Чакырдар “Тыыннаах түмэли” тэрийдилэр (ВИДЕО)

Ааптар: 
27.02.2020
Бөлөххө киир:

Аҕыйах хонуктааҕыта Чурапчыга ыытыллыбыт “Тыл – омук тыына” өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорумҥа сахалыы эйгэ туһунан бэрт элбэхтик этилиннэ. Чурапчы Чакыр нэһилиэгин олохтоохторо бу хайдах тэриллиэн сөбүн илэ көрдөрдүлэр.

edersaas.ru

Иккис этээс уһугар бэрт элбэх киһи киирэрин-тахсарын бэлиэтии көрөн, өҥөйөн тахсарга быһаарынным. Киирбитим, сахалыы уустаан-ураннаан бэйэбитинээҕэр бэрт баай тылынан кэпсэтэр Турцияттан сылдьар Хасан Хайырсевер сахалыы маллары тутан-хабан көрөр, хаартыскаҕа түһэр. Хараҕым тута, мин көрдөхпүнэ, ынах иһиттэн оҥоһуллубут иһиккэ хатанар. Кэпсэтэн билбитим, Дьааҥыттан төрүттээх Дария Егорова матаарчах тигээри бэлэмнээбит эбит. Ииһинэн оҕо эрдэҕинэ ийэтиттэн уһуйуллубут. “Сүөһү иһин ылан баран хатарабын. Субайын барытын хастыыбын, хатарабын. Онтон кутуу чэйи (заварка) илитэн баран имитэбин. Маҥан гынар буоллахха суоратынан илитиэххэ сөп. Бу хабахтааҕар бөҕө, олох тэстибэт, тирии курдук. Фейрилээх ууга сууйдахха букатын сыта сүтэр”, — диэн Дария Ильинична билиһиннэрэр.

Аны эти сиэн баран уҥуоҕун быраҕан кэбиһэбит, муоһу эмиэ туһаммаппыт. Оттон Мария Матвеева мантан араас сувенирдары оҥортообут. Муоһу оргутан баран иһин ылан, сууйан-тараан, кырааскалаан олоҥхо дьоруойдарын, Чысхаан уонна Кыырпахчаана оонньуурдары оҥорбут. Уруһуйдуурбун, иистэнэрбин, тугу эрэ оҥорорбун, туох эрэ суоҕу айарбын сөбүлүүбүн диир. Кимтэн эрэ үтүктүү миэхэ интэриэһинэйэ суох диэн этэр.

— Биһиги нэһилиэкпит улууска биир кырдьаҕас, ытык дойдунан биллэр. Манна саха норуотун биир чулуу уола, биллиилээх суруйааччы, бастакы романист С.С.Яковлев-Эрилик Эристиин олорон, айан-тутан ааспыта. Биһиги дойдубут чахчы сахалыы тыыннаах. Саха тылынан уус-уран айымньытын дьиэтэ Саха сирин үрдүнэн соҕотох биһиэхэ баар — үлэ Кыһыл Знамятын кавалера, биир дойдулаахпыт Роман Афанасьевич Филиппов аатын сүгэр. Түөлбэбит сахалыы тыынын тутан олорор, манна  олоҥхоһуттар уутуйан үөскээбиттэрэ, күн бүгүҥҥэ диэри ыллыы-туойа, олоҥхону киэҥ эйгэҕэ тарҕата сылдьаллар. Ол курдук, улахан олоҥхоһуппутун Николай Григорьевы, оҕо эрдэхтэриттэн олоҥхону, ырыаны-тойугу өрө туппут Анастасия Алексееваны, Сайаана Попованы, Ньургуйаана Миронованы, Аня Макарованы киэн тутта ааттыыбыт. Хоҥкунас тыастаах хомусчуппут Афанасий Ширяев эйгэбитин киэргэттэ.

Бүгүн  сахалыы эйгэҕэ нэһилиэкпит көхтөөх олохтоохторо, талааннаах дьоно кэллилэр. Ол курдук, фольклор дьиэтин иһинэн үлэлиир “Алаас Хотуна” иистэнньэҥнэр кулууптара (сал. Филиппова В.Н.), “Холбука” оҕуруо анньааччылар түмсүүлэрэ (сал. Матвеева М.А.), сиэл-кыл оҥоһуктаах, уран тарбахтаах иистэнньэҥмит Прасковья Оконешникова, арыылаах саламааччыппыт Ирина Филиппова, минньигэс алаадьылаах Мотрена Маркова, кыбытык тигии маастара Анна Адамова, ынах буотараҕыттан суумкалаах Дария Егорова, көхтөөх ийэлэрбит Лена Адамова, Екатерина Елисеева уонна фольклор дьиэтин айар кэлэктиибэ кэллэ. Дьон сэргэ сэҥээрэн сылдьыбытыттан сылыктаатахха, саха тыынын, сатабылын көрдөрдөр тыыннаах эйгэ олус наада эбит, — диэн фольклор дьиэтин дириэктэрэ, “Талба” нэһилиэк дьахталларын уопсастыбаннай түмсүүтүн салайааччыта Мария Матвеева кэпсиир.

Бу дьоҕус хоско туох соҕуй – барыта баар. Оннооҕор олоҥхоһут бэйэтинэн кэлэн олоҥхолуу олорор, аттыгар хомусчут доҕуһуоллуур. Уолан киһи талкыга тирии имитэр, көмүлүөк аттыгар уһукка саламааттаан сырдьыгынаталлар, биир өттүгэр алаадьы куталлар, уһукка ситии хаталлар, тула иистэнньэҥнэр олороллор, ортотугар сандалы хотойорунан ас, ол иннигэр сахалыы остуол оонньуулара тэлгэтиллибит… Бэл диэтэр бэйэлэрин илиилэринэн дьоҕус, хомуллар көмүлүөгү оҥорон туруорбуттар.

Куорат сиригэр оҕону үгэстэн тэйиппэт туһугар маннык тэрийиэххэ сөп эбит. Куорат төрөппүтэ баҕарбытын да иһин, оҕотун тыа сиригэр окко-маска таһаарара дэбигис кыаллыбат. Оттон үгэстэн тэйбит оҕо тылын умнар. Оҕо хараҕын далыгар сыттаҕына, элбэхтэ көрдөҕүнэ, баҕарбатаҕын да иһин мал-сал аатын, туохха туттулларын, туһанылларын син билиэх этэ.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0