Күп эбэҥки национальнай нэһилиэгэр «Улуу Кыайыы 70 сыла» диэн этнокултуурунай-спортивнай киин 2015 сыл ахсынньы 4 күнүгэр үлэҕэ киириэҕиттэн ыла, дириэктэр хоһо Бочуоттаах кырааматанан толору.
edersaas.ru
Этнокултуурунай киин иһинэн үлэлиир «Чээчэбил» норуодунай кэлэктиип үс көлүөнэ дьону: бэтэрээннэри, орто саастаахтары, ыччаты түмэн үлэлиир. «Чээчэбиллэр» эбэҥки норуотун фольклорун, култууратын, үгэстэрин пропагандалыыллар.
Кэлэктиип ыччаттарын бөлөҕө араас айар куонкуруска кыттыа эрэ кэрэх – Гран-при хаһаайына буола түһэр. Төрөөбүт дойдуларыгар кыайыы эрэ көтөллөөх сылдьар дьон, аны Соҕуруу Кореяҕа тиийэн «Динамичное Ванжу» бэстибээлгэ норуоттар икки ардыларынааҕы үҥкүү куонкуруһугар кыттан бочуоттаах үһүс миэстэҕэ тиксибиттэр.
«Чээчэбиллэр» ол бэстибээллэрин туоһута — анал кыраамата култуурунай киин дириэктэрин хоһугар саамай көстүүлээх сиргэ ыйанан турар.
Санаан көрүҥ – бу куонкуруска 24 дойдуттан 700 үҥкүү ансаамбыла, онтон 160-на «норуодунай» статустаах! Ол онно Саха сирин «Чээчэбилэ» хаһаайыттар кэннилэриттэн үһүс миэстэни ылыыта – сөҕүмэр ситиһии. Ити 2016 сыллаахха эбит.
Эһиилигэр Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин Култуураҕа министиэристибэтин ыҥырыытынан «Эвенкийский Нимгакан» диэн бэстибээлгэ кыттыбыттар. Онно «Помотыпкан» уонна «Тайҕа уһуктуута» диэн театрализованнай көстүүлэри эбэҥкилии тылынан көрдөрөн, лауреат аатын ылан кэлбиттэр.
«Чээчэбил» ансаамбыл ситиһиитин туһунан Күп нэһилиэгин «Улуу Кыайыы 70 сыла» этнокултуурунай-спортивнай киин дириэктэрэ Анастасия Ефремова кэпсээтэ.
Ити курдук, омук сирдэринэн эрэ айанныыр, ааттаах-суоллаах бэстибээллэргэ эрэ кыттар «чээчэбиллэр» суоллара өрүү аһаҕас, былааннара сөҕүмэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ уонна «Чээчэбил» ансаамбыл архыыбыттан.