Саха норуодунай бэйиэтэ Семен Петрович Данилов төрөөбүт-үөскээбит улууһугар 1981 сылтан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын учууталлара: ССРС үөрэҕириитин туйгуннара, Учууталлар учууталлара, улуус бочуоттаах олохтоохторо Тамара Михайловна Федорова уонна Мария Николаевна Лукина көҕүлээһиннэринэн Даниловскай ааҕыылар үрдүк таһымнаахтык ыытыллаллар.
edersaas.ru
М.Горькай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Семен Петрович Данилов төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах быйылгы Даниловскай ааҕыыларга муус устар 15 күнүгэр улуус оскуолаларын үөрэнээччилэрэ таптыыр бэйиэттэригэр сүгүрүйэ, кини хоһооннорун дорҕонноохтук ааҕа муһуннулар.
Бастакы Даниловскай ааҕыыларга саха суруйааччылара: Софрон Петрович Данилов, ини-бии суруйааччылар кэргэннэрэ Анна Семеновна уонна Мария Егоровна Даниловалар, Савва Иванович Тарасов, Петр Денисович Аввакумов, Моисей Дмитриевич Ефимов, ону сэргэ Семен Данилов айар суолга кынаттаабыт эдэр бэйиэттэрэ, литератураҕа алҕаан киллэрбит суруйааччылара ыалдьыттаабыттара. Дьэ, бу маннык дириҥ суолталаах уонна үйэлээх тэрээһиҥҥэ кыттыһа баран иһэр дьон долгуйбуппут саарбаҕа суох. Бу сыллар тухары тыһыынчанан ахсааннаах үөрэнээччи Семен Данилов хоһоонноругар, айымньыларыгар сүгүрүйэн, кини хоһооннорун Даниловскай ааҕыыларга саха, нуучча, аангылыйа тылларынан киэн туттан туран үрдүк сыанаттан дорҕоонноохтук аахпыта.
Улуу бэйиэппит айымньыларыгар уһуйуллубут оҕолор ким-туох олохтоох, туох идэлээх буолбуттара буолуой? Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, тэрийээччилэр кэтээн көрөллөрүнэн, бу ааҕыыларга кыттыбыт оҕолор Семен Данилов хоһоонноругар уһуйуллан, олоҕу уратытык өйдүүр, таптыыр, төрөөбүт айылҕаларыгар, дойдуларыгар сүгүрүйэр дьон буола улааппыттар.
Ким үчүгэй бэлэмнээх кыайдын
Даниловскай ааҕыылар ыалдьыттара уонна тэрээһин кыттыылаахтара аан бастаан Семен уонна Софрон Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинин тиэргэнигэр Семен уонна Софрон Даниловтар пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, кинилэргэ сүгүрүйэллэрин биллэрдилэр.
Быйылгы «Мин омоон суолум хоһооннорум -– мин улгум соноҕосторум…» Даниловскай ааҕыылары Горнай улууһун дьаһалтата, улуус үөрэҕириитин салалтата, С.Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолата, Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинэ көҕүлээн уонна тэрийэн ыыттылар. Бэйиэт айан хаалларбыт өлбөт-сүппэт поэзиятын үйэ саас тухары үйэтитэр аналлаах ааҕыылар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ыытыллаллара улуус дьоно биир дойдулаахтарын үйэтиигэ күүскэ үлэлииллэрин көрдөрөр.
Үбүлүөйдээх тэрээһин Духуобунас киинигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Тэрээһин кыттыылаахтарын Горнай улууһун баһылыгын солбуйааччы Алгыс Иннокентьевич Стручков, С.П.Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын дириэктэрэ Маргарита Гаврильевна Константинова, улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Варвара Ильинична Сметанина, ааҕыыларга кыра сааһыттан кыттан, сыл аайы лауреат үрдүк аатын ылбыт, билигин муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ Айталина Николаевна Санникова, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Оксана Павловна Гаврильева, Дьокуускайдааҕы Ф.Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын эбии үөрэхтээһин педагога Татьяна Осиповна Гермогенова уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр.
