Чабырҕахха өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус куйаар ситиминэн ыытылынна

19.03.2021
Бөлөххө киир:

Саха биллиилээх чабырҕахсыта Мария Андреевна Герасимова-Сэҥээрэ бирииһигэр чабырҕахха өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус 2015 сылтан саҕалаан ыытыллар.

Быйылгы күрэхтэһии олунньу 17 күнүттэн кулун тутар 2 күнүгэр диэри куйаар ситиминэн баран, бу күннэргэ  түмүгэ таҕыста.

Барыта түөрт бөлөҕүнэн ыытылынна. Ол курдук, оҕолорго 17 бөлөх уонна 20 биирдиилээн толорооччу  кыттан, 130 оҕо күөн көрүстүлэр. Улахан дьоннорго 13 бөлөҕүнэн толорооччулар уонна 9 биирдиилээн толорооччу кыттаннар, 76 киһи илин-кэлин түһүстүлэр. Онон, уопсайа 206 киһи кытынна. Дьүүллүүр сүбэҕэ Култуура уонна искусство кэллиэһин преподавателлэрэ — СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, «Килбиэн аат» бэлиэ хаһаайына М.Г.Боппоенова, СӨ култууратын туйгуна А.Н.Васильева, Чурапчытааҕы Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин дириэктэрин солбуйааччы А.И. Собакина уонна РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ М.А.Герасимова үлэлээтилэр.

Оҕолорго биирдиилээн толорууга:

“Бастыҥ аат I-кы үрдэлин” ылла — Субуруускай аатынан Болтоҥо оскуолатын 1-гы кылааһын үөрэнээччитэ Ариана Спиридонова (салайааччы С.К. Березкина). “Бастыҥ аат II-с үрдэлин” ылла Кэбээйи улууһун Сайылык сэлиэнньэтиттэн Юлиана Михайлова (салайааччы Сардаана Жакипова), «Бастыҥ аат III-c үрдэлин» Дьокуускайтан Диана Мултусова ( салайааччы З.Н. Кычкина) ыллылар.

Оҕолорго бөлөҕүнэн  толорууга: “Бастыҥ аат I-кы үрдэлин” Чурапчы  нэһилиэгиттэн “Үс чуораан” — Нарыйаана, Туйгууна, Чэмэлиинэ Павловалар (салайааччы М.С. Дохунаева), “Бастыҥ аат II-с үрдэлин” Болтоҥоттон “Сайылык оҕолоро” уолаттар бөлөхтөрө, ”Бастыҥ аат III-c үрдэлин Тааттаттан “Дьүрүлгэн” бөлөх (салайааччы С.Г. Колодезникова) ыллылар.

Улахан дьоҥҥо бөлөҕүнэн толорууга: “Бастыҥ аат I-кы үрдэлин”  Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгин  “Утум” фольклорнай бөлөҕө, “Бастыҥ аат II-с үрдэлин” Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бүтэйдээх нэһилиэгин “Дьүөгэлиилэр” бөлөҕө, ”Бастыҥ аат III-c үрдэлин” Мэҥэ Хаҥалас улууһун 1 Наахара нэһилиэгиттэн Ст.Иль.Борисова аатынан Норуот айымньытын дьиэтин “Билбит-көрбүт” фольклорнай бөлөҕө (салайааччы В.У.Трофимова) ыллылар.

Биирдиилээн толоруу улахан дьоҥҥо: “Бастыҥ аат I-кы үрдэлэ”— Таатта улууһун Алдан нэһилиэгиттэн Александр Багардынов, “Бастыҥ аат II-с үрдэлэ” – Сусанна Лазарева, ”Бастыҥ аат III-c үрдэлэ” –Александра Максимова–В.Саввин аатынан Болтоҥотооҕу НАДь, ыллылар.

Оттон “Чулуу чабырҕахсыт” үрдүк ааты быйыл  Любовь Николаевна Монгуш ылла — Чурапчы улууһун Кытаанахтааҕы  “Түһүлгэ” НАДь.

Чабырҕах – ийэ тылы сайыннарыыга саха норуотун искусствотын биир уустук көрүҥэ буолар. Сахалар былыр былыргыттан, ким уһуннук,  тыыммакка да эрэ элбэх тылы саҥарарыгар, ким элбэх тылы-өһү өйүгэр тутан хоһуйан-дьүһүйэн таһааран, көрбүтүн-билбитин кэпсииригэр, ким үчүгэйдик уустаан-ураннаан,  сытыытык, бэргэнник, олоххо баар итэҕэстэри, быһыы-таһаа хоһуйан саҥарарыгар, күрэхтэһэллэрэ. Хас биирдии саҥарар тыллара түргэн, хас биирдии дорҕоонноро чуолкайдык иһиллэр — аныгылыынан ыллахха, ыраас дикцияҕа үлэлэһэр ньымалара буолар эбит. Булугас өйлөөх, сытыы буоларга, саха тыла ыраас, чуолкай буоларын ситиһэр  мөккүөр биир көрүҥэ дии саныыбын.

