Биир үтүө күн «Versailles» (Версаль) муусука салонугар “Ырыам кута” диэн кэнсиэргэ икки билиэт тутан, бииргэ үлэлиир айар куттаах кыыспын барыахха диэн кучуйдум. Буолар күнэ лоп курдук субуота, онон сынньана да түһүллүө дии санаан, тэринэн тиийдибит. Кырдьыгын эттэххэ, ити диэки атаҕым биирдэ да үктэнэн көрө илик.
Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/
Киирэн соммутун туттараат, үһүс этээскэ таҕыстыбыт. Мин, били, тыйаатырга курдук эрээттэринэн олорорбут буолуо диэбитим баара, олох да атын хартыына буолан биэрдэ. Остуол тула олортулар. Хас биирдии остуолу чүмэчи уота сырдатар, фрукта, минньигэс ас тардыллыбыт. Сыана икки ойоҕоһунан уһун атахтаах лаампалар (торшер) кэккэлэспиттэр… Букатын, киинэҕэ эрэ көрөр романтика киэһэтин курдук…
Ыытааччы Александр Максимов-Сааска Уол: “Эстрада Судаарыстыбаннай тыйаатырын “Ырыам кута” саҥа бырайыагынан, ыйга иккитэ камернай түһүлгэҕэ биһиги артыыстарбыт бэйэлэрин ырыаларын бэлэх уунуохтара. Бүгүҥҥү, бастакы түһүлгэни арыйар – Өркөн!” — диэтин кытта, тыйаатыр дириэктэрэ Алексей Егоров-Өркөн мусукааннарын Егор Ефимовы (клавишник), Алексей Ефимовы (ударник), Айсен Федоровы (гитарист) батыһыннарбытынан бу киирэн кэллэ. Ону кытта ытыс тыаһа хабылла түстэ. Өркөн бүгүҥҥү киэһэни көннөрү кэнсиэр эрэ курдук буолбакка, аһаҕас кэпсэтии, алтыһыы быһыытынан атаарыахпыт диэн ис сүрэҕиттэн эппит тыллара, көрөөччүлэри, бэйэбит даҕаны билбэппитинэн, ураты эйгэҕэ сиэтэн киллэрэн кэбистэ. Итиэннэ “Сиккиэр тыал” диэн биллэр ырыатынан “Ырыам кута” бырайыагы арыйда.
Бырайыак ааптарынан Уля Сергучева-Күннэй буолар. “Маннык камернай форматтаах бырайыагы таһаарары уруккуттан “буһара” сылдьыбыппыт. Тыыннаах дорҕоонунан үлүһүйэбит. “Версаль” муусука саалабыт сүүстэн тахса миэстэлээх. Кулун тутар ыйга бырайыакка мин кыттыаҕым. Ирдэбил быһыытынан, манна ыллыыр артыыс икки саҥа ырыаны сүрэхтиэхтээх, ону таһынан, биир ханнык баҕарар омуктуу уонна биир биллэр сахалыы ырыаны бэйэтин көрүүтүнэн ыллыахтаах. Бырайыакпыт “YouTube” (Ютуб) ханаалга Эстрада тыйаатырын страницатыгар тахсыаҕа”, – диэн кылгастык санаатын үллэһиннэ.
Кэнсиэри көрө олорон, бырайыагы “Ырыам кута” диэн сөпкө да ааттаабыттар эбит диэн толкуйдуугун. Хас биирдии ырыа туох эрэ санаа оонньооһунун түмүгэр айыллар эбээт, бэйэтэ туспа историялаах. Бырайыакка кэлбит артыыс ырыата хайдах айыллан тахсыбытын, ол кистэлэҥин сэгэтэн баран ыллыыра, истиэххэ олус интэриэһинэй. Ол курдук, көрөөччү бүүс-бүтүннүү ырыаҕа “умсан” ылар.
Өркөн, Валерий Меладзе тахсыар диэри, нууччалыы ырыалары интэриэһиргээбэт этим диир. Сахалыыттан ураты ырыалары олох ыллаабаппын эрээри, бырайыак ирдэбилин быһыытынан, биир омуктуу ырыаны толоруохтаахпын диэн, кылгастык билиһиннэрэн баран, Меладзе репертуарыттан “Как ты сегодня красива” ырыаны толордо.
“Ырыам кута” бырайыакка бастакынан Алексей Егоров-Өркөн тахсыбыта мээнэҕэ буолбатах эбит дии санаатым. Ол курдук, саҥа салоҥҥа, саҥа бырайыакка дириэктэр бэйэтинэн холонон көрөрө сөптөөх быһыы. Ону тэҥэ, Өркөн олунньу 2 күнүгэр ыал буолбута 15 сыла, олунньу 5 күнүгэр төрөөбүт күнэ эбит. Манан сибээстээн, олоҕун аргыһыгар анаабыт сабыс-саҥа, буруолуу сылдьар “Махтанабын” диэн ырыаны ыллаан, көрөөччүлэр куттарын тутта. Итини сэргэ “Ама буруй буоллаҕай?” диэн иккис саҥа ырыатын көрөөччүлэргэ бэлэх уунна. Онон икки бэртээхэй ырыа күн сирин көрдө диэн толору этэр кыахтаахпыт.
Алексей Егоров-Өркөн дьоҥҥо-сэргэҕэ ырыа айааччы, толорооччу, ырыаһыт, драма артыыһын, продюсер быһыытынан биллэр. Маныаха кини: “Эстрада тыйаатырыгар култуура бары эйгэтигэр сыстан баран кэлбитим мээнэҕэ буолбатах, арааһа, ити бэриллибит кыахпын барытын ырыаҕа туһанарым ирдэнэр быһыылаах”, – диэн бэлиэтээтэ. Манна диэн эттэххэ, кини Эстрада тыйаатырыгар дириэктэр буолан ананан кэлиэҕиттэн, эстрадаҕа саҥа сүүрээн киирбит курдук көрөбүн. Ону чиҥэтэн биэрэрдии, саха биллиилээх ырыаһыта Христофор Максимов олоҕунан уонна саха норуодунай поэта Семен Данилов хоһооннорунан икки мюзикл бэлэмнии сылдьабыт диэн иһитиннэрдэ. Аныгы көрөөччү көннөрү кэнсиэри эрэ буолбакка, ырыаһыттан туох эрэ сонуну кэтэһэр. Ону таба тайаныы улахан сыраттан тахсара биллэр. “Ырыам кута” бырайыак көрөөччү ирдэбилигэр толору эппиэттиир. Салгыы, тэтимин ыһыктыбакка бардаҕына, дьон болҕомтотун тардыыһы.
СӨ үтүөлээх артыыската Анастасия Готовцева киэҥник биллэр “Чараҥ вальсын” арыый уларытан ыллаабыта сонун көстүү буолла. Бу эмиэ бырайыак биир ирдэбилинэн буолар. Ити курдук, тыыннаах доҕуһуолунан бэйэтин хас даҕаны ырыатын бэлэхтээтэ. Ырыаларым ордук Уххан тылларыгар табыллаллар диэн бэлиэтээн туран, “Абылаҥ кыыһын” ыллаата.
Артыыс иэйэн-куойан, итийэн, уутугар-хаарыгар киирэн, хас биирдии ырыатын манна мустубут дьон чахчы куттуун-сүрдүүн ылыналларын курдук толору тиэртэ. Ырыаттан дьоллонуу диэн ити буоллаҕа!!!
Көрөөччүлэр инники уон сылгар туох былааннардааххыный диэн ыйыппыттарыгар: “Хас биирдии киһи барыта бэйэтэ туспа сыаллаах. Туохха эрэ талаһар буоллаҕына эрэ олох интэриэһинэй буолар. Инники былааннарбын дьиэ кэргэним эрэ билэр. Табыллыбатаҕына даҕаны, табылыннаҕына даҕаны кинилэрдиин үөрүүбүтүн тэҥҥэ үллэстэбит, тэҥҥэ хомойобут”, – диэн хоруйдаата.
Түмүктээн эттэххэ, бырайыакка кыттар артыыстар ырыаларын быыһыгар ити курдук көрөөччүлэр ыйытыыларыгар хоруйдуур буоллахтарына, “Ырыам кута” дьон болҕомтотун тардыыһы. Тус бэйэм Өркөнү артыыс эрэ быһыытынан буолбакка, улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын быһыытынан ураты харахпынан көрдүм.
Ити курдук, «Versailles» (Версаль) муусука салонугар дуоһуйа сынньанан, сорох түгэннэргэ Сааска Уол бэтиэхэлээх тылларыттан харахпыттан уу тахсыар диэри дэлби күлэн, этэргэ дылы, үйэбин уһатан таҕыстым. Ырыаһыттарбыт көрөөччүлэри кытта ити курдук атах тэпсэн олорон сэһэргэһэллэрэ, кинилэр ыйытыыларыгар хоруйдууллара бэрт көстүү эбит. Уопсайынан, аныгы ааҕааччы, көрөөччү, истээччи, биллэр-көстөр дьон ырыаларын эрэ буолбакка, кинилэр тус олохторун туһунан элбэҕи билиэн-көрүөн баҕарар. Итиннэ киһи омнуолуура туох да суох. Төттөрүтүн, олох ирдэбилэ диэн быһаарыахха сөп эбитэ дуу. Онон ити курдук тыыннаах муусуканан ырыаны үүттээх чэй иһэ-иһэ истэртэн үчүгэй туох кэлиэй! Сонун көстүү, ураты эйгэ, ырыаһыты кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһии — бу барыта хатыламмат түгэн. Бу барыта – “Версаль” муусука салонугар эрэ…
Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/
Николай Ефремов хаартыскаҕа түһэриилэрэ.