Саха чабырҕаҕын киэҥ Россияны биир гына иһитиннэрбит, билиҥҥи кэм биллиилээх чабырҕахсыта, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култууратын туйгуна, Мэҥэ Хаҥаласка, Дьааҥыга ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыахтарын чабырҕахха күрэхтэригэр кылаан бириис хаһаайката Мария Герасимова-Сэҥээрэ – бүгүн биһиги ыалдьыппыт.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru
— Мария Андреевна, чабырҕах – норуот фольклорун биир саамай уустук жанра диэтэхпитинэ алҕаһаабаппыт буолуо, көрөр-истэр тухары, чабырҕаҕы киһи эрэ барыта кыайа-хото тутар буолбатах курдук ээ…
— Чабырҕах — сүрдээх уустук көрүҥ. Төрөөбүт төрүт тылын сүмэтин чахчы сөбүлүүр, ис-иһиттэн интэриэһиргиир эрэ киһи бу көрүҥү баһылыан сөп. Уонна, биллэн турар, айылҕаттан айдарыы эрэйиллэр. Уустук жанр буолан, күн бүгүн чабырҕаҕынан дьарыктанааччы ахсаана элбээн испэт буоллаҕа…
Үчүгэйдик өйгө тутар дьоҕур, дикция уонна дьоҥҥо сатаан тиэрдэр маастарыстыба ирдэнэр.
— Эн бэйэҥ чабырҕахха аан бастаан хайдах кэлбиккиний?
— Күн бэҕэһээ курдук саныыбын –1972 сыллаахха дойдубар Чурапчыга үлэлии сырыттахпына, өрөспүүбүлүкэтээҕи фольклор фестивала буолла, онуоха, театральнай, кулуубунай анал үөрэхтээх киһи эн чабырҕаҕы толор, диэн эбээһинэстээн кэбиспиттэрэ… Дьэ онно, Васильев диэн ааптар, аатын хомойуох иһин умнубуппун, “Урут уонна билигин” диэн чабырҕаҕын толороммун, илин эҥэр улуустар көрүүлэригэр лауреат буолбутум. Салгыы өрөспүүбүлүкэҕэ сүүмэрдэнэн киирэн, улахан тургутууну ааһан, Үөһээ Бүлүү чабырҕахсыттарын – Петр уонна Ион Николаевтары кытта холбоон кэнсиэртиир нүөмэр оҥороммут, дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа барбыппыт. Онно сүүмэрдэнэн, Москваҕа лауреат буолан, 1973 сыллаахха Бүтүн Россиятаҕы фестивальга кыттар чиэстэммиппит. Дьэ, ити киэҥ түһүлгэлэртэн чабырҕаҕы сэҥээриим саҕаламмыта.
Дьоннорум чабырҕаҕынан олус үлүһүйэр этилэрэ, ордук Бүөтүр. Наар, саҥаттан-саҥа чабырҕахтары булуон баҕарара. Кини ол “ыарыыта” сыстан, мин эмиэ аныгы олох көстүүлэригэр чабырҕах тиэмэлэрин көрдүүр үгэстэммитим. Агитбиригээдэлэргэ, отчуттарга, ферма үлэһиттэригэр сырыттахха, чабырҕаҕы олус сэргииллэрэ, үөрэ-көтө көрсөллөрө, биир үксүн онтон да сылтаан, саҥаттан-саҥа чабырҕаҕы ааҕарга дьулуһарым.
Чабырҕаҕы атын омуктар олус интэриэһиргииллэр ээ, ол иһин Россия, аан дойду түһүлгэлэригэр тиийэн кытыннахтарына, саха чабырҕахсыттара хайаан даҕаны лауреат буолан кэлэллэр.
— Чабырҕаҕы суруйар киһиттэн, бастатан туран, туох ирдэнэрий?
— Чабырҕах, сүрүннээн, олох омсолоох өрүттэрин сатаан таба көрөргө уонна ону көннөрөргө туһаайан суруллар. Биллэн турар, үчүгэйи эмиэ табан этэр.
Олоххо көстөр итэҕэс өрүттэри бэргэнник хоһуйууга, сүрүнэ – дьону өһүргэппэт гына табан, юмордаан, көрүдьүөстээн этии, истээччи сөпсөһөрүн ситиһии – бу чабырҕах биир саамай уратыта буолар.
Дьон санаатын табардыы суруйуохха наада. Ити, дьиҥэр, бэрт үрдүк ирдэбил. Киһи эрэ барыта сатаабат.
Мин, биир үксүн, кыһалҕаттан бэйэм тиэкис суруйар буолбутум.
Күннүк Уурастыырап, Иван Алексеев, Бүөтүр Тобуруокап курдук чулуу дьоммут, поэттарбыт олохтон туораабыттара. Онон, 90-с сыллартан бэйэм айарга холонон көрөн барбытым…
— Эн чабырҕахха кинигэлэрдээххин дии, атыыга төһө бараллар?
— “Чоргуй, чобуо чабырҕах” диэн иккис кинигэм 2013 сыллаахха 4000 ахсаанынан бэчээттэммитэ. Бу билиҥҥэ диэри атыыланан бүтэ илик. Ол аата чабырҕаҕы өйдөөбөт киһи үгүс.
Быйыл улууспар, “Саҥа олох” эрэдээксийэтэ “Умсулҕаннаах күн сирэ барахсан” хомуурунньукпун бэчээттээтэ, онно 10 чабырҕаҕым киирдэ.
Уопсайынан эттэхпинэ, чабырҕах атыыга үчүгэйдик барбат диэн өрөспүүбүлүкэ кинигэни оҥорооччулара бэчээттииргэ интэриэстэрэ соччо суох. Ол иһин чабырҕаҕы айар да дьон билигин, хомойуох иһин, суоҕун кэриэтэ…
— Оччоҕуна, биһиги сахалар сатираны соччо өйдөөбөппүт, ылыммаппыт дуо?
— Сахалар сатираны соччо эппит-хааммыт ылыммат быһыылаах. Холобурдаан эттэххэ, Күн Дьирибинэ үгэҕэ олус бэккэ үлэлэһэн истэҕинэ дэлби сойуолаһаннар, дьарыгын быраҕан кэбиспитэ. Мин билэрбинэн, итиэннэ Үөһээ Бүлүүттэн Мария Матахова, Уус Алдантан Екатерина Местникова чабырҕахха үлэлэһэ сатаабыттара.
Дьиҥэр, бэчээт тэрилтэлэрэ өйүүллэрэ-көҕүлүүллэрэ буоллар, чабырҕахха холонооччу көстүө этэ. Ону баара, учуонайдарбыт, суруйааччыларбыт даҕаны, бүгүҥҥү туругунан, чабырҕахха нуусталарын уура иликтэр курдук көрөбүн.
— Оттон улуустарынан көрдөххө хайдаҕый? Тыа сиригэр, бэйэлэрэ ис санааларыттан, улахан дарбаана суох, чабырҕахха үлэлэһэр, куонкурустары ыытар дьон биирдиилээн син баара буолуо ээ…
— Бүгүҥҥү туругунан диэтэххэ… саха чабырҕаҕар күөн күрэстэр сыл аайы Олоҥхо ыһыахтарынан, өрөспүүбүлүкэҕэ фольклору көрүүлэринэн син ыытыллаллар. Олох суох диэбэппин. Чабырҕаҕынан дьарыктанар киһи санаабар, ордук Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Таатта, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар уонна Чурапчы, Дьааҥы улуустара итиэннэ халымалар балачча көхтөөхтөр.
Мин Мэҥэҕэ уонна Дьааҥыга Олоҥхо ыһыахтарыгар чабырҕах күрэхтэригэр кыттыбытым, онно көрдөххө, ити хотугу улуустар бэркэ чабырҕахтыыллар эбит этэ. Улуустарга, оҕолору дьарыктыыр, уһуйар учууталлар биирдиилээн син бааллар. Туокка дьэ, өйөбүл, сэҥээрии улахан суох дии саныыбын.
— Эйигин кытта кэпсэтииттэн, өскөтүн биһиги эдэр чабырҕахсыттарбытын иитэн-такайан таһаарбатахпытына, норуот фольклорун бу биир саамай чаҕылхай, ураты тыыннаах жанра олох даҕаны сүтэн-симэлийэн барар кутталлаах эбит, диэн санааҕа кэлиэххэ сөп… Ыччаттарбытын чабырҕахха хайдах сыһыарабыт?
— Оҕолору чабырҕахха детсад саастарыттан сыһыарар ордук диэн түмүккэ кэллим. Ол кини сайдыытыгар наадалаах. Чабырҕахха оҕо ыраастык, чуолкайдык саҥара үөрэнэр. Дикцията тупсар. Тулалыыр эйгэни оттомноохтук кэтээн көрөр уонна, сүрүнэ – элбэх тылы, тиэкиһи өйүгэр үчүгэйдик тутар дьоҕурдара сайдар.
Чабырҕах оҕону сиэрдээх сигилигэ уһуйар. Оҕо хамсанан-имсэнэн толорор буоллаҕына, хайдах кэпсээтэххэ дьон болҕомтотун тардыахха сөбүн таба таайар дьоҕура эмиэ сайдар. Уопсай билиитэ-көрүүтэ кэҥиир. Омук быһыытынан уратыбытын арааран көрөр, уус-уран тылга-өскө уһуйуллар. Төрөөбүт тылын таптыыр, киэн туттар, олоххо ситиһиилээх киһи буолар. Кэлин бэртээхэй айар үлэһит буола үүнүөн сөп.
Чабырҕахха юмор-сатира, көр-күлүү барыта баар, бу жанр – аныгы ыччаттарга биһирэнэр КВН-ҥа чугас көрүҥ буолар.
Онон, бары өттүнэн толкуйдаан көрөн, оскуолаларга уруокка чабырҕаҕы үөрэтии чааһын эбэллэрэ буоллар, диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
— Мария Андреевна, сэргэх сэһэниҥ иһин махтал! Олунньу 17 күнүгэр эн бэйэҥ бириискэр Чурапчыга чабырҕахсыттар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэрин ыытан эрэргин билэбит…
— Урукку көлүөнэ чабырҕахсыттарбын санааммын, норуот талааныгар сүгүрүйэн, фольклор бу көрүҥүн хайа эмит өттүнэн көҕүлүүр баҕалаах, дьоҥҥо, ыччакка болҕомтону тардаары, улууспут култууратын управлениетын истиҥ өйөбүлүнэн, бу куонкуруспутун тэрийэн эрэбит.
— Чабырҕах үгүс-элбэх киһи сэҥээриитин ыллын!
— Махтал!
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru
Хаартыскаҕа: РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Андреевна уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Валерий Петрович Герасимовтар.