Чааһынай дьон сибэкки олортулар

25.06.2019
Бөлөххө киир:

Олоҥхо ыһыаҕын көрсө Нам улууһун олохтоохторо кыахтара-күүстэрэ баарынан үлэлээтилэр-хамсаатылар, олорор сирдэрин тупсардылар, элбэх тэрээһини ыыттылар. Ону тэҥэ,  улуустан төрүттээх биир дойдулаахтара эмиэ уопсай дьыалаҕа бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр.

edersaas.ru

Ол курдук, Инбэлииттэр техникум-интэринээттэрин преподавателэ Антонина Петровна Сивцева бэйэтин көҕүлээһининэн, урут Нам улууһун дьаһалтатыгар бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрин, билигин Дьокуускайга олорор дьүөгэлэрин түмэн, эрдэттэн эрийтээн, харчы хому­йан, уонтан тахса дьааһык сибэкки арассаадатын атыылаһан таһааран, ыһыахтыыр сиргэ, Аал Луук Мас аттыгар олордубуттар.

 

Онон, төрөөбүт дойдуларыгар улахан суолталаах, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһин буоларыгар көмөлөстүлэр, кэрэни кэрэхсиир дьахтар сиэринэн, сирдэрин сибэккинэн симээтилэр. Бу курдук биирдиилээн да дьон бэйэлэрин кыахтарын иһинэн элбэҕи оҥоруохтарын сөп. Оннук биир санаанан, биир тыынынан сомоҕолостоххо, кыаллыбат диэн суох.

Нам сэлиэнньэтин паарката киһи билбэт курдук, араас тупсаҕай тутууларынан киэркэйбит, сиэдэрэй сибэккинэн симэммит.  Намҥа  Олоҥхо ыһыаҕар араас улуустартан, ону ааһан өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн, ыраахтан-чу­гастан үгүс ыалдьыт тоҕуоруһан, саха төрүт култууратын, баай духуобунай нэһи­лиэстибэтин көрдүлэр-иһиттилэр.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0