кэһилиннэҕинэ, ыарыы үөскүүр диэн суруллар. Бу ыарыылар (холобур, мурун бүөлэниитэ, үөс кэһиллиитэ) сылы-сылынан эмтэммэккэ сырыттахтарына, истириэс элбээтэҕинэ, үөрүү гормона – мелатонин оҥоһуллара намтаатаҕына, хамсаныы аҕыйаатаҕына, элбэх эми истэххэ, организм аһыйыыта өссө күүһүрэр.

Ол мэйиигэ эмиэ дьайарын учуонайдар чинчийэн тураллар. Чинчиллэр бөлөх оҕолорун 90%-ра болҕомтолоро суоҕун, ньиэрбэлэрэ күүрэн сылдьарын, уруокка тулуйан олорботторун, түргэнник сылайалларын бэлиэтээбиттэр. Бу оҕолор мэйиилэрэ аһыыба-солох тэҥнэһиитин кэһиллиититтэн көмүскэнэр ньымалара эбит. Сүүрэн-көтөн хамсаннахтарына, былчыҥнара үлэлээн, мэйиигэ хааны аҕалар. Бу 7,4 рН-көрдөрүүлээх хаан мэйиигэ киирэн, аһыйыытын тэҥниир.

Аһыыбалаах аһы (эт, гаастаах утахтар, арыгы, кофе, саахар) элбэхтик сиэтэххэ, бүөргэ рН-көрдөрүү намтыыр. Тоҕо диэтэр, организм ордубут аһыыбаны бүөр көмөтүнэн, иик нөҥүө таһаара сатыыр. Бу иик рН-көрдөрүүтэ төһөнөн намыһах да, бүөр ноҕуруускаланар. Онон бастакынан бүөр эмсэҕэлиир. Элбэх ууну истэххэ, аһыыбаны суурайан таһаарар.

Кураанах куртахха чаайынай ньуоска кэриҥэ аһыыба (кислота) баар. Бу аһаабыт кэннэ оҥоһуллубут аһыыба тобоҕо. Ууну истэххэ, куртах аһыыбаны таһаарбат. Онон кураанах куртахха ууну истэххэ, рН-көрдөрүүтэ – 1-тэн 5-6-ҕа диэри тахсар. Бу көрдөрүү үрдээтэҕинэ, организм рН-көрдөрүүтэ эмиэ үрдүүр, пробиотиктар (туһалаах бактыарыйалар элбииллэр), аһы буһарыы тупсар.

Ол эрээри, ыраастаммыт (фильтрдаммыт) уу рН-көрдөрүүтэ 4 эрэ (эти, килиэби кытары тэҥ), онон төттөрүтүн, аһытыан сөп эбит. Муус уута саамай үчүгэй көрдөрүүлээх — 7 рН. Аныгы кэмҥэ ууну солоҕунан байытар анал аппарааттар бааллар, ол эрээри сыаналара ыарахан буолар. 

Быар мөлтөх солохтоох рН-көрдөрүүлээх, ол эрээри искэ киирэр ас, утах бастаан кини үрдүнэн ааһаллар. Саахар, арыгы быарга киирэн арахсаллар, ону элбэҕи сиэтэххэ-истэххэ, бу уорган аһыйан барар.

Бэрэбиэркэлэнэн көрүҥ

Организм аһыйбытын бастакы сибикилэрэ манныктар: ис-үөс, сүрэх-тымыр систиэмэтин үлэтэ кэһиллэр, сэниэ суох буолар, күнүстэри утуктуу сылдьаҕын, былчыҥ, сүһүөх ыалдьар, баттах түһэр, тирии бааһырар, хатаалланар, уҥуох, тыҥырах уонна тиис кэбириир, иммунитет мөлтүүр, мэйии эргийэр, төбө ыалдьар, искэн ыарыыта буулуур.

Маннык сибикилэри буллаххытына, бастаан аптекаттан лакмусовай кумааҕылаах тест атыылаһан, бэрэбиэркэлэнэн көрүҥ. Силинэн быһаараллар. Биир нэдиэлэ устата күн аайы бэрэбиэркэлэнэн баран, ортоку быһаарыытын суоттаан таһаараллар.

Сил нуормаҕа эппиэттиир рН-көрдөрүүтэ 7-ҕэ (+0,5) тэҥнэһэр. Оччотугар тест кумааҕыта от күөх өҥнөөх буолар. 6-7 көрдөрүүгэ сырдык от күөх өҥү, онтон араҕаска тиийэ сырдаан иһэр. Ол аата аһыйыы сибикилэрэ бааллар, ол араас ыарыыга тиэрдиэн сөп. Онон туохтан аһыйыы барбыт төрүөтүн булан, аһы-үөлү көрүнэн, хамсаныыны элбэтэн, олох укулаатын уларытыахха наада.

Хайдах дьаһанабыт?

Уу pH-көрдөрүүтэ – 7. Онон аһылыктар икки ардыларыгар, кураанах куртахха ыраас ууну истэххэ, pH-тэҥнэһиитин көннөрөр. Ол иһин элбэх ууну иһиҥ дииллэр эбит. Ыраастаан, сайҕаан таһаарарын таһынан, бу аһыыба-солох тэҥнэһиитин көннөрөр. Куртах тулуйар буоллаҕына, сарсыарда аайы лимоннаах ууну иһэр олус туһалаах.

Айылҕаҕа 6 солохтоох минерал баар: натрий, калий, магний, кальций, тимир, молибден. Бу маннык минералларынан баай састааптаах аһы аһыырга дьулуһуҥ. Күн аайы күөх өҥнөөх оҕуруот аһыттан (оҕурсу, күөх биэрэс, спаржа, салаат, укроп, петрушка, моркуоп уонна сүбүөкүлэ уктара, микрозелень) салаат оҥорон, ону лимон сүмэһининэн уонна оливка арыытынан тумалаан сиэтэххитинэ, аһыйыыны намтатар. Отоннору сибиэһэйдии сиэҥ, смузи оҥорон иһиҥ. Спирулина, хлорелла курдук күөх суперфудтары атыылаһан сиэҥ. Күннэтэ 1,5-2 лиитирэ ыраас ууну иһиҥ. Гаастаах утахтан, саахартан аккаастаныҥ.

Күн аайы таһырдьа тахсан күүлэйдээҥ, хаамыҥ. Аһыйыы күүстээх буоллаҕына, солохтоох минераллары: магнийы, калийы, кальцийы иһиҥ (анаалыс түмүгүнэн, тиийбэт буоллаҕына). Үчүгэйдик тыынар, элбэхтик сибиэһэй салгыҥҥа сылдьар буоллахха, килиэккэлэр соччонон үчүгэйдик “аһыыллар”, токсиннартан ыраастаналлар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: kp.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0