Чайыҥдаттан баахта үлэһиттэрин таһаарыы салҕанар

Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 9 күнүгэр үлэтин болдьоҕо бүппүт, коронавирус дьаҥар хаптарбатах, 393 үлэһит Чайыҥдаттан дьиэтигэр көттө.  

edersaas.ru

Бу туһунан коронавирус дьаҥын утары охсуһар өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап иһитиннэрэр.

Бэҕэһээ, Чайыҥдатааҕы ньиэп-гаас баайдаах сиртэн “Стройтрансгаз” тэрийиитинэн,  сөмөлүөтүнэн түөрт анал сырыы оҥоһуллубут. Онон баахтаттан үлэлиир больдохторо бүппүт  393  киһи сөмөлүөтүнэн көппүт. Ол курдук, Омскайга — 140, Улан Удэҕэ — 108, Кемерово — 82, Челябинскайга — 63 киһи.

Оттон ыам ыйын 3 күнүттэн 9 күнүгэр диэри, салгын аалынан барыта 24 рейс оҥоһуллан, 2471 киһи Чайыҥдаттан дьиэтигэр барбыт.

Ньургуйаана Иванова, “Саха сирэ”  хаһыат, edersaas.ru

 Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0