Чөмпүйэнээт билиэттэрин интэриниэтинэн атыылыыллар

Ааптар: 
07.11.2018
Бөлөххө киир:

Бэлэмнэнии үлэлэр

Дьокуускайга мас тардыһыыга аан дойду чөмпүйэнээтэ чугаһаата. Бэлэмнэнии үлэлэр өссө тэтимирдилэр, билиэттэр атыыга таҕыстылар.

Бырабыыталыстыба вице-премьерэ Ольга Балабкина салайыытынан бу далааһыннаах күрэхтэһиигэ бэлэмнэнии үлэлэр хайдах салҕанан баран иһэллэрин туһунан өссө төгүл мунньах буолбута. Онно СӨ физкултуура уонна спорт миниистирэ Иннокентий Григорьев 37 дойдуттан спортсменнар күөн көрсө кэлэллэрин иһитиннэрбитэ. Ол эбэтэр, ити күннэргэ Туймаада туонатыгар быһа холуйан 250  киһи кэлэриттэн, 197-тэ спортсмен. Ыалдьыттар “Триумф” СК, Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир училищеҕа, “Тыгын Дархан” уонна “Полярная звезда” гостиницаларга, ХИФУ уопсайдарыгар уонна санаторий-профилакторийга түһэллэр. Култуура миниистирин солбуйааччы Марина Силина, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга ми­ниистири солбуйааччы Чокуур Гаврильев тэрээһин аһыллыытыгар, сырдатыытыгар тохтообуттара. Онтон быһа тардан эттэххэ, холобур, тэрээһин арыллыытын сүрүн концепциятынан Муус уонна  Төлөн буолуохтаахтар. Улахан болҕомто мас тардыһыытын суолтатыгар ууруллар. Сырдатыы үлэлэр тэлэбиидэнньэнэн, интэриниэтинэн, хаһыаттарынан, саайтарынан сонно тахсан иһэллэр. Түһүлгэҕэ мустубуттарга табыгастаах буоларын курдук, Wi-Fi холбонуо. Түөрт киинэ тыйаатырыгар сеанстар иннилэринэ чөмпүйэнээттэн видеороликтар көрдөрүллүөхтэрэ.

Киин ханаалынан көрүөхпүт

Мадьынылар күрэхтэһиилэригэр буолуохтаах форумҥа Москваттан спортивнай суруналыыс уонна комментатор Владимир Иваницкай ыҥырыллыбыт. Кини устуутун “Матч” ханаалга көрүөхпүт.  Манна даҕатан эттэххэ, кини “Манчаары оонньууларын” бастакы чөмпүйэнээтин туһунан киинэтэ улахан болҕомтону тардыбыта. Иваницкайы сэргэ, өссө, Венгрия уонна Украина сүүмэрдэммит хамаандаларын кытары устар бөлөхтөр кэлэллэр.

Ыҥырыылаах ыалдьыттар

Улахан күрэхтэһиини көрөргө мас-рестлинг бэтэрээннэрэ, тэрийээччилэр, улуустартан федерация салайааччылара, чугас улуустартан мас тардыһыытынан дьарыктанар оскуола үөрэнээччилэрэ ыҥырыллаллар. Кинилэргэ анаан 700 миэстэ босхо уурулунна.

Кыһыл көмүс – баҕа санаа кыната

Улахан чөмпүйэнээккэ кыттааччылар кыайыы-хотуу көтөллөнүөхтэрин баҕараллара чахчы. Олортон биирдэстэринэн Венгрияҕа мас-рестлинг федерациятын бэрэсидьиэнэ Адам Дараш санаатын үллэстибит.

Кини биэс сыллааҕыта Саха сиригэр кэлэ сылдьан, мас тардыһыытын аан бастаан көрбүт уонна улаханнык сөбүлээбит. Дойдутугар тиийэн икки нэдиэлэнэн чөмпүйэнээт тэрийбитигэр аҕыс киһи кыттыбыт. Кэлин сүүстэн тахса спортсмен күөн көрсөр буолбута спорт бу көрүҥүн улаханнык кэрэхсээбиттэрин туоһулуур.

Маныаха мас тардыһыыта аҥаардас күүһү-уоҕу эрэ эрэйэр буолбакка, тулуурдаах, дьулуурдаах, толкуйдаах буолууну, күүс­тээх бэлэми эрэйэрин бэлиэтииллэр.

Олимпиада оонньууларыгар киириэ дуо?

Спорт национальнай көрүҥнэрин Олимпиада оонньууларыгар киллэрэргэ болҕомтону ууруохха наада диэн бэлиэ­тээбиттэрэ хас да сыл буолла. Бу спортсменнар санааларын көтөҕөр, инникигэ эрэли угар.

Дойду баһылыга Владимир Путин спорт национальнай көрүҥнэрэ бастатан туран, норуот култууратын көрдөрөрүн бэлиэтээбитэ. Онуоха күрэхтэһиини өссө киэҥ далааһыннаан, сайыннаран биэрэри ыйан туран, аан дойду улахан түһүлгэтигэр спортсменнар тахсалларыттан үөрэрин бэлиэтээбитэ.

РФ спорка миниистирэ Павел Колобков дохсуннук уларыйар кэмҥэ спорт аренатыгар саҥаттан саҥа көрүҥ элбиирин тоһоҕолоон туран, мас-рестлинг дьоһун миэстэни ыларын ыйбыта.

Олимпийскай чөмпүйүөн, хоккейга аан дойду хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ Владислав Третьяк мас тардыһыытынан дьарыктанар киһи тулуурдаах, дьулуурдаах, түргэн-тарҕан, сымса, хорсун буоларга уһуйулларын, киһи дьүөрэлээн сайдарыгар улаханнык көмөлөһөрүгэр эрэнэрин биллэрбитэ.

Устуоруйаттан кылгастык

РФ Госкомспордун 2003 сыл от ыйын 16 күнүнээҕи 546 №-дээх бирикээһинэн мас-рестлинг Бүтүн Арассыыйатааҕы реестргэ спорт национальнай көрүҥүн быһыытынан киллэриллибитэ. 2005 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр РФ Юстициятын министиэристибэтин федеральнай регистрациялыыр сулууспатынан “Мас-рестлинг Бүтүн Арассыыйатааҕы федерацията” уопсастыбаннай тэрилтэ быһыытынан регистрацияламмыта.

Мас-рестлинг Бүтүн Арассыыйатааҕы федерацията (ВФМР) тэриллиэҕиттэн дойду 14 чөмпүйэнээтэ ыытылынна. Иккитэ Красноярскайга, биирдиитэ Санкт-Петербурга, Владимирга, Смоленскайга, Суздальга уо.д.а. куораттарга. Сыл ахсын дойду чөмпүйэнээтэ уонна мас тардыһыыга Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһиилэр юниордартан саҕалаан бэтэрээннэргэ тиийэ ыытыллаллар.

Билиэттэн матымаҥ!

Чөмпүйэнээт билиэтин сыаната ханнык тырыбынаҕа олороргуттан тутулуктанар. Сыаната биир күҥҥэ 800 солкуобайтан 1200 солк. диэри.

Билиэттэр атыыланаллар: “Кыайыы 50 сыла” спорт дыбарыаһын, “Туймаада” атыы-эргиэн киинин, “Модун”, “Триумф” СК каассаларыгар.

Маны сэргэ, tesserus.com  саайтка киирэн ылыаххытын сөп.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0