Чараас муустан сэрэниҥ!

Бөлөххө киир:

Сыл аайы дьон ситэ халыҥыы илик мууска киирэн, былаҕайга былдьатар түбэлтэтэ тахса турар. Биир үксүн оҕолор чараас мууска киирэн оонньууллар, эбэтэр күөлү, үрэҕи туорууллар. Оннооҕор өрүһү туоруурга көҥүл бэриллэ илигинэ, массыынанан айанныыр, сатыы да туоруур дьон элбэх. Балыксыттар эмиэ булка үлүһүйэн, чараас муустан сэрэхэчийбэттэр.

Холобур, бу сылга 6 киһи суорума суолламмыта, 21 тиэхиньикэ муус анныгар барбыта. Бу күһүн эмиэ хас да иэдээннээх түбэлтэ таҕыста. Орто Халыма улууһугар Алаһыай өрүһү “Буранынан” туораан испит табаһыт өлүгэ көстө илик.

Билигин күөллэр, үрэхтэр муустара турбут курдук да буоллар, быдан чараас. Кэнники сылыйан, өссө чарааһаабыт буолуон сөп. Холобур, Өлүөнэ өрүс үөһэ уста сытар. Суотту диэкинэн муус үрдүнэн сылдьар, мууһу алдьатан уунан устар үс көлөҕө (“Ирбис”, “Хивус”) бииртэн бииргэ олорсон, өрүһү туоруугун. Өрүс боротуохаларыгар муус турбут буолан, балыксыттар тыаһыыр мууһу аахсыбакка, номнуо ойбоннорун алларан олороллор этэ.

Турар ууга (күөлгэ) муус халыҥа 10 сантиметртан итэҕэһэ суох халыҥнаах буоллаҕына, киһиэхэ куттала суох диэн аатырар. Сүүрүктээх ууга (өрүстэргэ, күөллэргэ), хомустаах күөлгэ муус ордук алдьанымтыа, уйуга суох, чараас. Көҕөрүмтүйэр муус кытаанах буолар, оттон маҥанныҥы, араҕастыҥы өҥнөөх, курдары көстүбэт муус икки төгүл кутталлаах. Хараҥаҕа, арыгы иһэн баран уонна хаардаах мууска киирэр бобуллар. Онон улахан дьон, оҕолоргутун кытаанахтык сэрэтэргит, өйдөтөргүт наада. Бэйэҕит да бу кэмҥэ мууска киирэртэн туттунуҥ.

Сэтинньи саҥатыттан “Куттала суох муус” диэн ааксыйа саҕаланар. Ууга куттала суох буолуу отделын үлэһиттэрэ биллэр күөллэри, үрэхтэри кэтээн көрүөхтэрэ, дьону кытары сэрэтэр үлэни күүһүрдүөхтэрэ. Оттон өрүһү туоруурга көҥүл хотугу улуустарга уонна Хатас-Павловскай аннынан сэтинньи бүтүүтүгэр, Кангаласс-Суотту аннынан ахсынньы бүтүүтүгэр, Дьокуускай-Аллара Бэстээх аннынан тохсунньу саҥатыгар бэриллэрэ күүтүллэр. Ол эрээри күн-дьыл туран биэрдэҕинэ, бу болдьох уларыйыан сөп.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0