Маргарита Гаврильевна Константинова:
«Быйылгы Даниловскай ааҕыылары ураты ааҕыылар диэн сыаналыыбын. Тоҕо диэтэххэ, суоттаан көрдөххө, бастакы Даниловскай ааҕыылар 1981 сылтан саҕаламмыт уонна, үгэс курдук, сыл аайы ыытыллар буоллахтарына, быйылгы Даниловскай ааҕыылар 40-с сылын буолан эрэллэр. Ол аата бэйэтэ туспа үбүлүөйдээх тэрээһин. Быйылгы Даниловскай ааҕыылар биир дойдулаахтарбыт, өрөспүүбүлүкэ ытык дьоно Семен Данилов төрөөбүтэ — 105, Софрон Данилов төрөөбүтэ — 100 сылларыгар, САССР 100 сылын туолуутугар ананаллара ураты долгутуулаах. Маннык өрөгөйдөөх Даниловскай ааҕыылар кыттыылаахтара буоларгытынан эһигини барыгытын ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит», -– диэн бэйиэт сырдык сыдьаайдаах поэзиятын ис сүрэхтэриттэн таптаан ааҕар, сүдү талааныгар сүрүрүйэ улаатар оҕолорго ситиһиини баҕарда.
С.Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар 40-ча сылы быһа саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбит Тамара Михайловна Федорова оҕолоро, сиэннэрэ быйылгы ааҕыы муҥутуур кыайыылааҕар 15 тыһыынчалаах анал бирииһи туттаралларын туһунан иһитиннэриини ытыс дохсун тыаһынан көрүстүлэр. Өссө 5 тыһыынчалаах бириис иккис, кэтэхтэн түһүмэх муҥутуур кыайыылааҕар туттарыллыахтаах.
214 үөрэнээчи кытынна
Бэйиэт үрдүк күүрүүлээх, бөлүһүөктүү уонна истиҥ иэйиилээх айымньыларын нөҥүө кэнчээри ыччаттарга олоххо, киһиэхэ, төрөөбүт дойдуга, айылҕаҕа дириҥ тапталы иитэр уонна иҥэрэр сыаллаах-соруктаах Даниловскай ааҕыылар икки түһүмэҕинэн тэрилиннилэр.
Бастакы, ол эбэтэр үрдүк сыанаҕа тахсан хоһоон ааҕар, ыллыыр, бэйиэт айымньыларыттан бэйэтин көрүүтүнэн уруһуйдуур түһүмэххэ улуус 9 оскуолатыттан 100 бырыһыан кэлэн, барыта 214 үөрэнээчи кытынна. Онтон иккис, «Кэрэни айа-тута» кэтэхтэн айар үлэ күрэҕэр өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үөрэнээччилэрэ хоһоону биирдиилээн эбэтэр бөлөҕүнэн ааҕарга үлэлэрин ыыта олороллор. Түмүк ыам ыйын 15 күнүгэр биллиэҕэ.
Уус-уран ааҕыылар Духуобунас киинин сыанатыгар, «Киистэм алыптаах эйгэтэ» уруһуй күрэҕэ уонна«Ырыа үөскүүр ылланаары» ырыа күрэҕэ Семен Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар ыытылыннылар.
Кырдьыга да, хас биирдии кыттааччы Семен Данилов хоһооннорунан ыччаттарга туох санааны тириэрдэ сатаабытын хайдах өйдүүрүн, ылыммытын илэ бааччы көрдөрөр күрэххэ кыайыылааҕы быһаарар олус судургута суох буолла. Онуоха хоһоону ааҕааччы айымньы ис хоһоонун ааҕааччыга тириэрдиитэ уонна арыйыыта, ааҕааччы куолаһын чөллөркөйө, туттан-хаптан туруута, уобараһа, таҥаһа-саба уо.д.а. учуоттаннылар. Оҕолор барахсаттар, мэлдьи буоларын курдук кыһаллыбыттара, бэлэмнэммиттэрэ көстөр. Кинилэри көрө уонна истэ олорон саха оҕото туохха барытыгар талааннааҕыттан сэмээр үөрэҕин, хоһоон аахпыт оҕолор ырыа күрэҕэр эмиэ тэҥинэн кыттан, бириистээх миэстэлэргэ тэҥинэн тиксибиттэрэ ону туоһулуурга дылы. Уонна, биллэн турар, оҕолору үөрэппит, салайан илдьэ кэлбит учууталларга, төрөппүттэргэ махтал тыллара ананаллар.
