Сэтинньи 1 күнүгэр Саха сирин бары киинэ тыйаатырдарыгар саҥа сахалыы киинэ сүрэхтэниэҕэ. Бу киинэ сүрүн уратыта диэн, киэҥник биллибит килииптэн уһуллубута буолар.
Өрөспүүбүлүкэбит талааннаах дьонуттан биирдэстэрэ, ураты көрүүлээх фотограф, режиссёр, оператор Виктор Ли-Фу 2017 сыллаахха «Чээкэ» диэн киэҥ эйгэҕэ тахсыбыт килиипкэ олоҕуран киинэ уһулла. Килиипкэ Виктор кэргэнэ Күннэй — Ульяна Ли-Фу ыллыыр. Килиип бэйэтин кэмигэр үгүс дьон биһирэбилин ылбыта. Арассыыйа биир улахан ютуб-ханаалыгар — «Ello»-ҕа тахсыбыта.
Киинэ тахсарынан сибээстээн, Виктор Ли-Фулуун, «Чээкэ» режиссёр-продюсерын кытта көрсөн кэпсэттибит:
— Туох ис хоһоонноох киинэни көрүөхпүтүй?
— «Чээкэбит» ырыа-үҥкүү аргыстаах кэмиэдьийэ буолла. Ыччакка аналлаах, күлүүлээх, киһини аралдьытар, ураты киинэ. Киинэбитигэр туох да хаан-сиин, охсуһуу, өлөрсүү суох. Мантан элбэҕи кэпсээтэхпинэ, ис хоһоонун барытын арыйан кэбиһиэҕим (күлэр). Экспериментальнай киинэ диэххэ сөп. Саха көрөөччүлэрэ сөбүлүөхтэрэ диэн эрэнэбин.
— Сүрүн оруоллары кимнээх толордулар?
— Килиипкэ баар дьон Анатолий Кириллин, Уля Сергучёва уонна Василий Марков, Евгений Пивоваров, Игорь Говоров, Пётр Баснаев уо.д.а. уһулуннулар. Сценарийы Мария Находкина суруйда, композиторынан Андрей Фёдоров үлэлээтэ, оператор-постановщик Иван Семёнов буолла.
— Килииптэн киинэ оҥорор санааҕа хайдах кэлбиккитий?
— Чээкэбит хайдах эрэ наһаа үчүгэй дьоруой буолан хаалбыта, интэриниэт ситимигэр көрүүтэ элбэх, оннооҕор өрөспүүбүлүкэ таһынан атын куораттарга Чээкэни косплейдыыллар (үтүктэллэр) этэ. Ол иһин буолуо дуу, киинэ устарга санаммыппыт.
— Хаһааҥҥыттан устан саҕалаабыккытый?
— Аан бастаан атын сценарий баар этэ, онон устуох курдук буолан иһэн тохтообуппут. «Чээкэ» диэн ааттаах киинэ буолан баран, Чээкэбит туһунан олох кыра баара. Онон, Мария Находкина сценарийы үс ый кэриҥэ суруйбута. Барыта саҥаттаан суруллубута. Киинэни бэйэтин от ыйыттан саҕалаан биир ый устубуппут.
— Киинэни устар элбэх үбү-харчыны эрэйэр, быһа холоон, төһө барда?
— Бүддьүөппүт ситэри ааҕыллан бүтэ илик, онон бу диэн сатаан эппэппин. Быһа холоон, 2-3 мөл. солк. курдук.
https://www.instagram.com/p/Boi6wveF3gF/?taken-by=cheekemovie
— Киинэни устарга туох ыарахаттары көрсүбүккүтүй?
— Уопсайынан, киинэни устар манан дьыала буолбатах. Бу иккис киинэбит буолан, арыый да уопутуран, бастакы бырайыакпытынааҕар судургу курдук.
— Ханнык эмит бэстибээлгэ кытыннараары уһуллугут дуо?
— Бэстибээлгэ кыттар киинэ буолбатах, формата атын соҕус. Киһини аралдьытар, дьиэ кэргэнинэн көрүүгэ ананна. Туох даҕаны номинацияны эрэйбэппин, сүрүн сыалым — норуот сөбүлээтин диэн.
— «Чээкэ» киинэни Арассыыйа атын куораттарыгар көрдөрүөххүт дуо? Киин куораттарга үөрэнэр оҕолор саха киинэтин көрдөрөллөрүн олус күүтэллэрин туһунан истибитим.
— Былырыын «Уол оҕото» диэн киинэбитин ыыта сылдьыбыппыт, биир күн көрдөрбүттэрэ. Бу сылга, хомойуох иһин, табыллыбата буолуо. Киинэ куоппуйатын ыытыыта, сүүрүүтэ-көтүүтэ элбэх, киинэ тыйаатырдарын кытта дуогабар түһэрсиэххэ, барытын хонтуруоллуохха наада. Манна диэн эттэххэ, атын куораттартан этии да киирэ илик.
— Киинэни көрөн баран, үгүс көрөөччү иккис чаастаах буолуо дуо диэн ыйытааччы. «Чээкэ» туһунан өссө устар былааннааххыт дуо?
— Билигин тугу да этэр кыаҕым суох. Арай, инники историятын толкуйдуохха сөп, тоҕо кини күөх бытыктаах буолбутун туһунан.
— Чээкэ бытыга дьиҥнээх дуу, оҥоһуу дуу?
— Килиипкэ сымыйа бытык этэ, оттон киинэҕэ дьиҥнээх бытыктаах Чээкэ көстүөҕэ.
— Киинэҕит туһунан сырдаппыккытыгар махтанабыт. Инники бырайыактаргытыгар, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!
— Махтал!
Лера Львова, edersaas.ru