Чечняҕа арыгыны хайдах кыайдылар?

02.12.2016
Бөлөххө киир:

”Итирик суоппардар террористарга тэҥнээхтэр!” диир аҕа баһылыктара Рамзан Кадыров

Бэҕэһээ федеральнай сайтарга Чечняҕа арыгыны атыылыыр маҕаһыыннар сабыллыбыттарын туһунан иһитиннэрии тарҕаммыта. Ол эрэн, болҕомто улааппытыгар Кадыров атыннык эттэ. Сөп ээ, кини сороҕор федеральнай сокуоннартан туспа көрүүлээх буолааччы. Оттон сокуон аата сокуон, Россия ханнык баҕарар регионугар биирдик дьайыахтаах. Кини: “Арыгы атыытын олох бобон кэбиспэппит, ол гынан баран, атыылааччылар аккаастаналлара – ол бэйэлэрин көҥүллэрэ” диэн эттэ.
2009 сыллаахха Рамзан Кадыров көҕүлээһининэн сокуон ылынан, арыгы атыытын хааччахтаабыттара. 2016 сыллаахха барыта 20 маҕаһыын эрэ арыгыны атыылыыр этэ. Ону даҕаны, сарсыарда 8-тан 10 чааска диэри, икки эрэ чаас устата. Бу балартан сорохторо федеральнай лицензиялаахтар.
Сэтинньи 28 күнүгэр Грознай куорат аттыгар массыыналар харсыһан, 7 киһи өлүүлээх улахан саахал тахсыбыта. Манна буруйдааҕынан арыгы иһэн баран уруулга олорбут Алам Ходжаев этэ. Саахалга Ходжаев бэйэтэ өлбүтэ, ол гынан баран, сурах быһыытынан иһиттэххэ, кини аймахтара бары суһал соҕустук дойдуларыттан тэскилээбиттэр үһү… Террориска тэҥнэммитин кэннэ, онтон атын буолуо дуо?

Кадыров “Инстаграмыгар”: “Итак, в одно мгновение лишились жизни семь человек. Это сравнимо с крупным терактом… Когда собираются опомниться, какие ещё суровые наказания нужно придумывать? Могу одно добавить, что задержанным за рулём в нетрезвом виде, не будет никакой пощады!” диэн суруйбута.chechnya1

Биллэрин курдук, мусульманнар арыгыны испэттэр, иһэри утараллар. Онон киэҥник иһии да суох. Ол да буоллар, 1,4 мөлүйүөн киһилээх өрөспүүбүлүкэҕэ сыл саҥатыттан суолга 343 быһылаан тахсан, 100-тэн тахса киһи тыына быстыбыт.
Маны тохтотор сыалтан, суолга быһылаан тахсарын сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи оперативнай ыстаап тэриллибит. Ыстаабы Чечня парламенын спикерэ, Россия Геройа Магомед Даудов салайар.
Даудов быһылаан кэнниттэн тута арыгыны атыылыыр предпринимателлэри ыҥыран, кытаанахтык кэпсэппит. Ол түмүгэр кинилэр лицензияларыттан баҕа өттүлэринэн аккаастаммыттар. Арай, федеральнай лицензиялаах аҕыйах маҕаһыын хаалбыт. Онон Чечняҕа биир да арыгы атыыламмат диэн этии арыый сыыһа буолан тахсар.

Магомед Даудов “Инстаграмыттан”: “«Я призвал их прекратить заниматься деятельностью, которая губит нашу молодежь, разрушает семьи, является угрозой для жизни и здоровья окружающих, а во многих случаях — прямой причиной смерти ни в чем не повинных людей… Когда мы справедливо приравниваем пьяных водителей к террористам, то о тех, кто поставляет им спиртное, мы можем говорить только как о сообщниках террористов. И мы приложим все усилия для того, чтобы раз и навсегда искоренить это зло в Чеченской Республике!”.

Алам Ходжаев урут арыгы иһэн баран, уруулга олорон, 18 төгүл тутулла сылдьыбыт эбит. Бу киһи эрдэ тоҕо бырааба быһыллыбатаҕай? Даудов өрөпүүбүлүкэ борокуруорун Шарпудди Абдул-Кадыровы ыҥыран ылан, манна сыһыаннаах дьону эмиэ эппиэттэтэргэ сорудахтаата. Борокуруор бу боппуруоһу ураты хонтуруолга ылыам диэн эрэннэрдэ. Ону тэҥэ, арыгыны иһиини сэргэ наркотик аҥардаах ол-бу оттору тардыы тарҕаммытын эмиэ утары охсуһаллар.
Саха сирин кытта тэҥнээтэххэ
Саха сиригэр арыгы иһэн баран, уруулга олоруу, суол быһылааныгар түбэһии тахса турар. Бу сыл 10 ыйын түмүгүнэн, Саха сиригэр итирик туруктаах суоппардарга 1130 холуобунай буруй оҥоһуллубут. Мантан аҥардара – 30-гар диэри саастаах эдэр дьон. Буруйдаах дьоҥҥо накаастабыл миэрэлэр (ыстараап, булгуччулаах босхо үлэлээһин, быраабы быһыы) анаммыттар, 60-ча киһи усулуобунай миэрэнэн накаастаммыт, 14 киһи холуонньаҕа утаарыллыбыт.
Мантан 100-чэкэ быһылааҥҥа итирик суоппар буруйдаах. Арыгы иһэн баран, тутуллубакка сылдьар дьон ахсаана төһө буолуой? “Тутуллубут дьоҥҥо накаастабыл миэрэтэ сымнаҕаһа бэрт буолан, итирик суоппардар элбии тураллар” диэн сорохтор сөпкө этэллэр. Ол миэрэ Россия сокуонуттан тутулуктаах.

Оттон Россияны ылан көрөр буоллахха, бу сыл 9 ыйыгар 133 тыһыынча суол быһылааныгар 16 тыһыынча киһи суорума суолламмыт.

Чечня саамай чөл туруктаах, арыгы испэт регион быһыытынан биллэр. Саха сиригэр 60-тан тахса нэһилиэк арыгы атыытыттан аккаастанан тураллар. Бу ахсаан өссө улаатар чинчилээх. Ол аата арыгыны утары үлэ күүскэ ыытылларын, дьон өйө-санаата онно бэлэм буолан эрэрин көрдөрөр.
Биһиэхэ итирик суоппардары террористарга, арыгыны атыылааччылары террористар куомуннаахтарыгар холуурбут ыраах буолуо гынан баран… Атын өрөспүүбүлүкэ ыытар үлэтин, ураты ньымаларын тэҥнээн көрөр эмиэ да интэриэһинэй.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0