Чечняҕа – биир өлүүгэ сылдьыбыт бойобуой доҕотторунуун

23.02.2017
Бөлөххө киир:

«Ханна барбыппын да, кэлбиппин да өйдөөбөппүн. Кыл түгэнэ «дьэ бүттүм» диэн санаа охсуллан ааспыта. Арай госпиталга уһуктан кэлбиппин өйдүүбүн. Ити күн улаханнык бааһырбыт этим», — диэн кэпсиир «Сулууспаҕа ураты хорсун быһыытын иһин» 2-с степеннээх мэтээл, Сэбиэскэй Сойуус Маршала Георгий Жуков аатынан мэтээл хаһаайыннара, Чечня сэриитин кыттыылааҕа Алексей Яковлев.

Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

2001 сыл кыһына этэ. Алексей Дьокуускайдааҕы педучилище физкультурнай отделениетын бүтэрбит сыла. Бу дьыл хаһааҥҥытааҕар да эрдэ хаардаан сэтинньи саҥата номнуо кыстык хаар түһэн сир-дойду үрүҥ былаатын эрдэ бааммыта. Алексей ити сылы кэлин «олохпун тосту уларыппыт хаар» диэн ахтыаҕа.
Кини ити сыл сэтинньигэ армияҕа ыҥырылларын туһунан бэбиэскэни тутан, бэҕэһээ эрэ устудьуон аатын сүгэ сылдьан, Хабаровскайга Сосновка бөһүөлэгэр 6767 диэн нүөмэрдээх байыаннай чаас байыаһа буола түспүтэ. Манна кинилэри сыл аҥара үөрэтээт тута байыаннай бөлөххө көһөрбүттэрэ. Бу бөлөххө кэлээт уолаттар түүннэри-күнүстэри дьарыктанан байыаннай сорудахтары толорууга күүскэ бэлэмнэнэн барбыттара.
Онтон 2002 с. балаҕан ыйыгар чаастарын бүтүннүүтүн тутуһуннарбытынан сэрии буола турар сиригэр Чечняҕа ыыталлар.

Бастакы сүрэхтэнии

Уолаттар Хабаровскайтан поеһынан айаннаан Чечняҕа тиийэллэр. Алексейга, төрөөбүт дойдутуттан ырааппатах киһиэхэ, Кавказ хайалара үрдүктэрэ, сүдүлэрэ ураты этэ.
— Чурапчым чүөм алаастарын кытта тэҥнээтэххэ, Чечня олох ураты айылҕалаах этэ. Саха сириттэн кыс хаар ортото армияҕа барбыт буоллахпына, бу дойдуга кыһын диэн суоҕа. Ардах кэлэ-кэлэ түһэрэ, онон барыта бадараан дойду биһигини көрсүбүтэ, — диэн этэр уонна ол кэми эргитэн көрөрдүү хараҕын симэн чочумча олоро түстэ. Онтон салгыы кэпсиир.
— Онно тиийэн хайалар быыстарыгар быстах кэмҥэ олорор пуун тэрийбиппит. Ол сирбититтэн араас операцияларга барарбыт, ауллары киирэн бэрээдэги көрөрбүт. Хайалар быыстарыгар балаакканан түһэн хас да хонорбут. Атын чаастары кытта холбоһон элбэх буолан барар этибит. Уонна барарбытыгар бөртөлүөттэр үөһэттэн сылдьан харабыллыыллара. Онон эрэх-турах сананарбыт. Үксүн хайа саамай үрдүк чыпчаалыгар дабайа сатыырбыт. Айылҕатын биир дьиктитэ баар: хайа үрдүгэр таҕыстахха кыһын буолар, онтон аллараа түстэххэ – сайын, — диэн саҕалыыр кэпсээнин.

«Сурук күндүтүн онно сылдьан билбитим»

Киин бэчээккэ Чечня иккис сэриитин (сэрии 1999 с. баран 2009 с. биирдэ түмүктэммитэ) туһунан «сэрии хайалар быыстарыгар бара турар буолан, туох-ханнык балаһыанньа буолара эрдэттэн биллибэт этэ» диэн суруйаллар. Кырдьыга да, оннук этэ. Байыастар күнүстэри-түүннэри манабылга, кэтэбилгэ сылдьаллара. Өстөөх хантан саба түһүөҕэ биллибэт этэ.
«Ааһан иһэн урусхалламмыт, дэлби тэбиллибит ауллары, куораттары көрөрбүт. Дойдум маннык урусхалланыаҕын санаатахпына, өссө кыһыйан-абаран туран кимэн киириэхпин баҕарталыырым», — диэн ахтар кини ол сыллары.
— Алексей, байыас биир күннээх олоҕуттан быһа тардан кыратык кэпсиэҥ буолаарай? — мин сэһэргэһээччим санаатын быһымаары оргууй ыйытабын.
— Сороҕор уубут тиийбэт буолан хаалааччы, — чопчу биир ханнык эрэ күнү саныы олорор быһыылааҕа, кэпсээнин ортотуттан саҕалаата. — Уубутун дьэ оччоҕо кэмчилээн сор бөҕө буолааччыбыт. Аны ити операцияларга сылдьан аһыырбытыгар «БТР»-дарбытын (куйахтаах байыаннай тиэхиньикэ) төгүрүччү туруортаан баран ол быыстарыгар олорон аһыырбыт. Үксүн тыа быыһыгар хонорбут, сороҕор окуопа хастан онно түүммүтүн атаарарбыт. Атастаһа сылдьан блокпоспутун маныырбыт. Ол олордохпутуна сороҕор тревога биллэрэн хайалары ытыалыырбыт. Командирбарбыт биэрбит координаталарынан ытыалаан баран, аҕыйах хонугунан ол сири баран бэрэбиэркэлээн кэлэрбит.
Аны күнүс айанныырбытыгар сапердар эрдэ баран талахтар быыстарыгар растяжка миинэлэри ылҕаан кэлэллэрэ. Туох баар байыаннай сэппитин-сэбиргэлбитин, автоматтан саҕалаан пушкатыгар тиийэ, илдьэ сылдьар буоламмыт, хайаны дабайарга түргэнник сылайарбыт. Онно хата оскуолаҕа сылдьан сүүрүү секциятыгар сылдьыбытым, кэлин педучилищеҕа дьарыктаммытым туһалаабыттара. Үрдүгүнэн снаряд тыаһа ньирилиир, ньиэп умайан хара буруонан күүдэпчилэнэр… Ол да буоллар, ким да өлөр-тиллэр туһунан толкуйдаабат этэ… — эмиэ саҥата суох барабыт, хос иһэ уу-чуумпу буолар. Арай онтон тэһииргээн истиэнэ чаһыта биир кэм тиҥиргиирэ иһиллэр.
— Оттон иллэҥ кэм диэн баара дуо? Онно тугу гынар этигитий? — Алексей санаатын аралдьытаары уонна кэпсээнин ситэртээри туоһулаһабын.
— Иллэҥ кэм диэн да суоҕа. Бириэмэ булларбыт эрэ, аптамааттарбытын көрүнэрбит, таҥаспытын-саппытын суунарбыт. Уолаттар гитаранан ыллыыллара, ону истэрбит. Хабаровскайтан, байыаннай чааспытыттан, ыйга биирдэ-иккитэ почта кэлэр этэ. Ону кэтэһэн-манаһан дьоммут ыыппыт суруктарын ааҕарбыт. Оччолорго суотабай диэн суох буоллаҕа. Онон суругунан эрэ кэпсэтэрбит. Сурук олус күндү буоларын ол онно билбитим. Дьонум Чечняҕа сылдьарбын кэнники билбиттэрэ. Ийэм наһаа аймаммыт этэ…

Бааһырыы

2002 с. эмиэ кыһын этэ. Василиса Николаевна, Алексей ийэтэ, түүн үөһэ «Өлүөсүк» диэн уолун ааттаабытынан эмискэ уһукта биэрбитэ. Ийэ чараас сүрэҕэ киниттэн ыраах Кавказ хайаларыгар сулууспалыы сылдьар уола туохха эрэ түбэспитин бүтэйдии сэрэйэн ытырбахтаан ылбыта.
— Өлүөсүк Чечняҕа барарын биһиэхэ эппэтэҕэ. Хас ый аайы Хабаровскайга төлөпүөннээн билсэ олорбуппут, төлөпүөҥҥэ ыҥыраллар этэ. Кэлин полигоҥҥа сылдьар диэннэр олох да ыҥырбат буолбуттара. Биһиги долгуйуу бөҕө. Онтон биир күн төлөпүөннээбиппэр дьуһуурунай кыыс «Чечняҕа ыыппыттара» диэн эппитигэр сүрэҕим «парк» гына түспүтэ. Оччолорго сэрии үгэннээн турар кэмэ этэ дии. Ити төлөпүөннэһии кэнниттэн хас күн аайы таҥараҕа үҥэр буолбутум, барыта этэҥҥэ буоллун диэн… — төлөпүөн нөҥүө Василиса Николаевна кэпсии туран ах баран уйадыйан ылла…
Кырдьык, Алексей төрөппүттэрэ сэрэйбиттэр этэ. Кини ити күн спецоперацияҕа сылдьан улаханнык бааһыран суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута. Кинини бастаан хайалар быыстарыгар турар байыаннай госпиталга эмтээн баран, салгыы Ханкала диэн Грознай таһыгар баар бөһүөлэккэ Россия байыаннай чааһыгар илдьибиттэрэ. Ый кэриҥэ госпиталга сыппытын кэннэ аны атын региоҥҥа ыыталлар. Онтон салгыы байыаннай чааһыгар Хабаровскайга баран эмтэнэр.

Контракт баттаһыыта

Алексей ити эмтэнэ сылдьан 2003 с. күһүн сулууспалыыр болдьоҕо бүтэрэ тиийэн кэлэр. Улахан эчэйиини ылан биир сыл кэриҥэ балыыһа киһитэ буолбут байыас, дьиҥэр, дьиэтигэр барарын туохтааҕар кэтэһэр буолуон сөп этэ. Ол эрээри Алексей атыннык саныыра. «Бииргэ сулууспалаабыт уолаттарыҥ убай-быраат курдук буолаллар. Кинилэрдиин бары биир дьиэ кэргэн буолан хаалаҕын. Онон уолаттарбар төннөр санаалааҕым», — диэн этэр кини. Онон биир санааны ылынан, «уол оҕо биирдэ – ат өрөҕөтүгэр, биирдэ – ат уорҕатыгар» диир да, контракт баттаһан салгыы сулууспалыы хаалар. Эмиэ күнүстэри-түүннэри бэлэмнэниилэр, дьарыктар саҕаланаллар. Ол кыһыныгар кинилэри эмиэ Чечняҕа ыыталлар.
Чечняттан эһиилигэр эргиллэн дуогабара бүтэн 2004 с. күһүнүгэр төрөөбүт төрүт буоругар үктэнэр дьолу билбитэ.

Армия кэнниттэн

Алексей армияттан кэлэн баран тута үрдүк үөрэххэ СГУ Юридическай факультетыгар кэтэхтэн үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн билигин идэтинэн үлэлии сылдьар. 2008 с. ыал буолан билигин икки оҕо амарах аҕата.
— Алексей, ууну-хаары, уоту-күөһү ортотунан аастаҕыҥ. Билигин уонча сыл ааспытын кэннэ сэрии туһунан туох өй-санаа хаалбытый?
— Улахан этэрим да суох курдук, этэҥҥэ эргиллэн кэлбиппитигэр Үрдүк Айыыларга махтанабын. Уол оҕо армияҕа хайаатар сылдьыахтаах дии саныыбын. Уолаттарга олох оскуолатын баралларыгар, олоххо үчүгэй бэлэмнээх буолалларыгар армия төһүү күүс буолар эбит. Эт-хаан да өттүнэн сайдаҕын, өйүҥ-санааҥ да уларыйар. Уонна эр киһи буолан баран Аҕа дойдутун көмүскүүргэ өрүү бэлэм буолуохтаах, — диэн түмүктүүр кэпсэтиибитин Алексей.

Ыспыраапка: 2004 с. сэтинньитигэр РФ президенэ Владимир Путин илии баттааһыннаах «Яковлев Алексей Иванович награжден медалью Жукова» диэн дастабырыанньа уонна мэтээл тигинээн кэлэр. Бу мэтээли байыаннайдарга 1994 с. саҕалаан сулууспаҕа көрдөрбүт хорсун быһыытын, эрдээх санаатын иһин туттараллар.

Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0