«Внимание, поступила следующая информация. Сейчас идут проверки в сбербанке о приеме денег за коммерч. деятельность на карты. Причем звонят не тому кому приходят оплаты, а тем кто вам переводит. Если кто-то скажет, что деньги перевёл за услугу, даже за обучение, тогда вашу карту блокируют и карту того, кто переводил тоже и после блокировки штрафы и налоговая…»
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Бүгүн социальнай ситимнэргэ маннык ис хоһоонноох иһитиннэрии тарҕанан, үгүс дьон айманна. Иһитиннэриигэ сурулларынан, Сбербаан мобильнай баанынан харчыны ыытар дьон каарталарын «блокируйдууллар» үһү. Сурах төһө оруннааҕын билээри, Сбербаан Саха сиринээҕи салаатын пресс-киинин салайааччы Жанна Никоноваттан токкоолоспуппутугар: «Ити сымыйа сурах. Дьону албынныыллар. Итэҕэйимэҥ», – диэтэ. Ол эрээри, тыас тахсыбыт буоллаҕына, туох эрэ баар буолуон сөп. Ааспыкка биир маҕаһыынтан табаар ылаары, мобильнай баанынан туһаммыппар, төлөбүрүм тута барбатаҕа. Сбербаан исписэлииһэ миэхэ эрийэн, харчы ыытар киһим аатын-суолун уонна каартам нүөмэрин ыйыппыта. Ол эрэ кэнниттэн харчыбын ыыппыттара. Биир өттүнэн ыллахха, бу сөптөөх дьаһаныы дии саныыбын. Билигин мобильнай массыанньыктар аһара элбээтилэр ээ.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru