Былырыын сэтинньигэ Ленскэй оройуонун Чайыҥдатыттан булуллубут фламингоны бүгүн Красноярскайдааҕы «Роев ручей» диэн зоопаркаҕа сөмөлүөтүнэн ыыттылар. Бу туһунан Экология министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Ленскэйгэ көстүбүт фламингоны Гриша диэн ааттаабыттара. Гришаны ыраах айаҥҥа турунуон иннинэ, бэтэринээрдэр көрдүлэр-иһиттилэр. Анаалыстары ыллылар», — диэн «Живые алмазы Якутии» айылҕа пааркатын иниспиэктэрэ София Ыракыева кэпсээтэ.
Фламингоны София бэйэтэ арыаллаан илдьэр. Порка тута кинилэри зоопаарка үлэһиттэрэ көрсүөхтээхтэр.
София Софроновна «Живые алмазы Якутии » айылҕа пааркатыгар номнуо сэттис сылын үлэлиир. Маннык сэдэх көтөр аан бастакытын Ленскэйгэ ыалдьыттаабытын туһунан София этэр.
Красноярскайга Гришаны илдьии ороскуотун барытын «АЛРОСА» АХ уйунна.
edersaas.ru