ХХ үйэ былаһын тухары учуонайдар түүлгэ научнай быһаарыыны көрдөөтүлэр. Үгүстэр итиннэ туох да кистэлэҥ суох, күнүскү олоҕуҥ сабыдыала диэн быһаараллар. Ол курдук уопсастыба, тулалыыр эйгэ күһэйиитинэн элбэх санааҥ-баҕаҥ хам баттанан, тахсыбакка хаалар. Ону подсознание түүл гынан, киһи өйүн-санаатын бэрээдэктиир, ортоку олугун булларан, сааһылаан биэрэр дииллэр. Эбэтэр түүлү кытаанах ньиэрбэлээх, бигэ үчүгэй олохтоох киһи көрбөт диэн ааттыыллар. Ону кытта сөбүлэһиэххэ сөп гынан баран, иччилээх, сэрэтэр, сирэйинэн көстөр түүллэр баалларын сапсыйан кэбиһэр табыллыбат. Билигин рентген, ЭЭГ, МРТ, онтон да атын мэйиини дьөлө көрөр аппараттар элбээтилэр. Түүл кистэлэҥин билээри позитронно-эмиссионнай томографияны туттуу, клеткалар араас бөлөхтөрүн нейрохимиялааһын курдук араас үлэ бөҕө бара турар. Олор эппиэт биэрэллэрин оннугар хата өссө элбэх саҥа ыйытыылары үөскэтэн иһэллэр. Холобур, мэйиини үөрэтэ сылдьаннар, учуонай- дар мэйии биллэр-биллибэт альфа-долгуннары таһаарарын булан ылбыттара. Бу долгуннар киһиэхэ эрэ бааллар уонна утуйаары, уһуктаары сытар кэмҥэр киирэн ааһаллар. Күүһүрэр кэмигэр киһи куйаар информационнай хонуутугар киирэн, иччилээх түүлү көрүөн, айар үлэтэ саҕыллыан сөп. Аны мэйии бу долгуннара Сир-ионосфера частоталарын кытта дьүөрэлиилэр. Бу барыта киһи мэйиитэ биһигини тулалыыр ханнык эрэ көстүбэт эйгэбитин, планетаны, куйаары кытта көстүбэт ситимнээҕин туоһулуур. САХА КӨРҮҮТЭ Хас биирдии норуот түүлү бэйэтин олоҕор чугаһатан, дьүөрэлээн көрөр. Түүлгэ киирэр информацияны, холобур, былыргы саха маннык ылар эбит. “Түүллээх дьон өлбүт дьон дойдутугар тахса сылдьаллар. Үксүн икки күлүк курдук хара дьон киирэн тутан таһаараллар. Ол икки киһи киһини икки илиититтэн тутан баран туох да түргэнник үөһээ дойдуга таһаараллар. Ол таһааран сүрдээх улахан балаҕаҥҥа киллэрэллэр. Ол киллэрдэхтэринэн, бары билэр дьоно, мунньахха олорор курдук биирдии-биирдии туран саҥараллар: хайдах дьыл буоларын, дьон хайдах олорорун. Ол кэнниттэн биир киһи этэр: “Дьэ, нокоo, эн биһиги кэпсэппиппитин иһиттиҥ. Итини баран дьоҥҥор кэпсиэ, ону кэпсиэбэтэргин эрэ бэйэҕиттэн сэрэн, бэйэҕиттэн иэстиэхпит”, — диирин кытта эмиэ икки күлүк курдук хара дьон кэлэн киһини икки окумалыттан ылан аллараа түһэрэн кэбиһэллэр”. Р.И.Бравина “Киһи уонна дьылҕа”. Бу маннык иччилээх түүлү ордук түһүүллэр дьыл кирбиитигэр, күһүн добдурҕа саҕана уонна саас хаар алдьаныыта эбэтэр “уу-толох” саҕана. Бу кэмҥэ халлаан сиигэ арыллар, сир түннүгэ чөҥөрүйэр. Ол сиэринэн түүл иччилэнэр уонна түүн хаамыытыгар дьүөрэлии ис сүнньэ уларыйар. Иччилээх түүл сирэйинэн уонна “үгэнэн” түһэнэр. Сирэйинэн ойуун-удаҕан удьуордаах эбэтэр төрүү аккыраҥ дьон уонна ыал соҕотох оҕолоро түһүүллэр. Бу дьон түүллэрин дьарык оҥостор түгэннэригэр сыыйа сайдан, идэтийэн түүллээх дьон буолаллар. Түүллээх киһиттэн арыый ураты түүлдьүт диэн баар. Кини дьон түһээбит түүллэрин тойоннуур, ол аата тобулан тылбаастыыр. Саха сиэринэн киһи түүлүн түбэспиччэ дьүүллүүр табыгаһа суох уонна сэрэхтээх. Түүлү дьоһуннаах дьүүлдьүккэ эбэтэр киһи бэркэ эрэнэритэҕэйэр киһитигэр кэпсэниэхтээх. Түүлү тойоннооһун ый, нэдиэлэ ханнык түүнүгэр түһүүргүттэн эмиэ тутулуктаах. Холобур, сарсыардааҥы түүлү итэҕэйимэ дииллэр. Куһаҕан түүлү дьиэ эркинин маһа хайа барбытыгар кэпсииллэр эбэтэр ааны тэлэйэ аһан баран “киирбиккэ-тахсыбыкка биэр” дииллэр. Үчүгэй түүлү мээнэ кэпсээн оҥостубаттар – иҥэринэллэр.
edersaas.ru