Си Си Кетч: “Уруй-Айхал, Дьокуускай!”

Бөлөххө киир:

80-с, 90-с сыллар чаҕылхай сулустара Си Си Кетч «Сүрэхпэр барыта баар» диэн кэнсиэрэ бэҕэһээ, дьэ, буолла. Арассыыйа биир эмиэ бэйэтин кэмигэр ааттаах-суоллаах ырыаһыта Рома Жуков кытынна.

Мин көрдөхпүнэ, дьон барыта астыммыт, үчүгэй кэнсиэртэн дуоһуйууну ылбыт, үөрбүт-көппүт көрүҥнээх. Онон, тэрийээччилэргэ махтал – кинилэр чахчы даҕаны ис сүрэхтэриттэн кыһалланнар, аан дойдуга аатырбыт-сураҕырбыт, номох буолбут ырыаһыппыт Си Си Кетч Дьокуускайга соҕотох кэнсиэрэ табылынна диибит.  Саамай кылаабынайа, дьон, оҕо-эдэр саастарыгар таптаан истибит, кини ырыатынан дискотекаларга үҥкүүлээбит буоллахтарына, бу күн кумирдарын тыыннаахтыы, субу чуп-чугастан көрдүлэр-иһиттилэр.

Си Си Кетч – сэмэй майгылааҕа, үтүө санаалааҕа, этэргэ дылы, хараҕар сурулла сылдьар. Олус эйэҕэс көрүҥнээх, көрөөччүлэрин-истээччилэрин тапталларыттан уйадыйан, ытамньыйа сыста…  “Бис” бөҕөтүн ылан, ардыгар үстүү ырыаны тохтоло суох ыллаата. “Триумф” үҥкүүлээн “үллэн” олорор. Бу күн 12 ырыаны толорор диэбиттэрэ да, быдан элбэҕи ыллаата быһыылаах.

Киһи сөҕө-дьиктиргиирэ баар — кэнсиэрин биир хонук эрэ иннинэ ыраах Германияттан, Дюссельдорфтан сөмөлүөтүнэн бүтүн сууккаҕа чугаһыыр кэм айаннаан Дьокуускайга  кэлээт даҕаны, тоҕоостоох түгэҥҥэ сахалыы ып-ыраастык “Уруй-Айхал!” диир.

Чэ, туох да диэбит иһин (сорохтор, двойнига үһү, дииллэрэ игин иһиллэр…), Си Си Кетч ырыата, муусуката чахчы даҕаны сүрэхпитигэр баар эбит.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Мичил Яковлев хаартыскалара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0