Ыам ыйын 28 күнүгэр Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Мииринэй, Ленскэй улуустарыгар хаар түһэн үллүктээтэ.
edersaas.ru
От-мас көҕөрөн, сибэкки тыллан турар кэмигэр халыҥ хаар түһүүтэ – айылҕа дьикти көстүүтэ. Аҕыйах хонуктааҕыта Сунтаарга 30 кыраадыстаах куйаас турбут буоллаҕына, бүгүн — 0 кыраадыс. Тыллыбыт хаппырыас (черемуха) сибэккилэрэ хаары кытары силбэһэн, көстүбэт буолбуттар.
Бу кэнниттэн тоҥорботоҕуна, хаара уулуннаҕына, көҕөрбүт окко-маска, сибэккигэ улахан куттала суох. Ол эрээри, оҕуруот аһын олордубут буоллахха, үлүйүөн сөп, онон тугунан эмэ сабан, үллүйүөххэ наада. Дьон-сэргэ сайын кэллэ диэн, үгүстэр оҕуруоттарын олордубуттара, онон хайдах эмэ гынан үүнээйилэрин харыстыыр түбүккэ түстүлэр.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Розалия Бочугурова хаартыскалара.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1