Чагда сэлиэнньэтигэр 5 тэлгэһэҕэ уу киирбит

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ  хаар күүскэ ууллан, Кэбээйи улууһун Чагда нэһилиэгин иһинэн ааһар Чагдинка үрэх кытылыттан тахсыбыт. Аллараа сытар хас даҕаны тэлгэһэни уу ылбыт.

Билиҥҥи туругунан 5 тэлгэһэни уу ылбыта биллэр. Дьиэ хаһаайыттара сэрэххэ аймахтарыгар, билэр дьонноругар көһөрүллүбүттэр. Биир сууккаҕа уу эбии 7 см өрө көтөҕүллүбүт.
Ууга барыан сөптөөх хаһаайыстыбаларга быстах хонор пууннарга көһөргө этии оҥоһулунна. Балаһыанньа сытыырхайар түгэнигэр олохтоохтор бэлэм олороллор.

Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска https://yk24.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0