Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, Төҥүлүгэ, “Чаҕыл” — дьиэ кэргэн лааҕыра үлэлээбитэ иккис сыла. Манна 1—4 кылааска үөрэнэр оҕолор сылдьаллар. Уоннуу хонуктаах үс сезоннаах лааҕырга тоҕустуу, уон иккилии оҕо сылдьар.
Лааҕыры, 1989 сылтан “Олимпионик” оҕону сайыннарар кииҥҥэ иитээччинэн үлэлиир уопуттаах киһи быһыытынан, ыал ийэтэ Марфа Ивановна Сидорова салайар.
—Дьиэ кэргэнинэн лааҕыр тэрийэн үлэлэтиэххэ сөп эбит. Ол гынан баран, эппиэтинэһэ улахан. Бастатан туран, оҕолорго сөптөөх усулуобуйа баар буолуохтаах. Иккиһинэн, оҕо сөбүлээн сылдьыахтаах. Манна киниэхэ үчүгэй, табыгастаах буолуохтаах. Үсүһүнэн, лааҕыр оҕону сайыннарыахтаах, билиитин-көрүүтүн хаҥатыахтаах. Оҕо доруобуйата тупсуохтаах. Лааҕырга сылдьар оҕо интэриэстээх буолуохтаах, күн аайы үөрэ-көтө сэргэхтик кэлиэхтээх. Кини бүгүн туох үчүгэйи, кэрэни билэриттэн үөрүөхтээх. Онтон да атын элбэх. Онон «Чаҕылбытын» тэрийэрбитигэр, итини барытын көрбүппүт, толкуйдаабыппыт. Аҕабыт Руслан Афанасьевич “Чэчир” оҕону сайыннарар кииҥҥэ харабыллыыр. Кини бу “Чаҕылбытыгар” оҕолору кыралаан уһанарга, булчут сиэригэр-туомугар, о.д.а. үөрэтэр-такайар. Уолбут Руслан Чурапчытааҕы физкултуура институтун бүтэрбитэ. Кини оҕолору физическэй бэлэмнээх буоларга ииттэ, эрчийдэ. Армияҕа сулууспалыы барда. Сандаарабыт тылбаасчыт. Лааҕыр оҕолорун нуучча тылыгар үөрэтэр. Күтүөппүт Айархаан Гаврильев ХИФУ саха тылыгар үөрэнэр. Оҕолору сахалыы ыраастык саҥарарга, сиэргэ-туомҥа, өбүгэ үгэһигэр үөрэтэр-такайар. Нарыйа Кытайга үөрэнэр. Кини оҕолору англия тылынан кэпсэтэргэ, саҥарарга такайар. Намыына үлэ уруогун биэрэр. Уруһуйдууллар, араас киэргэли оҥороллор, хомустууллар, синтезаторга оонньууллар. Семен аныгы үҥкүүнэн оҕолор куттарын тутта, ону сэргэ, убайа армияҕа баран, кини оннугар футболлатар, баскетболлатар, сүүрдэр-көтүтэр, оонньотор, — диэн кэпсиир лааҕыр салайааччыта.
Марфа Ивановна манна оҕолор күн аайы иккиттэн алтаҕа диэри сылдьан үөрэнэллэрин, дьарыктаналларын этэр. Ону сэргэ, ураты дьоҕурдаах, тарбаҕар талааннаах, мындыр, ытык дьону кытары көрсүһүүлэри тэрийэллэр. Арыт ыалдьыттары ыҥыраллар, арыт, оҕолорун батыһыннаран көрсүһүүгэ бэйэлэрэ тиийэллэр.
Оҕолор лааҕырга сылдьан оҥорбут оҥоһуктарынан, уруһуйдарынан быыстапкалары тэрийэллэрин, сезон түмүгэр бары ыллаан, үҥкүүлээн, хоһоон ааҕан кэнсиэрдииллэрин, отчуот оҥороллорун төрөппүттэр улаханнык сөбүлээбиттэр, сэҥээрбиттэр. Былырыыҥҥы үлэлэрин билэр буоланнар, Дьокуускай куораттан кытары төрөппүттэр оҕолорун быйыл бу лааҕырга таһааран сырытыннарбыттар. “Оҕобутун сахалыы тыыҥҥа уһуйалларыттан олус үөрэбит. Ону таһынан, уолаттар уһана, кыргыттар киэргэл бэртээхэйин оҥоро үөрэнэллэрэ, онтон да атын элбэх туһалаахха такайыллаллара, биллэн турар, олус үчүгэй. Билиилэрин-көрүүлэрин хаҥаталлара үөрэхтэригэр көмөлөөх ”, — диэн махтаммыттар.
Марфа Ивановна хас биирдии төрөппүт оҕото бары өттүнэн үчүгэй киһи буолуон баҕарарын учуоттуулларын, ол иһин кинилэргэ эргиччи наадалаах уонна туһалаах үөрэҕи биэрэргэ кыһаналларын бэлиэтиир. “Оҕо үөрэппиккин ылынар, өйдүүр, иҥэринэр кэмин куоттарбат буоларга сыаллаах-соруктаах үлэлэһэбит”, — диэн этэр. Маныаха күнү күннээн суотабайга, компьютерга олоруохтарын кэриэтэ, туһалааҕынан дьарыктаналлара, билиилэрин-көрүүлэрин хаҥаталлара быдан ордук буолуоҕун бэлиэтиир.
Сидоровтар “Арассыыйа ийэлэрэ” хамсааһын Саха сиринээҕи салаата тэрийбит куонкуруһугар бырайыактарынан кыттыбыттар. Итиэннэ түмүккэ иккис миэстэни ылбыттар. Онон тиэргэннэригэр балаҕан тутта сылдьаллар. Бу тутууларын бүтэрдэхтэринэ, үлэлэрин өссө сайыннарар, кэҥэтэр былааннаахтар.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru