Чаҕылхай үлэлээх «Чаҕыл» лааҕыр

22.07.2019
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгэр «Чаҕыл» диэн оҕолор олус сөбүлээн сылдьар лааҕырдара баар. Бу Сидоровтар дьиэ кэргэн  тэрийбит оҕо күнүскү лааҕыра үлэлээбитэ үһүс сыла.


Өр сылларга үөрэнээччилэри кытары алтыспыт учуутал Августина Хабарова лааҕыр үлэтин сиһилии билсэн баран олус сөбүлээбит:

— Лааҕырга алын сүһүөх кылаас оҕолоро 10 хонукка сылдьаллар. Бу күннэр усталарыгар билиилэрин-көрүүлэрин хаҥаталлар, бэйэлэрин лааҕырдарыгар ыытыллар араас күрэхтэһиилэргэ, куонкурустарга кытталлар, сүүрэн-көтөн оонньууллар. Уон хонуктара биллибэккэ да ааһар.  Бу лааҕыры олус сөбүлээннэр, Дьокуускай куорат оҕолоро хаһыс да сылларын анаан тахсаллар.

Манна оҕолор дьарыктанар усулуобуйалара барыта баар. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Руслан Афанасьевич бэйэтэ тутан-хабан оҥорбут тупсаҕай оҥоһуулаах көмүлүөктээх саха балаҕана,  аһыыр, сынньанар бэртээхэй веранда, лааҕыр үлэтин сырдатар хаартысканан истиэндэ сылдьыбыт, билэ-көрө тиийбит ыалдьыт хараҕар тута быраҕыллаллар. Дьиэ кэргэн күн күбэй ийэтэ, «Таммахтар» литературнай түмсүү чилиэнэ Марфа Ивановна оҕолору кытары үлэлии үөрүйэхтээх иитээччи буоларын быһыытынан, лааҕырын үлэтин бэйэтэ былаанныыр, сүрүннүүр.  Хас биирдии оҕо дуоһуйа, астына сынньанарыгар, билиитин-көрүүтүн дириҥэтинэригэр, доруобуйата бөҕөргүүрүгэр, чэбдигирэригэр, дьоҕурун арыйарыгар болҕомто ууруллар.

Саха балаҕаныгар ыытыллар анал дьарыктарга оҕо үөрүүнэн сылдьар. Манна чабырҕахтыырга, хоһоон ааҕарга үөрэнэллэр. Таабырын, кроссворд таайаллар. Үөрэтэр тиэмэлэрин ис хоһоонун ырытыһаллар, тыл суолтатын быһаараллар. Нэһилиэк ытык дьонун ыҥыран ыалдьыттаталлар, көмүлүөк таһыгар олорон сэһэргэһэллэр. Ытык дьон сүбэтин, алгыһын ылаллар. Айылҕаҕа сылдьан үөнү-көйүүрү, үүнээйи арааһын үөрэтэллэр.  Оонньууллар, сөтүөлүүллэр. Сибиэһэй салгыҥҥа хамсанан-имсэнэн, хааман, похуоттаан,оонньоон  доруобуйаларын бөҕөргөтүнэллэр. «Уол оҕо — булчут удьуора, айылҕа оҕото» диэн тиэмэҕэ Руслан Афанасьевич  уолаттары айылҕаҕа батыһыннаран тахсан булт абылаҥар, сиэри-туому тутуһарга үөрэтэр-такайар. Сүбэ-ама биэрэр, оҕолор ыйытыыларыгар хоруйдуур. Сэһэн-сэппэн дьэ манна тардыллар. Уолаттар наһаа сөбүлээн, астынан, бу куруһуогу тулубакка-тэһийбэккэ күүтэллэр.

Дьиэ кэргэн устудьуоннуур оҕолоро бу лааҕыр үлэтигэр эмиэ көмөлөһөллөр.  Кинилэр араас спортивнай күрэхтэһиилэри, дьарыктары тэрийэн ыыталлар.  Быйыл англия, кытай тылларын билиһиннэрдилэр уонна ити омук тылларынан ахсаан ааҕарга, күннээҕи наадалаах тылы билэргэ, саҥарарга үөрэттилэр.

Сезон сабыллыытыгар оҕолор бары лааҕырга тугу үөрэппиттэрин көрдөрдүлэр.  Ыллаатылар, хоһоон аахтылар, чабырҕахтаатылар,  үҥкүүлээтилэр, гимнастикалаатылар. Олус сэргэх, бииртэн-биир ураты ньүөмэри көрөн  төрөппүттэр, ыалдьыттар бары наһаа үөрдүбүт, астынныбыт. Оҕоҕо чахчы туһалаах, аатын курдук чаҕылхай лааҕыр эбит диэн сыаналаатыбыт.

Түгэнинэн туһанан, барыта оҕо туһугар диэн түбүгүрэр, эйэлээх, үлэһит Сидоровтар дьиэ кэргэҥҥэ биһиги, эбээлэр, төрөппүттэр ааттарыттан истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Туйгун доруобуйаны, үлэҕэ, үөрэххэ үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт. «Чаҕыл» өссө сайда, тупса турдун, оҕо-аймах таптаан сылдьар лааҕыра буоллун, диэн кэпсээтэ.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0