Мин оҕо эрдэхпинэ, дойдубар, эргэ таҥара дьиэтин көтүрэн баран, тиэйбэккэ уһуннук сытыарбыттара. Тоҕо эрэ, билигин санаатахпына, ол кэмтэн ыла абааһы үөмэхтэс буолбутун өйдүүбүн. Эргэ оскуолаҕа ийэм остуорастыыра. Биһиги, элбэх бииргэ төрөөбүт оҕолор, хардары-таары ийэбитигэр доҕор буола киэһэ ахсын оскуолаҕа барсабыт. Биир киэһэ мин барсар уочаратым кэлэн, аҕам оҥорбут оонньуур мас тыраахтар көлөтүн илдьэ бардым.
Ийэм барахсан, оччолорго түөрт уон сааһын лаппа ааспыт дьахтар, уһун көрүдүөрү, хас эмит кылааһы сууйара. Мин ийэбэр көмөлөһөн паарта үрдүгэр ыарахан олоппостору уурсабын. Көрүдүөргэ оонньоон букунайа сырыттым. Ийэм кылаас иһин сууйар тыаһа иһиллэр. Оччолорго уот аны эрдэ баҕайы баран хаалара, биһиги уот баарына сууйа охсоору ыксыырбыт. Мин көрүдүөргэ чохчойон олорон, мас тыраахтарбын бирилэтэ сырыттахпына, арай, тыастаах баҕайытык киһи хааман кэллэ. Көрбүтүм, киирсэбэй саппыкылаах киһи эбит. Ким буоллаҕай диэн киһибин көрөөрү хантайбытым, доҕоор, киһим суох! Аҥардас саппыкы хааман кэлэн турар эбит. Тугу хаһыытаабытым эбитэ буолла, мас тыраахтарбынан күүскэ тамнаабыппын эрэ өйдүүбүн. Саппыкым тута суох буолан хаалбыта. Мин хаһыыбын истэн, ийэм барахсан балтыһаҕын туппутунан кылаастан сүүрэн таҕыста. Мин ытаан сыҥсыйа-сыҥсыйа ийэбэр тиийэн: «Саппыкы баар, саппыкы!» — диэн бобуллаҥныыбын. Ол кэмҥэ эмискэ аны уоппут баран хаалла. Хайыахпытый, куттанан дугдуҥнаһа-дугдуҥнаһа, эргэ оскуолаттан муостаны ситэ сууйбакка тахсыбыппыт. Ол сарсыҥҥытыгар ийэм оскуоланы сууйбатаҕын иһин быыгабардаммыта. Оҕом оскуолаҕа саппыкы көрбүт диэн оскуола дириэктэригэр кэпсээбитигэр, ийэбэр итэҕэйбэккэлэр, үлэтиттэн уураппыттара.
Мин кэлин улаатан оскуолаҕа киирбитим. Биир этээстээх эргэ оскуолаҕа үөрэнэрбиттэн олус куттанарым. Хаһан эрэ ол саппыкы ситэн ылара буолуо диэн дьиксинэрим. Баччаҕа кэлиэххэ, ол кэннэ туох даҕаны буолбатаҕа. Арай кэлин, 90-с сыллар ортолоругар биир билэр киһим, булчут ол саппыкыны көрбүтүн туһунан истибитим. Кинилэр оттуур алаастарыгар көстүтэлиир эбит. Биирдэ отторун бырысыапка тиэнэн айаннатан иһэн оҕолор хаһыыларыттан кэннилэрин хайыһан көрбүттэрэ, арай, аҥардас саппыкы сырсан иһэрэ эбитэ үһү.
Биир билэр дьахтарым кэпсээбиттээҕэ, аймахтарыгар хоно сытан иһиттэҕинэ, арай, таска ыарахан атах тыаһа иһиллибит. Сотору буолаат, дьиэҕэ киирбит. Хоноһо дьахтар барытын көрө сыппыт. Арай, саппыкы тыастаах баҕайытык хааман саалаҕа ааспыт уонна толкуйдуурдуу тохтоон турбут. Дьахтар маны барытын көрө сытан сүрэҕэ айаҕынан тахса сыспыт. Ыксаан, куттанан хараҕын быһа симэн кэбиспит. Арай, саппыкы ыараханнык үктээн дьиэлээхтэр хосторун диэки хаампыт. Сотору буолан баран дьиэлээх ыаллар эбэлэрэ эмээхсин куһаҕан буолбут. Онон саппыкы сорох дьоҥҥо куһаҕаҥҥа көстөр эбит диэн сылыктаабытым.
Дөрүн-дөрүн дьон саппыкыны көрөллөрүн истэр этим. Баҕар, ол таҥара дьиэтин маһа уһуннук сыппытыттан буолуо дуу, кыракый нэһилиэкпитигэр дьон дьиктини көрөллөр эбит этэ. Оннооҕор киэһэ таансыга баран иһэр кыргыттар утары уол иһэр диэбиттэрэ, киһилэрэ курдат ааспыт сурахтааҕа. Айылҕаҕа дьэ, итинник ураты көстүүллэр бааллар.
«ВКонтакте» сайт «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн.