Таатта улууһун Чөркөөҕөр Саха АССР 100 сылынан үтүө үгэһи үйэтитэн, бэтэрээн сэбиэтэ уонна нэһилиэк дьаһалтатын көҕүлээһининэн 100 куһу нэһилиэк олохтоохторун күндүлээтилэр.
Бу туһунан Чөркөөх нэһилиэгин бэтэрээнин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Афанасьевна Филатова санаатын үллэһиннэ:
— Мин бэтэрээн сэбиэтин салайааччытынан быйылгыттан үлэлээн саҕалаатым. Бэйэм социальнай үлэһит буоламмын бу эйгэҕэ чугаспын. Бу тэрээһиммитин хамсык кэнниттэн дьоммутун сэргэхситээри, сайыны көрсөөрү тэрийдибит. Ардахтаах күн буолан дьоммутун-сэргэбитин бэйиэт В.А.Алексеев саха балаҕаныгар аһаттыбыт. Биһиги нэһилиэккэ бу үгэс олохсуйбута ыраатта. Саас ахсын аҕам саастаахтары байанайдаах булчуттарбыт бултарыттан бэрсэн күндүлээччилэр. Онон Саха АССР 100 сылынан 100 куһу дьоммутугар амсатыаҕыҥ диэн олус сэргэхтик сайыны көрүстүбүт. Дьоммут-сэргэбит олус астына-дуоһуйа тарҕаста. Бу күн нэһилиэкпит балыксыт уола Семен Антонович Обудов биир тымтай сибиэһэй балыгы аҕалан бэлэх уунна. Онон олохтоохтор илии тутуурдаах, өттүк харалаах тарҕастылар.
Ульяна ЗАХАРОВА.