Чээбий олоҥхоһуту кэриэстээтилэр

27.06.2018
Бөлөххө киир:

Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан бэс ыйын 21 күнүгэр, күн саамай уһуур күнүгэр, сиэр-туом толорор уйгулаах ыһыаҕы тэрийэллэрэ. Бу бэлиэ күн Амма улууһугар Эмис с.  бэйэтин улууһун аар саарга аатырдыбыт улуу олоҥхоһуттара Тимофей Васильевич Захаров-Чээбий төрөөбүтэ 150 сылыгар аналлаах, улуус таһымнаах, дьоһуннаах ыһыах кини төрөөбүт-үөскээбит, сүүрбүт-көппүт алааһыгар Күөрэлээххэ ыһылынна.

edersaas.ru

Өлөр өлүүттэн быыһаммыта

Биһиэхэ биллэринэн, саха литературатын айбыт аҕата Өксөкүлээх Өлөксөй Чээбийи анаан-минээн көрсүбүтэ, олоҥхотун, ырыатын-тойугун истибитэ, кэрэхсээбитэ. Киин улуустар улахан биллиилээх олоҥхоһуттара Н.А.­Абрамов-Кынат, И.И.Бурнашев-Тоҥ Суорун, Е.Е.Иванова, У.Г.Нохсоороп уо.д.а. Чээбий олоҥхолорун бэйэлэрин репертуардарыгар киллэрэн олоҥхолуур буолбуттарын кэпсииллэрэ. Чээбий олоҥхоһут быһыытынан көмүстээх Бодойбоҕо үлэлии сылдьан өссө киэҥник биллибитэ. Ити кэмҥэ Сунтаартан Бэйэлэйдээх Мэхээлэ, Үөһээ Бүлүүттэн Биэчэрэ олоҥхоһут быһыытынан биллэн-көстөн дойдуларыгар төннүбүттэрэ. Биллиилээх фольклорист уонна литературовед Г.М.Васильев олоҥхоһуттар көмүстээх тайҕаҕа көрсөн, уран тыл ууһугар, дорҕоон туонатыгар талба талааннарын сайыннараллара диэн саамай сөпкө бэлиэтээн эппитэ. Чээбий тайҕаттан тахсан баран, дойдутугар олоҥхоһут быһыытынан өссө аатырбыта-суолурбута, уран тыл ууһунан баайдары, баттыгастаахтары утары туруммута, сэбиэскэй былаас ыытар бэлиитикэтин тутуспута. Ревком бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир сылларыгар сэбиэскэй былаас бастакы салайааччыларын П.А.Ойуунускайы, М.К.Аммосовы кытта сирэй билсибитэ, олоҥхотун омуннаах-төлөннөөх ырыаларын иһитиннэрбитэ биллэр. Ол да иһин, бандьыыттар кинини тутан хаайа сылдьыбыттара, олоҥхоһут идэлээх ­буолан (кинилэр да олоҥхону сэҥээрэллэрэ буолуо) уонна дойдутун дьоно туруорсаннар, өлөр өлүү былаҕайыттан тыыннаах хаалбыта.

Чээбий оскуолата

Гражданскай сэрии кэнниттэн нэһилиэгэр ревком бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан маҥнайгы оскуоланы астарбыта. Ол оскуолаҕа үөрэх наркомунан үлэлээбит, историческай наука хандьы­даата В.Н.Чемезов, норуодунай бэйиэт В.М.Новиков-Күннүк Уурастыырап, норуот аатырбыт ырыаһыта, олоҥхоһута У.Г.Нохсоороп уо.д.а. маҥнайгы үөрэнээччилэринэн буолбуттара уонна дойдуларын Амманы, Эмиһи аатырдыбыттара. Күннүк Уурастыырап олоҥхоҕо уһуйбут учууталынан мэлдьи Чээбийи өрө тутан ахтара. Устин Нохсоороп тыйаатырга үлэлиир сылларыгар «Ньургун Боотур» опера ырыаларын матыыптарын саха бастакы композитора М.Н.Жирковка суруйтаран, Чээбий ырыатын-тойугун профессиональнай искусство сайдыытыгар киллэртэрбитэ. Онон, Амма аатырбыт улуу олоҥхоһута Т.В.Захаров-Чээбий олоҥхотун ис номоҕо, ырыатын-тойугун матыыптара биһиги кэмнэрбитигэр дуораһыйан иһиллэр, олоҥхону үөрэтээччилэр, чинчийээччилэр үлэлэригэр аата ааттанар, иһиллэр.

Чээбийгэ аналлаах кинигэ

Соторутааҕыта Е.Д.Уварова «Улуу олоҥхоһут Чээбий» диэн бэртээхэй кинигэтэ тахсан, кини аатын үйэтитиигэ дьоһуннаах үлэ курдук сыаналанна. Ол да иһин, Чээбийгэ аналлаах ыһыахха Екатерина Даниловнаҕа  СӨ национальнай кэми­тиэтин бэрэссэдээтэлэ А.Н.Жирков аатыттан Бочуотунай Грамотаны уонна кыһыл көмүс дуйдаах чаһыыны туттарбыппытын ыһыах дьоно уруйунан көрүстүлэр. Олоҥхоһут үбүлүөйүгэр «Ала Булкун» олоҥхотун аныгы сиэринэн икки тылынан (сахалыы-нууччалыы) киирии ыстатыйалаан, текстологическай быһаарыылаан таһаарарга ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар институттарын учууталлара үлэлэһэ сылдьаллар, нэһилиэк уонна улуус сала­йааччылара төһө да халаан уутуттан эмсэҕэлээтэллэр, үбүлээһинин быһаарыах буоллулар. Өрөспүүбүлүкэ бо­чуоттаах мецената Р.Е.Федотов кинигэ тахсарыгар ыһыах дьонун иннигэр көмөлөһөргө тылын тиэртэ.

Амма улууһун баһылыга Н.А.Архипов дьаһалынан 2018 сыл Чээбий сылынан биллэриллибитэ уонна тохсунньу ый 19 күнүгэр Эмис с.  Күннүк Уурастыырап сылын түмүктүүр уонна Чээбий сылын аһар үөрүүлээх тэрээһин буолан ааспыта.

Ыһыах биир үөрүүлээх түгэнинэн Т.В.Захаров-Чээбий бюһун туруоруу буолла. Норуот маастара М.Дьячковскай боруонсаттан кутан оҥорбут бюһун бөһүөлэк көстүүлээх сиригэр туруорбуттара уонна П.А.Ойуунускай Чээбий туһунан эппит кэрэ тылларын киллэрбиттэрэ кинини олоҥхоһут быһыытынан өссө өрө көтөҕөр.

Чээбийгэ аналлаах ыһыаҕы Дьокуускай куоракка олорор Амма түмсүүтэ (сал. Н.И.Илларионова), Эмис нэһилиэгин түмсүүтэ (Л.В.Николаева) биир дойду­лаахтарын көҕүлээн тахсыбыттара астыннарда. Түмсүүгэ Амма талааннаах дьонноро: СӨ үтүөлээх артыыстара Е.Потапова, И.Ноговицина, П.Андреев самодеятельность артыыстара Е.Новикова-Дьулуура, И.Птицын дойдуларын дьонугар ыллаан-туойан, үҥкүүнэн дьүһүйэн ыһыаҕы киэргэттилэр. Кэнсиэри эмистэр бэйэлэрин уоллара П.Константинов-Арылхан айылҕаттан бэриллибит кэрэ-чуор куолаһынан доҕуһуоллаан ыыппытыттан ыһыах дьоно бары да астыннылар.

Т.В.Захаров-Чээбийгэ аналлаах улуус ыһыаҕа бэрт тэрээһиннээхтик, сүргэни көтөҕөрдүү тэриллэн ыытыллыбытыгар нэһилиэк дьаһалтатыгар И.И.Пестеревкэ, Култуура дьиэтин салайааччытыгар А.А.Ивановаҕа, нэһилиэк сис дьонугар О.С. уонна А.К.Михайловтарга барҕа махтал буолуохтун. Чээбийгэ аналлаах тэрээһиннэр салгыы даҕаны тэрээһиннээхтик ыытыллан барыахтарыгар эрэл улахан.

В.В.ИЛЛАРИОНОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0