Билигин сорох дорҕооннору, буукубалары көтүтэн, атын  дорҕооннорунан солбуйан, ньулугуратан кэбиһии, уҥуоҕа-сүһүөҕэ суох бөтүгүрэтии, хомойуох иһин, олус үксээтэ. Ити көрдөбүллэри чабырҕах күрэхтэһиилэригэр ирдиир наада. Сорох толорооччулар  уончалыы тылы саҥара-саҥара ыллаан, тупсаран дуу, киэргэтэн дуу кэбиһэргэ холоноллор. Чабырҕах  көрүҥүн уларытан, композиция оҥорон, театрализациялаан, сорохтор букатын КВН-ҥа чугаһатан толорор буоллулар. Дьиҥ фольклорнай үгэһи тутуспат буолуу, атын омуктар сүүрээннэрин үтүктүү хайысхата өтөн киирэн иһэр. Оччотугар,  чабырҕаҕы дьиҥнээхтик толорооччулар сотору кэминэн сыыйа сүтүөхтэрин да сөп буолар… Манна тыл үөрэхтээхтэрэ орооһон, биир халбаҥнаабат  сүнньүнү булуохтарын наада эбит.

Баҕар сыыһа өйдүүрүм буолуо, ол гынан баран, мин санаабар,  сахалыы тылы билбэт, саха тылыгар идэтийэн үөрэммэтэх култуура үлэһиттэрэ, өйдөрө туохха тырымнаабытынан, инсценировкалыыр буоллулар. Букатын, дэгэрэҥ ырыа кыбытыылаах, тойук тумалаах, өссө сорохтор күпсүүр, дьаҕа муусукалаах чабырҕахтыыбыт дииллэрэ истэргэ толоос. Чабырҕахха фольклор атын көрүҥнэрин хайдах кыбытыахха сөбүй?! Биһиги көлүөнэ, 60-70-с сыллар чабырҕахсыттара, эдэр эрдэхпитинэ, ырыаны  чабырҕахха иннигэр уонна кэннигэр эрэ киллэрэрбит. Чабырҕах былаһын тухары ырыа хаһан да кыбыллыбат буолара.

Оттон билигин буоллаҕына, пантомима аҥардаах толорооччулар эмиэ бааллар. “Хааһы да саламаат” курдук… Онон, сайын ыытыллар чабырҕах куонкурустарыгар бары биир сүнньүнү булан күрэхтэстэрбит ордук буолуох эбит. Чахчы ээ, ким үчүгэйдик ыллаабыт — ол үчүгэй чабырҕахсыт, диэбит кэриэтэ буолаары гынна… Эһиги санааҕыт хайдаҕый?

                                                  Мария ГЕРАСИМОВА-СЭҤЭЭРЭ,

Чурапчы улууһун Култууратын управлениетын

фольклорга исписэлииһэ. 

Сүрүн хаартыскаҕа: «Дьүрүлгэн» оҕолор фольклорнай бөлөхтөрө. Таатта улууһа.

“Чараас-сытыы тыллаах чабырҕахпыт чаҥыйдын!” 

Сэҥээрэ бирииһигэр ыытыллар куонкурус кыайыылаахтара – “Чулуу чабырҕахсыт”  ааты ылбыттар сылларынан:

 

2015 с.—Ульяна Бурнашева. Уус Алдан.

2017 с.—Дария Жиркова. Чурапчы, Болтоҥо.

2018 с.—Култуура уонна искусство колледжын устудьуоннарын бөлөҕө.

2019 с. – “Утум”  фольклорнай бөлөх.

2020 с.—“Күн кыырпахтара” оскуола оҕолорун фольклорнай бөлөҕө. Томпо.

2021 с. Любовь Монгуш. 

Кыайыылаахтар дипломнарынан, харчынан бириэмийэнэн, сыаналаах бириистэринэн  наҕараадаланаллар.

ЫСПЫРААПКА

Герасимова Мария Андреевна-Сэҥээрэ  

Өрөспүүбүлүкэтээҕи култуура училищетын (Култуура уонна искусство кэллиэһин) 1968 сыллааҕы выпускнига, билиҥҥи кэм биллиилээх чабырҕахсыта, чабырҕаҕы тарҕатааччы, айааччы, үйэтитээччи. Чабырҕахха хас даҕаны хомуурунньук ааптара. Чабырҕаҕы Арассыыйа улахан куораттарыгар, Москваҕа Кириэмилгэ, Сийиэстэр дыбарыастарыгар, П.Чайковскай аатынан уонна  Колоннай саалаларга  иһитиннэрбит бастыҥ толорооччу.

Чабырҕахха ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус ааптара, тэрийээччитэ. ССРС култууратын туйгуна, РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0