“Чөл олох”. Ким хайдах өйдүүрүнэн…

Бөлөххө киир:

Бүтүн Арассыыйатааҕы норуот фрона (ОНФ) ыыппыт ыйытыытын көрдөххө,  хоруйдаабыттартан 65 бырыһыана чөл олоҕу  тутуһара бэлиэтэнэр. Ол гынан баран, чөл олох быраабылатын итинтэн 0,4 бырыһыана эрэ чахчы тутуһара чопчуламмыт.

edersaas.ru


0,4 бырыһыаннара — чөл олох усулуобуйатын (доруобай аһылык, эти-сиини тиһиктээхтик эрчийии, табаахтан уонна арыгыттан аккаастаныы) тутуһар;
6 бырыһыаннара – чөл олох туһунан толкуйдаан да көрбөт;
36 бырыһыаннара – физкультуранан уонна спордунан тиһигин быспакка дьарыктанар.

Сорохтор билинэллэринэн, чөл олоҕу тутуһуохтарын баҕарбыттарын да иһин, бириэмэлэрэ, үптэрэ-харчылара тиийбэтэ уонна дьулуурдара суоҕа мэһэйдиир. Үгүс киһи хаачыстыбалаах аһылыгы эрэ аһыан баҕарар. Ыйытыы түмүгүнэн эспиэрдэр  табахтааһыны, арыгылааһыны, сыыһа аһааһыны, гиподинамияны (хамсаныы хааччахтаныытыттан организм туруга уларыйыыта) утары охсуһарга саамай кылаабынайа – чөл олоҕу күүскэ тарҕатыы наадатын этэллэр.
Интэриэһинэйэ диэн, сорохтор Арассыыйаҕа сынньанарга сөмөлүөтүнэн көтүү уонна тимир суолунан айан билиэтигэр чэпчэтиилэри оҥоруу чөл олоххо тардыһыыны көҕүлүө этэ диэн эрэллээхтэр.
Ол эбэтэр, норуот доруобуйата чөл буоларыгар ис туризмы сайыннарыы улахан оруоллаах. Онуоха маассабай спорт эмиэ умнуллуо суохтаах. Күннээҕи олоххо саамай табыгастаах уонна үчүгэй дьайыылаах көрүҥүнэн хаамыы, сүүрүү, бэлисипиэтинэн хатааһылааһын буолар.

Үс кут дьүөрэлэһиэхтээх

Федора ШИШИГИНА, ис туругу сайыннарыыны көҕүлээччи:

— Биллэрин курдук, саха киһитэ үс куттаах. Киһи бу үс кута бэйэ бэйэтин кытары дьүөрэлэһэр буоллаҕына, кинини чөл куттаах диэххэ сөп. Киһи чөл куттаах буолаары, арыгы испэт, табаах тардыбат, иҥэмтиэлээх аһылыгынан аһыыр, элбэхтик хамсанар-имсэнэр. Ол аата, буор кутун сайыннарар. Онтон салгын кута чөл буоларыгар өйүн-санаатын сайыннарар, тиһигин быспакка үөрэнэр, сөптөөх өйдөбүллэри иҥэринэн, холбукатыгар хаһаанар.
Ийэ кута сайдыылаах буоларыгар саха киһитэ үс таһымы ааһар. Бастатан туран, орто дойдуга төрөөн баран, киһи-хара буолаары, бэйэтин айаҕын ииттинэр, бэйэтин харанар буолар. Ол иһин “киһи-хара” дэнэр.
Онтон “киһи киһитэ” диэн таһымҥа тахсар. Бу таһымҥа кини бэйэтин иннин эрэ көрүммэт, дьону-сэргэни кытары алтыһар, үлэлиир-хамсыыр. Ыал буолан, оҕолонон-урууланан, дьонун-сэргэтин көрөр-истэр, уопсастыбаҕа туһалаах киһи буолар.
Үһүс таһымҥа, ол эбэтэр “Айыы киһитэ” диэн буоларыгар аҥаардас бэйэтин олоҕунан эрэ дьарыктаммакка, бар дьоммор туһалаах киһи буолуохтаахпын диэн санаанан салайтарар. Ол аата талаанын сайыннарар, бэйэтин кыаҕын толору аһар. Бу айыы таһымыгар киирбит киһи (“айыы” диэн тыл бэйэтэ ыйа сытар) айар-тутар. Бу олоххо айа-тута кэлбит аналын буллаҕына, таба тайаннаҕына, толору дьоллоохпун дэнэр. Айар-тутар таһымҥа тахсарыгар кини буор кута, салгын кута чөл буолуохтаахтар. Дьэ, бу үс куппутун сайыннарарга биһиэхэ билигин бэйэни салайыныы саҥа ньымата – “Мастер Кит” диэн баар буолла. Бу ньыма компьютернай, интерактивнай диэн ааттанар. Киһи бу ньыманы планшетыгар дуу, көмпүүтэригэр дуу олорон билистэҕинэ, олоххо туруоруммут сыалын-соругун ситиһэригэр, айыы киһитэ буоларыгар мэһэйдиир хос санааларын, сыыһа өйдөбүллэрин, хом санааларын, куруук туохтан эрэ куттана, дьаархана сылдьарын уо.д.а. итэҕэстэрин булан, ону уларытарга, ийэ кута чөл буоларыгар үлэлэһэр.

Кими да кытары өстөһүмэ

Михаил КУЗЬМИН, Хаҥалас улууһун ветеринарияҕа управлениетын салайааччыта:

— Мин санаабар, чөл олохтоох киһи диэн куһаҕан дьаллыкка убаммат (табаах, арыгы, наркомания, токсикомания уо.д.а) киһини эрэ ааттыыллара тутах. Ити олус кыараҕас өйдөбүл. Киһи орто дойдуга кэлэр аналынан, ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн, кинилэргэ истиҥ тапталын биэрэн олоҕун олороро – бу буолар чөл олох диэн. Кини чугас дьонугар, тулалыыр эйгэтигэр үтүө сыһыаннаах эрэ буоллаҕына, чөл олохтоох киһи диэн киэн тутта этиллиэхтээх. Чөл олох диэн өйдөбүлгэ киһи олорор олоҕо бүтүннүүтэ киирэр дии саныыбын. Онон, ыалдьыт курдук кэлэн ааһар, үөһэттэн айыллан кэлбит олохпутугар ыраас өйдөөх-санаалаах, чэбдик доруобуйалаах, бэйэ бэйэбитин кытары өстөспөккө, хас биирдии киһиэхэ үчүгэйи эрэ баҕаран олоруоҕуҥ диэн этэбин. Ол буолуо, чөл олох диэн тыл дьиҥнээх өйдөбүлэ!

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0