«Сахамедиа» холдинг тэрийэр «Саха сирин киэн туттуута – 2019» норуот бириэмийэтигэр «Урбаанньыт» түһүмэххэ кыттан, Валентина Старцева 354 куолаһы ылан, төрдүс миэстэ буолбута.
edersaas.ru
Валентина Старцева кэтэх урбаанньыт быһыытынан, 2012 сыллаахха «Саха сирин оҕолоро» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай түмсүүнү тэрийбитэ. Онтон 2015 сыллаахха бэйэтэ дьиэ-уот булан, 120 миэстэлээх «Улыбка» чааһынай оҕо саадын арыйбыта. Валентина Жановна иитээччи идэлээх буолан, бу дьыаланы ылсарга ыарырҕаппатаҕа.
Кэлэктииптэригэр 29 уһуйааччы үлэлиир. Билигин кинилэр «Тропинка» эспэримиэн быһыытынан үлэлиир инновационнай үөрэх бырагырааматыгар киирэллэр.
«Чааһынай оҕо саадын арыйыы – үрдүк дохуоттаах урбаан буолбатах, ол иһин бааннар улахан харчыны өр кэмҥэ кирэдьиит биэрэртэн туттуналлар. Ону таһынан, хонтуруоллуур, кэтиир уорганнар бэрэбиэркэлэрин түмүгэр хас да бүк ороскуокка, ночоокко тэбиллиэххэ сөп. Аны оҕо уһуйаан боруогун атыллаата да, киэһэ хаһан төрөппүттэрэ ылыахтарыгар диэри эн эппиэтинэскэр сылдьар. Доруобуйатын, олоҕун туһугар биһиги быһаччы эппиэттиибит», — диэн кэпсиир, Валентина Жановна.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru