Күнүскү түбүккэ-садьыкка, араас кыһалҕаҕа кыһарыйтаран эбэтэр санааҕа-онооҕо ылларан, киһи санаатын көтөҕөр түгэннэр (романтика) тустарынан үксүгэр умнан кэбиһэбит.
Дьиҥэр, чүмэчилээх киэһэлэр, соһуччу бэлэхтэр уонна киһи эрэ сүргэтин көтөҕөр настарыанньа өргө диэри умнуллубаттар уонна тапталлаахтар сыһыаннарын бөҕөргөтөллөр.
Хараххар оҥорон көр эрэ: киэһээ буолуута үлэтиттэн сылайбыт-элэйбит эриҥ киирэн кэлэр. Оттон эн кинини роза сибэкки сыттаах хоскор, чүмэчилээх уонна толору астаах остуолгар кыраһыабай бэйэлээхтик көрсөҕүн. Дьолу кыл түгэҥҥэ да билэргэ итинтэн ордук туох нааданый?
Киһини үөрдэр, астыннарар киэһээҥи аһылыгы бырааһынньыкка эбэтэр кэргэнниилэр икки ардыларыгар тахсыбыт мөккүөрү уҕарытар туһуттан буолбакка, туох да кэтэх санаата суох соһуччу оҥорор ордук.
Онон, ханнык баҕарар үлэ күнүн тал уонна бэлэмнэн.
Эһиги хоскутугар үчүгэй сыттаах чүмэчи, тоһооччук эбэтэр табах бөппүрүөскэтин уурар иһиттэр киһи сүрэҕин уулларар минньигэс сыты таһаарыахтара. Эбэтэр арома-лаампа уутугар 5-6 хааппыла сыттаах арыыны таммалатыахха сөп.
Ханнык эмэ үөрүүлээх киэһэлэргэ жасмин, пачуль уонна корица булкадаһыктаах (иккилии хааппыла) холбоһугу оҥор.
Манна даҕатан эттэххэ, сыттаах чүмэчилэр остуолгутугар эрэ наада буолбаттар. Утуйуохтаах хоскутугар киллэрэн уурдаххына, ороҥҥо таптаһаргытыгар эйэҕэс эйгэни үөскэтэрэ саарбаҕа суох.
Көннөрү чүмэчилэри туттар буоллаххына, ыскаатар өҥүгэр сөп түбэһиннэр. Сөптөөх ыскаатар ыла илик буоллаххына, аскын-үөлгүн ыраас муостаҕа тэлгэтэриҥ эмиэ атын ураты иэйиини үөскэтэллэр. Бүлүүдэлэриҥ эмиэ судургу соҕус буолуохтарын сөп. Сиргэ олорон эрэ фруктата сиэҥ, күөх чэйи эбэтэр вино иһэ-иһэ арабтыы музыканы истиҥ. Дьэ, дьиҥнээх романтика буолбакка тугуй?
Чүмэчилэриҥ үрдүк буоллахтарына олус үчүгэй. Үрдүк чүмэчилэр бакааллары ордук күүскэ чаҕылыталлар, оттон сампааныскай килбэйэн көстөрө остуоруйа эйгэтин санатыа.
Устар чүмэчилэри атыылаһан ылан, салаат кутуллар кыраһыабай иһитигэр кутуллубут ууга ууруохха сөп. Кыра чүмэчилэр уһун үйэлээх буолалларын наадатыгар чүмэчилэри 3-4 чаас иннинэ холодильникка ук.
Сибэккини кэрэ аҥардарга эрэ бэлэхтэнэр дии санаамаҥ. Сибэкки кыра дьөрбөтүн эбэтэр биир кыраһыабай роза сибэккини атыылас. Оччоҕо бэйэҕэр да бэлэх оҥостуоҥ, остуол да киэргэлэ буолуо. Бэлэмнээбит бүлүүдэлэргин уонна сибэккигин кыраһыабайдык уурталаа, киһини сынньатар музыката холбоо уонна тапталлааххын кэтэс. Аһылыгыҥ киһи куртаҕа ыараханнык буһарар аһа буолбата наада. Эт оннугар сыата суох кууруссаны буһарыахха сөп. Винону кытта иһэргитигэр тэриэлкэҕэ быһыллыбыт сыры уонна фруктаны уур. Бу киэһэ грейпфрут, апельсин, киви курдук фрукталар ордук барсаллар. Банаҥҥа киһи түргэнник тотон хаалар, оттон дьаабылыка куртахха «өрөбөлүүссүйэни» оҥоруон сөп.
Ол эбэтэр, илиини улаханнык марайдаабакка сиир бүлүүдэлэри эбэтэр илиинэн эрэ сиэххэ сөптөөх бүлүүдэлэри бэлэмнии сатаа. Бу күн эн тапталлааҕыҥ илиититтэн аһыырга сөбүлэс, кинини эмиэ бэйэҥ аһат. Дьыалаҕыт үчүгэй буоллаҕына, десерт наадата суох да буолуон сөп. Ол гынан баран, кыра торт эбэтэр мороженай мэһэйдээбэт.
Бэлэмнээбит аскытын утуйар хоскутугар олорон сиэххитин сөп. Бэйэ-бэйэҕитин соһутартан уонна араас ньымалары боруобалаан көрөртөн куттанымаҥ. Эһиги олоххутугар соһуччу иэйиилэр уонна үтүө сыһыан элбии турдуннар.
Cылаанньыйа СЫЛЛЫЫРАБА