Олоҕун кэрчиктэрэ
1974 сыллаахха тохсунньу 26 күнүгэр Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1998 сыллаахха СГУ-га культурология салаатын бүтэрэр.
«Этигэн хомус» ырыа куонкуруһун биэс төгүллээх «Сыл бастыҥ ырыаһыта» номинация хаһаайката.
2003 сыллаахха Улан-Удэ куоракка ыытыллыбыт «Белый месяц» диэн аан дойдутааҕы телевизионнай куонкурус лауреата.
«Дохсун» национальнай бириэмийэ түөрт төгүллээх хаһаайката.
2008 сыллаахха (ВТМЭИ) Москваҕа Л.Маслюков аатынан бүтүн Россиятааҕы эстраднай искусство үөрэҕин бүтэрбитэ.
2014 сыллаахха Казань куоракка ыытыллыбыт «Тюрковидение» диэн телевизионнай куонкуруска «Бастыҥ толоруу иһин» наҕараадаламмыта.
2015 сыллаахха (ГИТИС РУТИ )Россиятааҕы театр уонна искусство университетын бүтэрбитэ.
2015 сыллаахха (РАНХиГС) норуодунай хаһаайыстыба уонна судаарыстыбаннай сулууспа академиятын бүтэрбитэ.
СР үтүөлээх артыыһа, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
Кэргэннээх, биир уол оҕолоох.
Бу сырыыга ырыаһыт Сахаайалыын кэпсэтиибит «Балет для всех» диэн студияҕа буолла. Төһө даҕаны испэктээкилгэ бэлэмнэнии сүпсүлгэнин быыһыгар буоллар, олус аһаҕас уонна сэргэх кэпсэтии таҕыста.
- Сахаайа, эйигин саха эстрадатын секс-символа дииллэр. 90-с сылларга аһаҕас ырыалары ыллаан саха эстрадатыгар киирбитиҥ.
- Оччолорго мин Дьокуускай куорат 1№-дээх поликлиникатыгар лаборанынан үлэлиирим. Мин быраатым Коля Донскойдуун доҕордоһор этилэрэ. Оччолорго ыччат көрсүһүүтэ гитара аргыстаах буолааччы. Дьиэ кырыыһатын үрдүгэр тахсан ыллыыллара. Мин биирдэ эмит эмиэ кинилэри кытта ыллаһар этим. Коля оччолорго саҥа бырайыак толкуйдаан, мин куоласпынан ыллатан атын кыыһы таһааран үҥкүүлэтиэхтээҕэ. Женя Львова диэн үҥкүүһүт, кыраһыабай баҕайы кыыс баар этэ. Мин кыбыстыбакка хорсун баҕайытык ыллаан ырыабын студияҕа уһултаран кэбиспиппит. Арай ипподром стадионугар тэрээһин саҕана, Женябыт аккаастаан кэбиспитэ. Дьэ, Коля миигиттэн «таҕыс да таҕыс, ыллаа» диэн көрдөһөр. Хайыамый, Коляны өйөөммүн, бырайыак таах умайан хаалыа дуо диэн санааттан, 20-с эрэ саастаах кыыс тахсан кыбыстарбын хам баттаан ыллаан кэбиспитим. Онно наһаа долгуйбуппун билигин даҕаны умнубаппын. Стадиоҥҥа киһи бөҕө мустубут этэ. Бу санаатахха, ити аһаҕас ырыа оччотооҕу хамнас суох, хайдах эрэ барыта ыарахан, тууйуллуу кэмигэр, маннык олоҕу утаран быратыас курдук аһаҕастык ылламмыта буолуо дии саныыбын. Ол долгуҥҥа уйдаран эстрада аана миэхэ арыллыбыта буолуо.
- Ырыаһыт Николай Донской ыарахан балаһыанньаҕа түбэстэ. Эн тус санааҥ.
- Мин Коляны 20-тэн тахса сыл билэбин. Кини сүрдээх айар куттаах, судургу уонна холку майгылаах. Хаһан даҕаны дьоҥҥо куолаһын соноппотох сымнаҕас киһи быһыытынан билэбин. Итинник быһыыламмытыттан соһуйдум. Кини илэ өйдөөх сылдьан хаһан даҕаны итинник быһыыланыа суоҕа этэ. Аһыы утах хаһан да үчүгэйгэ тиэрдибитэ суох.
- Эстрадаҕа секс-символ быһыытынан аһаҕастык тахсыбыккын чугас дьонуҥ хайдах ылыммыттарай?
- Мин төрөппүттэрим иккиэн телевидение, араадьыйа эйгэтин үлэһиттэрэ буолан, культура эйгэтигэр чугас этилэр. Онон мин бу эйгэҕэ судургутук киирбитим. Сыанаҕа кыбыстыбакка аһаҕас ырыалары ыллыыр, эрчимнээхтик хамсанан үҥкүүлүүр кыыс уобараһыттан ис дьиҥим уратылаһарын чугас дьонум билэр буоллахтара. Киһи сыанаҕа айар уобараһа уонна ис дьиҥэ өрүү уратылаһар. Мин олус сэмэй киһибин.
- Артыыстар, ырыаһыттар олохторо бар дьон хараҕын далыгар. Александр Бурнашевтуун ити арахсыбыттар, бу холбоспуттар диэн сурах бөҕө тарҕана сылдьыбыта.
- Биһиги кэргэмминээн Сашалыын уруккуттан билсэбит. Уруулуу дьоммут. Онон Саша миэхэ саамай чугас киһим буолар. Айар үлэбэр өйөбүл, төһүү күүс буолар. Киһи олоҕо биир күрүс устубат. Биһиги арахса сылдьыбыппыт. Өйдөспөт буолуу хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ баар. Иккиэн «эмоциональнай» дьон буоламмыт ханнык эрэ кэмҥэ тэйсэн ылбыппыт. Ол эрээри, сыыһаны-халтыны оҥорбокко, киһи бу олоххо уопутурбат, сатаан кииллийбэт. Таптыыр киһигин кытта сатаан арахсыбат эбиккин. Олохпут суола ситимнии турар. Хоп-сип элбэх. «Ватсап» да ситимигэр араас хаартыскалар, сымыйа сурахтар тарҕаннахтарына, болҕомто уура сатаабаппын. Ол эрээри айар куттаах дьон туһунан сураҕы-садьыгы тарҕаталларын дьон-дьон араастык ылынар. Норуот туһугар айа-тута үлэлии сылдьар дьону харыстыахха наада дии саныыбын. Айар үлэбитин сэҥээрэллэриттэн, ылыналларыттан үөрэбит, астынабыт эрэ.
- Ийэ киһи быһыытынан, оҕо иитиитигэр ордук туохха болҕомто уураҕыный.
- Уолбут Гаврил 3-с кылааска үөрэнэр. Ийэлээх аҕата айар үлэһит буоланнар, уолбут олус самостоятельнай. Мин эмиэ оҕо эрдэхпиттэн бэйэбин бэйэм көрүнэр этим. 1-3 кылааска диэри Кэбээйигэ интэринээккэ олорон үөрэммитим. Ол да иһин буолуо, оҕобун эмиэ оннук эппиэтинэстээх буоларга кыра сааһыттан иитэргэ дьулуһабын. Уолбут ордук туочунай наукаларга дьоҕурдаах курдук. Билигин кыра буоллаҕа дии, онон ханнык идэлээх киһи буоларын быһаарар эрдэ. Мин ийэ быһыытынан арыый кытаанах соҕуспун. Аҕабыт сымнаҕас. Оҕобутугар улахан киһиэхэ курдук сыһыаннаһа сатыыбыт. Бэйэтин билиҥҥиттэн көрүнэр буоллаҕына, олоҕор кэлин туһалаах буолуо.
- Дьиэ кэргэн олоҕор ким лидер буолуохтааҕый?
- Дьахтар киһи ийэ, дьиэ кэргэн ис эйгэтин кини тутар. Дьахтартан наһаа улахан тутулуктаах. Оттон эр киһи дьиэ кэргэн бас-көс киһитэ. Төһө да кэрэ аҥардар «эмонципированнай» буолларбыт, эр киһи син биир тойон.
- Икки айар үлэлээх кэргэннии дьоҥҥо, бэйэҕит икки ардыгытыгар бэрт былдьаһыы баар дуо?
- Туох бэрт былдьаһыыта кэлиэй. Бэйэ-бэйэбитигэр айар үлэбитигэр көмөлөсүһэбит. Режиссер үөрэхтээх буоламмын, Сашаҕа пародияларыгар, кэнсиэр туруоруутугар, бырагыраамма оҥоһуллуутугар көмөлөһөбүн. Бу кулун тутар 8 күнүгэр кэргэним бенефиһэ буолар. Элбэх саҥа пародиялар баар буолуохтара. Екатерина Егорова, Эрчим, Варя Аманатова, оннооҕор Ил Дархан Егор Борисовы үтүктэн пародиялыахтаах.
- Хас биирдии артыыс айар үлэтин чыпчаалыгар дьулуһар. Эн ол чыпчаалы ааспытыҥ дуо?
- Мин айар үлэм өссө да иннибэр. Киһи бэйэтигэр саҥаттан-саҥа дьоҕуру, кыаҕы арыйан иһиэхтээх. Миигин оҕо эрдэхпинэ, ыараханнык ыстанар диэн балетка ылбатахтара. Оттон балерина буолуу мин оҕо эрдэхпиттэн баҕа санаам этэ. Ол баҕа санаам туолан, Сергей Потапов «Тыыммын ылан тыыҥҥар холбоо» мюзиклыгар пуанталаах тахсан үҥкүүлүү-үҥкүүлүү ыллаабытым. Билигин Азербайджан суруйааччыта Узеир Гаджибеков «Аршин мал алан» (Арсыын маллаах) диэн айымньытынан испэктээкилгэ туруорааччы режиссер быһыытынан холоно сылдьабын. Бу айымньыны Виктор Хон-Омук Уола сахалыы тылбаастаабыта. Биһиги бэлэмнэнэ аҕай сылдьабыт. Күн аайы репетиция бөҕөтө. Бу долгутуулаах кэммит көрөөччүлэрбит дьүүллэригэр кулун тутар 19-20 күннэригэр тахсыаҕа. Эстрада саҥа сүүрээнин кэлэн көрүҥ, сэргэхсийиҥ.
- Тугу бырастыы гыммаккыный?
- Мин санаабар, ханнык баҕарар киһи сыыһыан сөп. Киһи олоҕор албын, өлүү, сүтүү син биир баар. Киһи маны аһарынан, инники үүнэр кэрэҕэ итэҕэйэн күүстээх санаалаах буолуохтаах. Мин тута кыыһырыахпын сөп. Ол эрээри түргэнник аһарынабын. Кыыһырбыппын өр тута сылдьыбаппын. Тус бэйэм киһини бырастыы гынабын. Ити олох ымпыга-чымпыга буолуо…Киһи биир эрэ олохтоох. Олоҕу олорон истэҕин ахсын муударай, мындыр буолаҕын. Олоҕу көрүүбүт, ылыныыбыт эмиэ уларыйар.
- Сахаайа, эн өрүү эрчимнээххин, кэрэ буолуу кистэлэҥин туохха сытарый?
- Бастатан туран, чөл олоҕу тутуһабын. Табах тарпаппын, арыгыны испэппин. Иллэҥ кэммэр фитнеска, йогаҕа дьарыктанабын. Билигин бэйэбэр балет аанын арыйан ылсан эрэбин. Дьахтар киһи өрүү бэйэтин көрүнэ сылдьыахтаах. Фаст-фуд, гаастаах утахтары, химикаттаах бородуукталары дьиэ кэргэним рационугар киллэрбэппин. Сибиэһэй, сахалыы төрүт аспытын аһыыбыт. Кэрэ буолуу киһи ис туругуттан улахан тутулуктаах. Үөрэ-көтө, сэргэхтик сырыттахха, тулан эмиэ оннук сырдык буолар.
Сэмсэ тыл
Альберт Соров, каадыры бэлэмниир киин салайааччыта, профессиональнай үөрэхтээһин туйгуна:
- Мин Сахаайаны 1993 сылтан билэбин. Талааннаах, сэргэх кыыһы биһиги сонургуу көрбүппүт. Кэлин кини улахан үөрэхтэри бүтэрэн, эбиллэн саха эстрадатын «примадонната» диэн ааттанан айа-тута сылдьарынан киэн туттабыт. Олус элэккэй, аһыныгас майгылаах. Хас кэнсиэриттэн киирбит үбүн аҥарын аһымал көмө оҥорон инбэлиит, ыарыһах, тулаайах оҕолорго биэрэрэ үгүс ырыаһыттарга холобур эрэ буолар кыахтаах. Сахаайаны норуот ылынар уонна убаастыыр.
Ульяна ЗАХАРОВА.
Виктор Ли-Фу хаартыскаҕа түһэриитэ.