Өймөкөөн улууһун Үчүгэй нэһилиэгин култуура киинин көҕүлээһининэн, олохтоохторго анаан «Библио-түүн» анал аахсыйаны тэрийдилэр.
Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, Edersaas.ru
Тэрээһин аахсыйа 7 чаастан киэһэ 10 чааска диэри ыытылынна. Олохтоохтор көхтөөхтүк кытыннылар. Маннык аахсыйа сүрүн сыалынан-соругунан дьону кинигэни ааҕыыга угуйуу буолар. Тэрээһин чэрчитинэн, оҕуруот аһын арассаадатын дьаарбаҥката, оҕолорго интеллектуальнай оонньуу, уопуттаах оҕуруотчуттар сибэккини көһөрөн олордууга маастар-кылаастара буоллулар.
Наталья Громова, Култуура киинин билиитиэкэрэ:
— Маннык аахсыйаны тэрийии — ордук ыччат кинигэни умсугуйан ааҕарыгар угуйуу буолар. Билигин ыччат дьон кинигэни, хаһыаты аахпат буолбута мэлдьэх буолбатах. Этэргэ дылы, интэриниэккэ олороллор. Онон ыччат дьон кинигэни ааҕарыгар, төһө кыалларынан, бары кыһаллыах тустаахпыт.
Бу аахсыйаны иккис сылбытын тэрийэбит. Дьиҥэр, Россия үрдүнэн муус устарга буолбута. Ону, атын тэрээһиннэр ыытылланнар, бу бүгүн ыыттыбыт.
Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, Edersaas.ru
Дьокуускай — Үчүгэй.