Ааспыт үйэ 80-с, 90-с сылларын икки ардыларынааҕы кэрдиис кэмҥэ Василий Гоголевы сэргэ Владимир Яковлев аата тустуу улахан түһүлгэлэригэр дорҕоонноохтук иһиллэр буолбута. Көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, тыа сирин оҕолорун тустуу кистэлэҥнэригэр уһуйар тренер саха эр дьоно саамай сөбүлүүр, сүгүрүйэр спордун туһунан санаатын үллэһиннэ.
– Владимир Петрович, көҥүл тустуу көбүөрүгэр хаһан хайдах үктэммиккиний?
— Наахараҕа VII кылааска үөрэнэ сырыттахпына, “Кыһыл Сулус” сопхуос салалтата күрэхтэһии тэрийбитигэр Оҕо спортивнай оскуолатыгар дьарыктанар тустуук уолаттары кыайталаан, бастаабытым. Онно Михаил Кожуров көрсөн, Хорообукка ыҥырбыта. Онон бастакы тренерим – кини. Ол 1977 с. өрөспүүбүлүкэни, Дальнай Востогу уонна Сибиири “ылбытым”. Биир сыл буолаат, VIII кылаас кэнниттэн Майаҕа киирэн, IX-X кылаастарга салгыы Василий Уваровка дьарыктаммытым.
— Быһа түһэн чуолкайдыым эрэ. Бука, «мин аҕай» дэнэ сылдьар мохсоҕоллору уулуссаттан киирээт охтортооботох буолуохтааххын…
— Миигин аан бастаан көҥүл тустууга бэйэтин кэмигэр туста сылдьыбыт күтүөтүм (эдьиийим кэргэнэ) Илья Захаров сыһыаран көҕүлээбитэ. Бырама үс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн бараммын Илья Петрович Өлөчөй оскуолатыгар дириэктэрдииригэр IV-V, онтон Амма Алтаныгар көспүтүгэр батыһан тиийэн, VI кылаастарга үөрэнэрбэр тустуу секциятыгар сылдьыбытым. Салгыы Наахараҕа кэлэн, тустуу секциятыгар физрук Иван Епатьевич Ермолаевка дьарыктаммытым.
Ситэрэн кэпсээтэххэ, 1981 с. Майаттан Дьокуускайга Спорт үрдүкү маастарыстыбатын оскуолатыгар Дмитрий Коркиҥҥа кэлбитим. Ити сыл СГУ ИФФ-тын историческай отделениетыгар туттарсан киирбитим гынан баран, үһүс куурустан бырахпытым. Хомолтолооҕо баар, улуу тренер Дмитрий Петровичтыын букатын кылгастык алтыспытым, кини сотору олохтон туораабыта. 1985 – 1987 с.с. аармыйаҕа сулууспалыырбар спортротаҕа сылдьыбытым. Дьиҥэр, Дьокуускайга сүрүн тренер Роман Дмитриев, тус тренерим Василий Уваров такайыыларынан дьарыктаммытым. Ол кэмҥэ Нальчикка Россия кубогар тустаммын Амин Хотукаевка хотторон, иккис буолбутум. Кинини Сергей Карамчаков кыайбыта, оттон Карамчаков миэхэ хотторон турар. Кини 1988 с. Сеуллааҕы олимпиадаҕа тустан, боруонса мэтээли ылбыта.
— Кырдьык, эн тустуугун ытыллыбыт оноҕостуу олус дьулурҕатык саҕалаабытыҥ уонна ол курдук соһуччу, түргэнник түмүктээбитиҥ. Биһиги, эн көлүөнэҥ дьоно, эйигиттэн өссө үгүһү, үрдүгү күүппүппүт… Ситиһиилэргиттэн санатыһыахха эрэ.
— Мин саҥардыы тахсарбар дойдубут ССРС этэ буоллаҕа. Ол Сэбиэскэй Сойууска 1980 с. оҕолорго чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбытым. Эһиилигэр, 18 сааспын туоламмын, Тбилиситээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы Гран-прига (оччолорго бу турнир «аан дойду аччыгый чөмпүйэнээтинэн» ааҕыллара) улахан дьоҥҥо аан маҥнай кыттыбытым уонна 48 киилэҕэ армян Аршак Санаян, биир дойдулааҕым Иннокентий Зырянов кэннилэриттэн боруонса мэтээлгэ тиксибитим. Онтон 1982 с. Сойуус ыччатыгар Украинаҕа эрчиллэр биир дойдулааҕым Петр Христофоров кэнниттэн 48 киилэҕэ иккис буолбутум. Европаҕа ыччакка 52 киилэҕэ тустаммын төрдүс миэстэлэммитим.
Саха сирин олохтоохторо Дьокуускай куорат «Спартак» (билиҥҥинэн «Туймаада») стадионугар 1985 с. ССРС көҥүл тустууга чөмпүйэнээтэ бастакытын уонна бүтэһигин ыытыллыбытын өйдүүр-саныыр буолуохтаахтар. Ол улахан эппиэтинэстээх көбүөргэ Саха сириттэн тустубут Роман Цыпандин 52 киилэҕэ үрүҥ көмүс, Артур Константинов 62 киилэҕэ боруонса мэтээллэри иилиммиттэрэ. Оттон 48 киилэҕэ Василий Гоголевпыт чөмпүйүөннээбитэ, мин киниэхэ сабырыйтаран, иккис буолбутум. Ити иннинэ, тохсунньуга, Тбилиситээҕи турнирга эмиэ иккис миэстэҕэ тахсыбытым, аан дойду иккис призера буолбут Александр Доржулуун финалга киирсэрбитигэр баалбын балыйбыттара. Ол саҕана видео суоҕа, доллар уктаххына эрэ судьуйалар хаттаан көрөн быһаараллара. Биһиги долларбыт суох буолан, быһаарса барбатахпыт. Төбөбөр эчэйии ылан, 1987 сылтан ыла тустууттан туоруурга күһэллибитим. Ол эрээри, көбүөртэн барбатаҕым: маҥнай дойдубар Наахараҕа, онтон Майаҕа оҕолору көҥүл тустууга күн бүгүҥҥэ диэри дьарыктыы-үөрэтэ сылдьабын.
— Петр Алексеевтаах, Николай Неустроевтаах саҕана бэйэтэ ураты, хапсаҕайтан «уларсыллыбыт» албастардаах «саха тустуута» диэн баарын туһунан саастаах көлүөнэ билэр, санатар, суруйар. Итиэннэ Дмитрий Коркин саха тустууга оскуолатын төрүттээбитэ. Бүгүн тоҕо ол уратыбыт көстүбэтий?
— Бастатан, тустуу сир ахсын олус сайдан, таһыма тэҥнэһэн турар. Холобур, Куба спортсменнара бокс кэнниттэн аны тустууга таҕыстылар. АХШ негрдэрэ эмиэ күүстээхтэр, аһара тулуурдаахтар. Уопсайынан, Америкаҕа дьарыктарын систиэмэтэ биһиэниттэн атын: бөҕөстөрү күүс-уох уонна тулуур өттүнэн бэлэмнииллэр. Ону эдэр бөҕөс Снайдер 97 киилэҕэ диэри ыйааһыннаахтарга хайа да бэйэлээх, элбэх албастаах «технарь» тустуукка хотторо илигэ көрдөрөр.
Иккиһинэн, тустуу ыытыллар балаһыанньата, быраабылата уларыйа туралларынан, биир халыыбынан көрөр табыллыбат. Биһиги саҕана үс күн тустарбыт. Билигин биир ыйааһыҥҥа тустааччылары күн иһинэн түмүктүүллэр, ол эбэтэр бөҕөс сынньаммакка, 4-5 хапсыһыыны утуу-субуу биир тыынынан ыытара эрэйиллэр. Маннык систиэмэни тулуйарыҥ – уустук. Арай, бэйэбит снайдердарбытын иитэн таһаардахпытына. Урукку ордук этэ диэбэппин. Үс күнү быһа санаа баттыгар сылдьар, түүн утуйбат туох үчүгэйдээх буолуой. Сарсыарда аайы ыйааһынныылларын кэтэһэҕин, онтон сэниэ киллэринээри үссэнэ-аһыы сүүрэҕин.
— Эн хас киилэни «үүрээччигиний»?
— Мин 4, муҥутаан 5 киилэни түһэрээччибин. Билигин сыыйа ол систиэмэни төннөрөн эрэллэр, саҥа олимпийскай цикли көрсө эһиилгиттэн киллэрэллэрэ буолуо. Ол гынан баран, уратылаах: икки күн туһуннараллар, иккис ыйааһыҥҥар 2 киилэ аһарарыҥ көҥүллэнэр. Ити олоххо киирдэҕинэ, сөптөөх быһаарыы буолуох этэ. Холобур, билигин үгүс уолаттар уонча киилэни быраҕаары эттэригэр-хааннарыгар төһөлөөх охсууну ылаллара буолуой, сааһырдахтарына биллиэ-биллэриэ турдаҕа. Ыйааһыны «үүрүү» кэнниттэн түргэнник чөлгөр түһүөххүн наада. Ол хас биирдии бөҕөс айылҕатыттан тутулуктаах.
— Эһиги саҕана аска-үөлгэ болҕомто төһө уурулларай? Билигин иһиттэххэ, саха уолаттара соҕуруу сборданалларыгар тренердэрэ дойдуларын аһын-үөлүн илдьэ бараллар.
— Биһиги көннөрү остолобуойга «общепикка» аһыыр этибит. Ким даҕаны сыалаах эт аҕалан сиэппитин өйдөөбөппүн. Арай, Дьокуускайга ССРС чөмпүйэнээтигэр тустарбытыгар Мэҥэ Хаҥаласка Төхтүрдээҕи базаҕа үчүгэйдик аһата-аһата сбордаабыттара. Битэмиин туһунан өйдөбүл суоҕа. Хата, Сойуус саҕана хара искэх элбэх этэ. Ону баҕас сыҥалааччылар гынан баран, саха аһаабатах аһа буоллаҕа. Мин күрэхтэһии буолуо ый инниттэн ыйааһыммын хонтуруолланарым, бурдук аһы сииртэн туттунааччыбын. Ити курдук ыйааһыммын үлэлээн түһэрэрим.
— Аныгы үйэҕэ спортсменнары кыбартыыранан, массыынанан, харчынан биһирииллэрин хайдах дии саныыгын?
— Үйэтэ оннук буоллаҕа. Билигин араас күрэхтэһии даҕаны баһаам. Мин кэммэр итинник көҕүлээбэттэр этэ. Ыһыахха хапсаҕайга тустан кыайдахха, мүһэ туттараллара даҕаны күндү буолара.
— Кэлиҥҥи сүһүөх бөҕөстөр тустууларын хайдах сыаналыыгын? Ама, олимпиада кыһыл көмүс мэтээлэ мэлдьи ыра санаанан эрэ муҥурданыах муҥа дуу?
— Саха уолаттара кэтэһэн-манаһан тустар буолбуттара оҕуста. Холобур, Виктор Лебедев оҕо сылдьан хамнатан тустара. Түһүмэхтэринэн хотуһууну киллэрбиттэрэ сабыдыаллаата. Ити быраабыла биир олимпийскай цикл үлэлээбитэ. Леонид Спиридонов онно түбэспитэ: икки түһүмэх кэнниттэн ахсаан 1 : 1 буолбутугар үһүскэ атахтаһыыга утары албаска киирэн, бүдүрүйбүтэ. Кэлин баалы ааҕыыны киллэрбиттэрин үрдүнэн биһиэннэрэ «батыллан» хааллылар. Ол иһин Лебедев тахсыбата, хоттортоон кэбистэ. Ини-бии Копыловтар эмиэ биир сиргэ тураары гыннылар диэн сэрэхэдийэбин. Быраабыла 2012 с. уларыйбытын кэнниттэн даҕаны, саха бөҕөстөрө кэтэсиһэн тусталларын тохтоппотулар. Атаҕы көмүскэнэр кыра, саха бөҕөстөрө атахтаан тусталлара. Омуктар партерга үчүгэйдик үлэлиир буолбуттар. Биллэн турар, ону күүс-уох өттүнэн баһыйа тутар тустуук оҥорор.
Манна сыһыаран эттэххэ, быйыл оҕолор тустууларыгар аан маҥнай 4-5 баалы ааҕыыны киллэрдилэр. Мин санаабар, 5 баал киирбитэ элбэх мөккүөрү мөҥүрэтиэ, охсуһууну да таһаарыа. Икки атаҕыҥ көбүөртэн күөрэйдэр эрэ – 5 баал! Бу судьуйалар хайа харахтарынан көрөллөрүттэн тутулуктаах буолуо саарбахтаммат.
— Дьоппуон сиригэр 2020 с. ыытыллыахтаах Олимпиадаҕа саха тустууга оскуолатын иитиллээччилэриттэн ким кыттыан сөп дии саныыгын?
— Билиҥҥитэ сөптөөх хандьытаат суох курдук көрөбүн. Итини өссө бөҕөстөрү ыйааһыннарынан араарыыга саҥа балаһыанньа олохтонон эрэрэ уустугурдар. Олимпиада күрэхтэһиитигэр 60, 70, 80, 90, 100 уонна 125 киилэҕэ диэри диэн алта ыйааһыҥҥа тустар буолуохтарын сөп. Оттон аан дойдутааҕы, Европатааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы түһүлгэлэргэ 55 киилэттэн саҕалаан уон ыйааһыҥҥа тустуохтара. Онон уруккуттан күүстээх, Олимпиада мэтээлигэр суоттанар чэпчэки ыйааһыннарбытыттан көрө мэлийэр буоллубут. Сорукпут өссө ыараата.
— Владимир Петрович, сэһэргэһиибитин сэргэх нуотанан түмүктүөххэ. Аҕыйах хонуктааҕыта 55 сааскын туолбуккунан эн талааҥҥар сүгүрүйээччилэр ааттарыттан истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу бэлиэ кэрчик кэмҥэр олорон, иитиллээччилэриҥ уонна инники былааныҥ туһунан этэрдээх буолуохтааххын.
— Спорт оскуолата ситиһиилээх, дьоҕурдаах оҕолору салгыы Олимпийскай резервэ оскуолатыгар ыытар соруктаах. Онон, үлэҥ түмүгэ ситэ көстүбэт буоллар даҕаны, Наахараҕа Аркадий Тастыгинныын устудьуоннарга аан дойдуга бастаабыт Александр Птицыны, Яков Филипповтыын оҕолорго аан дойду чөмпүйүөннэрэ Алексей, Петр Копыловтары бэлэмнэспиппинэн киэн туттабын. Бэйэм уолум Владимир Яковлев Россия чөмпүйэнээтигэр оҕолорго иккис миэстэни ылбыта.
Чугастааҕы былааным диэн, 55 сааспар тоҕооһуннаран, балаҕан ыйыгар Майаҕа бэйэм ааппынан оҕолорго өрөспүүбүлүкэ аһаҕас турнирын ыытаары бэлэмнэнэбин. Урут эмиэ дөрүн-дөрүн тэрийээччибин. Элбэх оҕо кыттар.
ОЛОҔУН ОЛУКТАРА
1962 с. от ыйын 19 күнүгэр Дьокуускай куоракка төрөөбүтэ, оҕо сааһа Бырамаҕа, Наахараҕа, Майаҕа ааспыта.
1980 с. көҥүл тустууга оҕолор ортолоругар ССРС чөмпүйүөнэ буолары ситиспитэ.
1981 с. Дьокуускайга Спорт үрдүкү маастарыстыбатын оскуолатыгар улуу тренер Дмитрий Коркиҥҥа дьарыгын саҕалаабыта.
1985 с. ССРС көҥүл тустууга чөмпүйэнээтин үрүҥ көмүс призера буолбута.
1992 с. ыла Наахараҕа, онтон Майатааҕы Оҕо спортивнай оскуолатыгар көҥүл тустууга тренер-преподавателинэн үлэлиир.
2007 с. Чурапчытааҕы судаарыстыбаннай физкултуура институтун үөрэнэн бүтэрбитэ.
2012 с. «СӨ физкултууратын уонна спордун туйгуна» ааты биэрбиттэрэ.
СЭМСЭ ТЫЛ
Василий УВАРОВ, СӨ үтүөлээх тренерэ, РФ физкултууратын уонна спордун үтүөлээх үлэһитэ:
– Болуодьа атын оҕолортон чаҕылхайын, айылҕаттан дьоҕурдааҕын бэлиэтии көрөммүн Майаҕа ыҥыран аҕалан дьарыктаабытым. Албаһы олус түргэнник ылынара уонна оҥороро, күлүмэх туттунуулааҕа. Утарылаһааччыта хайдах тустарын чыпчылыйыах икки ардыгар ааҕа-суоттуу, толкуйдуу-тобула охсон, бэйэтин албаһыгар киллэрбитэ эрэ баар буолара. Владимир Яковлев курдук атахха сылбырҕатык киирэр бөҕөс сахаҕа кэлин үөскүү илик. ССРС көҥүл тустууга сүрүн тренерэ Иван Ярыгин кини тустуутуттан олус астынара, чаҕылхай тустуугунан ааҕара, Сеуллааҕы Олимпиадаҕа 52 киилэҕэ В.Яковлевы туһуннарар былааннааҕа. Тоҕо диэтэххэ, сүрүн утарылаһааччыларын барыларын баһыйара. Владимир Яковлевка барыта баара: күүс, өй, тиэхиньикэ уонна чаҕылҕанныы күлүмэх тустуу.
Василий НИКИФОРОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru