СӨ тутуутун миниистирэ Павел Аргунов салайааччылаах ситэриилээх былаас отчуота бүгүн Таатта улууһун Чөркөөх сэлиэнньэтигэр ыытылынна.
1350-тан тахса киһи олорор улахан нэһилиэк олохтоохторо быһыты оҥорууну, тыйаатыр, аныгы хотон тутуутун, хороҕор муостааҕы көрүүнэн дьарыктанар дьоҥҥо үлэ ыстааһа ааҕылларын туруорустулар. Салгыы чурапчылар быһыттара тоҕо баран, таатталар ууга баран эрэйдэнэллэрин, ол ууну эрдэттэн түһэрии тоҕо кыаллыбатын быһаарыстылар. Маныаха сайынын Таатта үрэх уута түстэҕинэ, аны, ынах уулуур сирэ суох буолан, үгүс кыһалҕаны үөскэтэрин ыйдылар. Онон ууну-хаары дьаһайыы, быһаарыы боппуруоһа умнуллубакка, болҕомтоҕо ылылларын туруорустулар.
«Үтүө дьыала чэрчитинэн 50 мөл.солк. суумалаах тутуу киирэр, 2021 сылга Эстетическэй киин тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Федеральнай үптэн үбүлэнэн, Таатта үрэх быһытын оҥоруу кэлэр сылларга быһаарыллыаҕа», — диэтэ миниистир Павел Аргунов. Маны таһынан, аатырбыт Чөркөөх музейын эбийиэктэрин саҥардыы үлэтэ барыахтааҕын, инвестбырагыраама быһыытынан, быйыл, эһиил «Хочо» ТХПК хотоно Харбалаахха тутуллуохтааҕын, онтон Чөркөөххө «Кэскил» племенной сылгы собуота үбүлэнэн, сайдар суолга тахсыахтааҕын иһитиннэрдэ.
Дьон үксэ хас отчуот аайы үүт харчытын иҥэн-тоҥон ыйыталаста. Онуоха: «Таатта улууһугар үүтү соҕотуопкалыырга 2018 с. былаан 6250 л этэ, толоруута 5683. Онон 218, 750 тыһ.солк. көрүллүбүтүттэн, 198,905 тыһ.солк. үүт харчыта нэһилиэнньэҕэ түҥэтилиннэ. Көстөрүн курдук, былаан туолбакка, 20 мөл. үүт харчыта таах хаалан хаалла. Биир лиитирэ үүт себестоимоһа тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга күн бүгүн 58 солкуобай. Ол эрээри, дьон үүтүн 45 солкуобайга туттарар. Инникитин үүт сыаната үрдүүрүгэр үлэ ыытыллыаҕа», — диэн быһаарда ТХМ департаменын салайааччы Алексей Жирков.
Чөркөөхтөр долгуйар ыйытыктарын ким суругунан, ким микрофоҥҥа тииһинэн эттилэр. Аныгы тутуу хаачыстыбата мөлтөҕүн, амбулаторияҕа уочаратынан кэтэһэн олорор киһи олус тоҥорун, аан ситэри аһыллыбатын-сабыллыбатын, түннүк курдары үрэрин ыйдылар. Итини сэргэ, Уһук Илин гектартан сири ылбыт дьон туһаҕа ону хайдах таһааралларын туоһуластылар. Бу ыйытыыларыгар: «ТХМ тэрийэр граннарыгар, куонкурустарыгар кыттыаххытын сөп. Ол ылбыт сиргитигэр оҕуруот аһын олордоҕут, эбэтэр сылгы иитиитинэн дьарыктанаҕыт, ону бэйэҕит быһаараҕыт», — диэн Алексей Жирков онно быһаарыы биэрдэ.
Дьиэ-уот боппуруоһугар эмиэ киэҥ кэпсэтии таҕыста. Онно быһаарыллыбытынан, ТХМ хайысхатынан тыа сиригэр дьону дьиэнэн хааччыйарга Тааттаҕа сыл ахсын ортотунан 14 квота бэриллэр. Дьиэ туттарга ыал хас биирдии чилиэнигэр 240-250 тыһыынча солкуобай суумалаах субсидия бэриллэр эрээри, сүрүн ирдэбил быһыытынан, дьон бас билэр дьиэтэ суох буолуохтаах. Онно куоракка ипотеканан ылбыт кыбартыыралара эмиэ киирсэр. Аны туран, кэтэх дьиэлэрин киин ититиигэ холбуурга кыаммат араҥаҕа субсидия бэриллиэҕэ. Бу сыалга 50 мөл.солк.көрүллүбүт. Кытыы турар дьиэлэр, түөлбэлэр киин ситимҥэ сатаан холбоммот түгэннэригэр уһуннук умайар, сылааһы тутар оһохторунан хааччыйарга субсидия, эбэтэр босхо биэрэр курдук анал бырагыраама көрүллүөхтээх.
Былырыын Чөркөөх музейын көрө Москва куораттан ааттаан-суоллаан ыалдьыттар кэлэ сылдьыбыттар. Кинилэр Таатта суолугар батыллан, тыа сиригэр сибээс хабан биэрбэтиттэн, уот барарыттан, туристарга анаммыт туох да аралдьыйыы суоҕуттан саллан барбыттар. Олохтоохтор онтон кыбыстыбыттарын кэпсээтилэр.
Олохтоохтор этиилэрин, ыйытыыларын истэн баран: «Суол Туора Күөлгэ, Дэбдиргэҕэ, Даайа Амматыгар, Баайаҕаҕа оҥоһуллуо. Аспаал 2022 с. Чурапчыга диэри кутуллуо, онон үлэ барар. Тыа сиригэр түргэн тэтимнээх интэриниэт эмиэ киирэн иһиэ», — диэтэ оробуочай бөлөх салайааччыта Павел Аргунов.
Таатталар: «Саха дьоно үксэ ипотека хабалатыгар киирэн, онно хамначчыт буоллулар. Онон бу хайысханан кыра хамнастаах, араас төрүөтүнэн үлэтэ суох хаалбыт дьоҥҥо тустаах көмө оҥоһуллара буолла», — диэн баҕа санааларын тиэртилэр. Маны таһынан, төрүт тылбыт сүппэтин туһугар куоракка сахалыы эйгэни кэҥэтии, саха тыынын, тылын тарҕатыы бэлиитикэтэ тумус тутуллан, тиһигин быспакка күргүөмнээхтик ыытылларыгар баҕардылар.
Күн бүгүн Сахабыт сиригэр 180 тыһыынча ынах-сүөһү баар, онтон Тааттаҕа тыһыынчаттан эрэ ордук төбө хаалла. Ол ахсаан өттүнэн аҕыйааһыны хайдах тохтотуохха сөбүй? Кырдьаҕастар «бардахтарына», аны, аҕыйах сылынан ынах да суох буолуо диэн этинэн туран, чөркөөхтөр тыа хаһаайыстыбатын салаатын үлэтин «0» диэн сыаналаатылар. Атынын үчүгэй диэн эттилэр.
Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru