Бу күн анныгар сир ийэҕэ баһаам элбэх дьоһун дьон төрөөн-үөскээн аастаҕа. Кинилэр бэйэлэрин олохторунан, үлэлэринэн тулалыыр олоҕу бүтүннүү уларытан, тупсаран, өрө таһааран олорбут дьон. Чахчы, уоттуу умайан, сырдыгынан сыдьаайан бэйэлэрин кэнниттэн баһаам элбэх дьону батыһыннара сирдээн, суохтан баары оҥорбут чулуулар. Маннык дьон ааттара үйэлэргэ ахтыллар, дьоһун удьуордарын хайгыыллар.
edersaas.ru
«Уус алданнарга аатырар чулуу дьонунан Сэһэн Ардьакыап, В.Никифоров-Күлүмнүүр, В.Протодьяконов-Кулантай, САССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлэ П.В. Аммосов уонна партия обком сэкирэтээрэ Н.Н. Окоемов, аатырбыт миниистир А.В. Мигалкин буолаллар. Бу алта дьону кытта кэккэлэһиннэрэ сэттис киһинэн Петр Николаевич Даниловы туруорабын. Кинини ону толору эппиэттиир киһинэн ааҕабын», – диэн номоххо киирбит кырдьаҕас Максим Сибиряков чахчы таба да эппит.
Холкуос бэрэссэдээтэлэ
Петр Николаевич Данилов – холкуоһунай тутул уһулуччулаах салайааччыта, тэрийээччитэ.
Кини 1916 с. бэс ыйын 26 күнүгэр Уус Алдан улууһун Бэрт Ууһун нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Түөрт кылаас үөрэхтээх эдэркээн киһи ол будулҕаннаах уларыйыылар сылларыгар уһаарыллыбыта. 1934 с. олохтоох сэбиэт сэкирэтээринэн талыллыбыта, 1938 с. Уус-Алдан оройуонун массыына-тракторнай станциятын инструктора, онтон 1940 с. Уус-Алдан оройуоннааҕы сойууһун солбуйар бэрэссэдээтэлинэн быыбардаммыта. Ити дьыл баартыйа чилиэнинэн буолбута.
1941 с. атырдьах ыйын 11 күнүгэр Аҕа дойду улуу сэриитигэр ыҥырыллан, фроҥҥа барбыта. Сэрии бастакы уоттаах кутаа сылларыгар түбэһэн, ити сыл ахсынньытыгар ыараханнык бааһыран, госпитальга эмтэнэн баран, II группалаах инбэлиит буолан дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Үөрэхтээх эдэр киһи оройуоннааҕы сойуус солбуйар бэрэссэдээтэлинэн, оройуоннааҕы прокуратура силиэдэбэтэлинэн үлэлээбитэ.
Сэрии сылларыгар эр дьон сэриигэ бараннар, холкуостарга үлэһит илии биллэрдик аҕыйаабыта. Онон, бытархай холхуостары бөдөҥсүтүү туһунан олохтоох сэбиэт быһаарыыны ылынар. Ол түмүгэр Бэрт ууһугар баар 4 кыра холкуос биир «Победа» диэн саҥа холкуоһу уонна Сыырдаах диэн күөл үрдүгэр бөһүөлэги олохтуур быһаарыыны оройуоннааҕы баартыйа кэмитиэтэ уонна оройуоннааҕы сэбиэт исполкома ылыммыттара. Бөдөҥсүйбүт холхуос 87 хаһаайыстыбалааҕа. Ити курдук, саҥа холкуос уонна саҥа Сыырдаах бөһүөлэгэ 1946 с. олунньу ыйыгар тэриллибиттэрэ. Холкуос бэрэссэдээтэлинэн сэрии кыттыылааҕа Петр Николаевич Данилов анаммыта.
Саҥа сиргэ олохсуйуу
Холкуос саҥа тэриллиэхтээх сиригэр ханнык да тутуу суоҕа, түҥ ойуур лиҥкинэччи үүнэн турара. Холкуостаахтар биирдиилээн алаастарынан, биир ынахтарыттан 400-500 кг үүтү ыан, элбээбитэ 10-12 ынаҕы көрөн бытанан олороллоро. Тиэхиньикэ, механизация диэн букатын суоҕа, холкуостаахтар көмүлүөктэрин иннигэр туораҕы илии суорунатынан тардан бурдуктаналлара.
Кэлин албан аатырбыт мөлүйүөннээх холкуос бастаан тэриллиитигэр итинник туруктаах этэ.
Бэрэссэдээтэл Петр Данилов иннигэр дьону олохсуйбут сирдэриттэн көһөрөн, саҥа сиргэ олохсутуу, холкуоһу тэрийии курдук уустук сорук турара.
Маҥнайгы холонуу быһыытынан, Сыырдаахха атын сиртэн кулууп дьиэтин көһөрөн аҕалыы буолбута. Бэрэссэдээтэл дьонун таба салайан, ити 1946 с. кулууп үлэҕэ киирбитэ, уонча холкуостаах ыал көмүлүөктэн аккаастанан билиитэ оһохтоох дьиэ туттан көһөн киирбиттэрэ. Эһиилигэр Сыырдаахха 60 оҕолоох оскуола дьиэтэ тутуллан аһыллыбыта. Аны 1948 с. манна оройуоҥҥа бастакынан уот станцията үлэҕэ киирбитэ, кини көмөтүнэн бурдугу тардар миэлиҥсэ, пилорама үлэлээн барбыттара.
Баара-суоҕа икки сыл иһигэр күөл үрдүнээҕи ырааһыйаҕа саҥа бөһүөлэк үөскээн улаатан, сайдан барбыта. Бөһүөлэк хара ааныттан аныгылыы тииптээх – электрическэй уоттаах, араадьыйалаах, төлөпүөннээх, орто оскуолалаах, спорт саалалаах, балыыһалаах, оҕо кэмбинээттээх, сибээс отделениелаах, аныгылыы маҕаһыыннаах, элбэх производственнай тутуулаах – дьон-сэргэ олохсуйарыгар табыгастаах буолбута.
80-90 киһи ойууру солоон, аҕыйах сылынан 500 гектардаах бааһынаны таһаарбыта. Түмүгэр үрдүк үүнүү маастара Федор Федорович Ефимов иитиллэн тахсыбыта, «Үлэ Кыһыл Знамятын» уордьанынан наҕараадаламмыта.
Холкуос наука төрүттэрин үөрэтэн, бастыҥ үтүө уопуту ыанньыксыттарга, сүөһүнү иитии үлэһиттэригэр зоотехническай куруһуогу арыйбыта.
Албан аатырыы
«Победа» холкуос ыанньыксыттарын үлэтэ киэҥник сураҕырбыта: 1936 с. ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талыллыбыт ыанньыксыт И.Д. Олесова үтүө холобурун биир дойдулаахтара, ыанньыксыттар: 1948 с. «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьанынан наҕараадаламмыт У.П. Бурцева, Ленин орденнаах Т.А. Бурцев, «Бочуот Знага» уонна Октябрьскай өрөбөлүүссүйэ уордьаннардаах Е.В. Бурцева, «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьаннаах М.Г. Пухова буолбуттара.
Ыччат-сүөһүнү төлөһүтээччи, Ыччаттар Бүтүн Сойуустааҕы коммунистическай ударниктарын слетугар кыттыбыт хомсомуолка М.Д. Данилова, дьахталлартан маҥнайгы холкуос бэрэссэдээтэлэ, «Саха АССР 15 сыла» бэлиэлээх Н.З. Колодезникова, маҥнайгы Бочуот Знага уордьаннаах механизатор Г.Ф.Неустроев үүнэн-сайдан тахсыбыттара.
Холкуостан куорсун анньынан
Биллэн турар, саха норуота сахалартан аан маҥнайгынан Социалистическай Үлэ Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибит, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талыллыбыт ыанньыксыт Елизавета Ивановна Бурцеваны умнубат. Кини бу «Победа» колхуоһуттан куорсун анньынан, албан аатыран, суон сураҕыран тахсыбыта.
Бу холкуос 1958 с., баара-суоҕа 12 сыл иһигэр, хайдах курдук чулуу ситииһилэммитин билиҥҥи ыччат өйдүөн наада.
Холкуостаахтар дохуоттара биир киһи күнүгэр тиксэринэн 5.93 солк харчынан үүммүтэ, 2.58 солк. уопсай дохуот, биир киһи күнүгэр тиксэринэн 8.54 солк. тиийбитэ, олохторун уйгута тупсубута.
Ити холкуос бэрэссэдээтэлэ Петр Николаевич Данилов салайбыт 12 сыллаах сыралаах үлэтин чаҕылхай ситиһиитэ буолар.
Маннык чаҕылхай, чулуу кыайыыны Уус Алдан улууһун аныгы ыччата ханна баҕарар киэн тутта, дорҕоонноохтук кэпсиэн наада.
Холкуос бэрэссэдээтэлэ Петр Николаевич Данилов үлэни көҕүлүүр, мындырдык аттаран тэрийэр, модун күүстээх санаалаах, чахчы даҕаны Уус Алдан улууһун күөнүгэр үөскээбит сэттэ чулуу чаҕылхай саарыннарын ахсааныгар киириэн киирсэр буоллаҕа.
Удьуор утума күүстээх
Саха саарына, уһулуччулаах салайааччы Петр Николаевич Данилов бэйэтин утумнуур, кинини суол үктүүр ыччаттардаах. Кини үс оҕотуттан бүгүн элбэх сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх.
Уус Алданнар Петр Николаевич сиэннэрин:
— 2009-2016 сылларга оройуоннааҕы киин балыыһаны салайбыт, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгунун, билигин өрөспүүбүлүкэтээҕи инфекционнай балыыһа кылаабынай бырааһынан үлэлиир Владимир Владимирович Богдашины;
— Дьокуускайга «Строительнай» бөдөҥ ырыынак салайааччытын солбуйааччыны, 2008 сылтан куораттааҕы Дума икки ыҥырыытыгар дьокутаатынан талыллыбыт Иван Иванович Даниловы:
— биологическай наука кандидатын Петр Петрович Даниловы уо.д.а. билэллэр.
Чаҕылхай киһи Петр Данилов сыдьаанньара – сиэннэрэ аныгы үйэҕэ эһэлэрин аатын ааттата, хаҥата туруохтара!
Татьяна ОБУЛАХОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru сайтка анаан