«Ырыа үөскүүр ылланаары» ырыа күрэҕин кыайыылаахтара
1-4 кылаастарга биирдиилээн толорууга:
Лауреат I үрдэлэ – Полятинская Айвита, А.Н. Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 3 «а» кылааһын үөрэнээччитэ;
Лауреат II үрдэлэ – Андреев Айгылаан, Кэптин орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ;
Лауреат III үрдэлэ – Семенова Сабрина, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 4 «б» кылааһын үөрэнээччитэ;
5-7 кылаастарга биирдиилээн толорууга:
Лауреат I үрдэлэ – Иванова Анатолина, Бэрдьигэстээхтээҕи оҕо ускуустубатын оскуолата;
Лауреат II үрдэлэ – Попова Аурика, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 5 «б» кылааһын үөрэнээччитэ.
8-11 кылаастарга биирдиилээн толорууга:
Лауреат I үрдэлэ – Алексеева Варя, Кэптин орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ;
Лауреат II үрдэлэ – Чемезова Уруйдаана, Степан Кустуктаанап аатынан Маҥаны орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ;
Лауреат III үрдэлэ – Александрова Анастасия, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 9 «б» кылааһын үөрэнээччитэ.
Бөлөҕүнэн толорууга:
Лауреат I үрдэлэ – Кировскай орто оскуолатын «Домисольки» ансаамбыла;
Лауреат II үрдэлэ – Бэрдьигээстээх улуустааҕы гимназиятын ансаамбыла;
Лауреат III үрдэлэ – А.Н. Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын «Дьулуур» ансаамбыла.
«Мин омоон суолум – хоһооннорум» уус-уран ааҕыы күрэҕэ
Бу күрэххэ уһуйаан оҕолоруттан саҕалаан кытыннылар.
1-4 кылаастарга биирдиилээн уус-уран ааҕыыга:
Лауреат I үрдэлэ — Попов Дьулуур, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 4 «а» кылааһын үөрэнээччитэ;
Лауреат II үрдэлэ – Иванова Виктория, А.Н. Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ;
Лауреат III үрдэлэ – Слепцов Айсиэн, А.Н. Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ;
Дипломан I үктэлэ – Захарова Санаайа, Бэрдьигэстээхтээҕи оҕо ускуустубатын оскуолата;
Дипломан II үктэлэ – Алексеев Тимур, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 1 «б» кылааһын үөрэнээччитэ;
Дипломан III үктэлэ – Павлова Лилиана, Кировскай орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ.
5-7 кылаастарга биирдиилээн уус-уран ааҕыыга:
Лауреат I үрдэлэ – Попова Аурика, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 5 «б» кылааһын үөрэнээччитэ;
Лауреат II үрдэлэ – Данилов Спиридон, Степан Кустуктаанап аатынан Маҥаны орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ;
Лауреат III үрдэлэ – Ефремова Айылгылаана, В.Д. Лонгинов аатынан Атамай орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ;
Дипломан I үктэлэ – Бережнов Герман, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 5 «б» кылааһын үөрэнээччитэ;
Дипломан II үктэлэ – Владимиров Костя, Степан Ковров аатынан Күөрэлээх орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ;
Дипломан III үктэлэ – Черепанова Айыллаана, А.Н. Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.
8-11 кылаастарга биирдиилээн уус-уран ааҕыыга:
Кылаан кыайыылаах – Чемезов Агит, Степан Кустуктаанап аатынан Маҥаны орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ.
Лауреат I үрдэлэ – Егорова Камила, Кэптин орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ;
Лауреат II үрдэлэ – Александрова Анастасия, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 9 «б» кылааһын үөрэнээччитэ;
Лауреат III үрдэлэ – Иванов Слава, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 9 «а» кылааһын үөрэнээччитэ;
Дипломан I үктэлэ – Григорьев Саарын, Софрон Данилов аатынан Дьиикимдэ орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ;
Дипломан II үктэлэ – Васильев Айхал, А.Н. Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 8 «а» кылааһын үөрэнээччитэ;
Дипломан III үктэлэ – Аввакумов Егор, Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназиятын 10 кылааһын үөрэнээччитэ.
СӨ Ил Дарханын Гранын «Ийэ тыл — омук төрдө» тосхолунан, Григорьев Саарыҥҥа 2022 сыл иккис аҥаарыгар «Чолбон» уонна «Күрүлгэн» сурунаалларга босхо суруйтарыы Туоһу суруга туттарылынна.
1-7 кылаастарга бөлөҕүнэн уус-уран ааҕыыга:
Лауреат I үрдэлэ — С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын «Иэйии» бөлөҕө;
Лауреат II үрдэлэ – Семен уонна Софрон Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинин «Куорсун» бөлөҕө;
Лауреат III үрдэлэ — С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 4 «а» кылааһын бөлөҕө;
Дипломан I үктэлэ – В.Д. Лонгинов аатынан Атамай орто оскуолатын бөлөҕө;
Дипломан II үктэлэ — Софрон Данилов аатынан Дьиикимдэ орто оскуолатын бөлөҕө;
Дипломан III үктэлэ — А.Н. Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын бөлөҕө.
8-11 кылаастарга бөлөҕүнэн уус-уран ааҕыыга:
Лауреат I үрдэлэ — Бэрдьигээстээх улуустааҕы гимназиятын «Төлөн» бөлөҕө;
Лауреат II үрдэлэ — С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын «Уолан» бөлөҕө;
Лауреат III үрдэлэ — Степан Кустуктаанап аатынан Маҥаны орто оскуолатын бөлөҕө;
Дипломан I үктэлэ — Софрон Данилов аатынан Дьиикимдэ орто оскуолатын бөлөҕө;
Дипломан II үктэлэ — В.Д. Лонгинов аатынан Атамай орто оскуолатын бөлөҕө;
Дипломан III үктэлэ – С.И. Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын «Дойду» бөлөҕө.
«Киистэм алыптаах эйгэтэ» уруһуй күрэҕэ
1-4 кылаастарга:
Лауреат I үрдэлэ – Михайлова Виктория, Бэрдьигэстээхтээҕи оҕо ускуустубатын оскуолата;
Лауреат II үрдэлэ – Данилова Влада, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 4 «г» кылааһын үөрэнээччитэ;
Лауреат III үрдэлэ – Алексеева Арианна, Степан Кустуктаанап аатынан Маҥаны орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ.
5-8 кылаастарга:
Лауреат I үрдэлэ – Михайлова Розалия, Бэрдьигээстээх улуустааҕы гимназиятын 6 кылааһын үөрэнээччитэ;
Лауреат II үрдэлэ – Данилова Рената, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 8 «б» кылааһын үөрэнээччитэ;
Лауреат III үрдэлэ – Сивцева Сабина, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 7 «а» кылааһын үөрэнээччитэ.
9-11 кылаастарга:
Лауреат I үрдэлэ – Андреева Вера, С.И. Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ;
Лауреат II үрдэлэ – Прокопьева Варя, А.Н. Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ;
Лауреат III үрдэлэ – Слепцова Уйгулаана, Степан Кустуктаанап аатынан Маҥаны орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ.
Өлбөт-сүппэт үйэлээх
Үбүлүөйдээх Даниловскай ааҕыылары Семен Данилов хоһоонноругар элбэх ырыа ааптардара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыстара Клавдия уонна Герман Хатылаевтар истин-иһирэх ырыаларынан киэргэттилэр. Бу күн кинилэр норуокка киэҥник биллэр уонна саҥа ырыаларын билиһиннэрдилэр.
Семен Данилов норуотугар хаалларбыт сүдү айымньыларын ыччаттарбыт ааҕалларын истэн-көрөн, оҕо сааспар, оскуолатааҕы сылларбар эргиллэн, сүтэрбиппин булбуттуу, истиҥ иэйиигэ куустардым, маннык талааннаах ыччаттардаах буоллахпытына, сахабыт тыла сүтэн, симэлийэн хаалыа суоҕар эрэлим өссө күүһүрдэ. Семен Данилов саха литературата саха алааһын уҥуордаан, омук сирин ааҕааччыларыгар тиийэ биллэригэр дьулуспут, тылбааска ордук улахан суолтаны биэрбит үлэтэ ыччаттарбытынан салҕана турдун.
«Мин омоон суолум -– хоһооннорум —
Мин улгум соноҕосторум!
Тохтообокко, бүдүрүйбэккэ,
Дьон өйүттэн сүппэккэ
Манчаары маҕан атыныы,
Үйэлэргэ айанныы
Көтүҥ Өлүөнэ үөһүнэн,
Киэҥ алаас сирдэринэн!»
(С.Данилов)
ххх
Уус уран ааҕыы дьүүллүүр сүбэтигэр:
Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ бэчээтин туйгуна, улуус бочуоттаах олохтооҕо Елена Александровна Пономарева, «Сыккыс» литература түмсүүтүн чилиэнэ, суруйааччы Айталина Николаевна Олесова, улуустааҕы үөрэх управлениетын иитэр үлэҕэ отделын исписэлииһэ Ольга Александровна Ильина, Михаил Егоров аатынан Сынньалаҥ киинин норуодунай тыйаатырын режиссера, ССРС култууратын туйгуна, СӨ үтүөлээх үлэһитэ, РФ култууратын бастыҥ үлэһитэ, Горнай улууһун, Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин бочуоттаах олохтооҕо Елизавета Иевна Мартынова, ХИФУ хотугулуу илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култууратын институтун саха литературатын кафедратын магистраннара Сайаана Афанасьевна Попова уонна Анна Николаевна Аманатова, педагогика наукатын хандьытаата, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Хатас орто оскуолатын нуучча тылын, литературатын учуутала Оксана Павловна Гаврильева-Айсаана, П.Аввакумов аатынан Бэрдьигэстээхтээҕи Киин бибилэтиэкэ инновацияҕа үлэҕэ бибилиэтэкэрэ, СӨ телевиениетын уонна араадьыйа биэриитин туйгуна, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Айталина Николаевна Санникова уонна мин, ыстатыйа ааптара, үлэлээтибит.
Бөлөҕүнэн ааҕыы дьүүллүүр сүбэтэ:
улуустааҕы үөрэх управлениетын үөрэхтээһин салаатын начаалынньыга, СӨ үөрэҕиритиин туйгуна, РФ үөрэҕириитин уонна иитиитин бочуоттаах үлэһитэ Анна Михайловна Степанова, улуустааҕы үөрэх управлениетын иитэр үлэҕэ салаатын начаалынньыга Мария Александровна Магомедова, Л.Лукина аатынан эбии үөрэхтээһин киинин уһуйааччыта, СӨ үөрэҕиритиин систиэмэтин туйгуна Лукерья Ивановна Татаринова.
Ырыа күрэҕин дьүүллүүр сүбэтэ:
Людмила Егоровна Лукина аатынан эбии үөрэхтээһин киинин педагога, оҕо эстраднай устуудьуйатын салайааччыта. «Көмүс далаһа» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус ааптара, «СӨ эбии үөрэхтээһин сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин», «Горнай улууһа сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэр хаһаайыннара Карл Кононович Сидоров, Бэрдьигэстээхтээҕи оҕо ускуустубатын оскуолатын флейта кылааһын преподавателэ, СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын туйгуна Мира Петровна Алексеева, Бэрдьигэстээхтээҕи оҕо ускуустубатын оскуолатын пианина кылааһын преподавателэ, «Надежда Якутии» бэлиэ хаһаайката Надежда ЗиновьевнаБрыжанина .
Уруһуй күрэҕин дьүүллүүр сүбэтэ:
-– Дьокуускайдааҕы Ф.Авдеева аатынан оҕо айымньытын дыбарыаһын эбии үөрэхтээһин пелагога, СӨ уус уран оҥоһууларга маастара, СӨ «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайката Татьяна Осиповна Гермогенова, Дьокуускайдааҕы Ф.Авдеева аатынан оҕо айымньытын дыбарыаһын эбии үөрэхтээһин педагога Лена Васильевна Пинигина, Бэрдьигэстээхтээҕи оҕо ускуустубатын уруһуй кылааһын преподавателэ, СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын туйгуна Айна Васильевна Васильева.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru