Санкт- Петербург куоракка «Северная столица» полумарафон түмүктэннэ. Кыттааччылар Дыбарыас болуоссатыттан 10, эбэтэр 21,1 килэмиэтир дистанцияны сүүрдүлэр. Тэрээһиҥҥэ 11 тыһыынчаттан тахса араас саастаах, физическэй бэлэмнээх киһи кытынна.
Сүүрүүгэ Петербург вице- губернатора Борис Пиотровскай, ону тэҥэ биллэр футболист Алексей Смертин кытыннылар. Быйыл маршрут Казань собуор, Петропавловскай кириэппэс, Ростральнай колонналар, Адмиралтейство уонна Исаакиевскай собуору таһынан биир эргимтэҕэ ыытылынна. Полумарафон номнуо алтыс төгүлүн буолан ааста.
10 килэмиэтири сүүрэн, бастакынан биир дойдулаахпыт Артур Бурцев финишкэ кэллэ! Кини — ааспыт сылга Бороҕоҥҥо ыытыллыбыт Саха сирин норуоттарын успуорка оонньууларын кыайыылааҕа. Артур уруккуттан Санкт- Петербурга олорор, сүүрүүннэн утумнаахтык дьарыктанар. Ону таһынан, чэпчэки атлетикаҕа тириэньэр буолар.